Арктика туруктаах сайдыыта

Share

Ааспыт нэдиэлэҕэ IV норуоттар икки ардыларынааҕа Хотугу сир туруктаах сайдыытын пуорума тигинэччи үлэлээн ааста.

Бүгүҥҥү күҥҥэ хотугу уонна Арктика эрэгийиэннэрин туруктаахтык сайыннарыы киэҥ да­­лааһыннааҕынан, аан дойду ааттаахтара бииргэ түмсэн үлэлээһиннэрин эрэйэр. Биир өттүнэн, Арктика эрэгийиэнин балысханнык баһылааһын – кэскиллээх суол. Оттон атын өттүттэн – Арктика кэбирэх экосистемалааҕынан, уйан айылҕалааҕынан Саха сиригэр уонна Илин Уһук эрэгийиэннэригэр эрэ буолбакка, уларыйыылар бүтүн аан дойду дьонун олоҕор атыннык дьайыахтарын сөп.

Пуорум чэрчитинэн киэҥ далааһыннаах элбэх тэрээһин ыытыллар. Быйылгы «Арктика эниэргийэтэ: саҥа ыҥырыы, саҥа быһаарыылар уонна технологиялар» диэн ааттанна. Аата да этэрин курдук, Арктика турук­таах сайдыытыгар энэргиэтикэҕэ туһуланар саҥа технологияларга болҕомто ууруллар. Бу күннэргэ сүрүннээн биэс тиэмэнэн үлэ барар: «Арктика эниэргийэтэ – саҥа быһаарыныылар, техноло­гиялар», «Арктикаҕа – киһи», «Хоту сир уонна Арктика туруктаах сайдыытыгар бииргэ үлэлээһин», «Хотугу пуорум: аан дойдутааҕы бэбиэскэҕэ – эрэги­йиэннэр куоластара», «Ыччат Хотугу пуорума».  Киэҥ хабааннаах бу тэрээһиҥҥэ 700-тэн тахса киһи, ол иһигэр Арассыыйа  уонча  эрэгийиэниттэн, 8 атын дойдуттан кытталлар.

Сөбүлэһиилэр

Пуорум түмүгүнэн сөбүлэ­һиилэр түһэрсиллэн, Арктика сайдыытыгар саҥа саҕахтар арыллыахтара. Билигин аан дойду ырыынагар буола турар улары­йыылар, чуолаан, эниэрги­йэҕэ наадыйыы, технологиялар көдьүүстэрин үрдэтии, экологическай нуормалары кытаатыннарыы – бу барыта энэргиэтикэ бигэ туруктаах буолуутун хааччы­йыыны ирдиир. Ол сиэринэн, пуорум бастакы күнүгэр «Арктика эниэргийэтэ – саҥа быһаарыныылар, технологиялар» тиэ­мэлээн бу боппуруостары дойду лиидэрдэрэ, дьыалабыай эргим­тэлэрэ уонна наука үлэһиттэрэ дьүүллэстилэр.

Арктика биһиги дойдубут стратегическай национальнай интэриэстэрин зонатынан буолар уонна, бастатан туран, Арассыыйа экэниэмикэтигэр, кини энэргэ­тиичэскэй комплексыгар инновационнай сайдыы полигонунан буолар диэн бэлиэтээтилэр. Энэргиэтикэни дьон олоҕун кытары биир тиһик курдук көрөн, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыл­лаахтык сыһыаннаһан дьоһун­наах дьаһалларынан салайтарыахтаахпытын бу күннэргэ элбэхтик эттилэр. Арктикаҕа туһалаах баайы хостооһун, таһыы, каадыры бэлэмнээһин, исписэлиистэри тардыы, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии, технологиялар уонна туруктаах сайдыы тула кэпсэттилэр, кыһалҕаны дьүүллэстилэр.

Бастакы күн үлэтин чэрчитинэн, бииргэ үлэлээһиҥҥэ биэс сөбүлэһиигэ илии баттанна. Хотугу пуорум «Вызов времени: от локальности к до глобальности» губернатордар III саммитыгар улахан кэпсэтии таҕыста. Манна аан дойдуга буола турар геополитическай сүдү улары­йыылар усулуобуйаларыгар Хотугу пуорум чэрчитинэн эрэгийиэннэр икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһин сайдыытын, инники кыахтарын, кэскилин уонна хайысхатын дьүүл­лэстилэр. Мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук губернатора Дмитрий Артюхов, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук губернатора Наталья Комарова, Арассыыйа МИД посола Николай Корчунов, Хотугу пуорум дириэктэрэ Владимир Васильев кытыннылар.

Пуорум чэрчитинэн, туруктаах сайдыыга аналлаах эрэги­йиэннээҕи, аан дойдутааҕы кэскиллээх научнай, научнай-чинчийэр, научнай-практическай бырайыактары көрдөрдүлэр.  GALAD Green Line генеральнай дириэктэрэ Владислав Терехов, инноватор, энергоэффективнай тутуу эйгэтигэр патеннар ааптардара, «Теплориум» ААУо генеральнай дириэктэрэ Анатолий Федоров,  «Вездеходы «Бурлак» кэмиэрчэскэй дириэктэрэ Роман Панкратьев, «Пора роста» ЦДМ салайааччыта Алена Корнилова, «МультиДиТек» хампаанньа төрүттээччитэ Таисия Тарабукина бэйэлэрин үлэлэрин хамнастарын туһунан кэпсээтилэр.

Киһи

Биир кэрэхсэбиллээх тэрээһининэн «Арктикаҕа киһи олохсуйуута» кэпсэтии былаһаакката буолла. Уһук Хоту сир усулуобуйатыгар олохсуйуу улахан тургутуунан буолар, киһи этэ-хаана сайдарыгар тымныы сабыдыала, ас-үөл уратыта, тулалыыр эйгэни бырамыысыланнас буортулааһына курдук кыһалҕа элбэх. Онуоха саҥа аныгылыы оҥоһуулаах технологиялар, үлэ көрүҥнэрэ киирэ тураллар, киһи доруобуйатыгар, олоҕор тулалыыр эйгэ, килиимэт сабыдыалын, Хоту тымныы усулуобуйатыгар күн ыстаансыйаларын көдьүүһүн сыаналааһын туһунан дьүүллэстилэр, санааларын үллэһиннилэр.

«Арктикаҕа туризмы турук­таах сайыннарыы: экология уонна инвестиция икки ардыларыгар баланс» диэн “төгүрүк остуолга” кэпсэттилэр. Чукотка автономнай уокуругун көҕүлээһининэн Хотугу пуорум иһинэн туризмы сайыннарыыга оро­буочай бөлөх тэриллибитэ. Сүрүн сыалынан Арктика ураты ту­­ристическай кыаҕын арыйыы, туризм эйгэтигэр эбии сүүрээннэри киллэрии, үлэни салайыы уонна инвести­цияны тардыы буолар.

Наука

«Наука уонна технология сайдыыта – Арассыыйа Арктикатын баһылааһын ту­­таах хайысхаларыттан биирдэстэрэ. Уһун кэмҥэ Арктикаҕа улахан чинчийии ыытыллыбакка, умнулла быһыытыйан баран, “иккис тыын ылан” наука төннөн эрэр диэххэ сөп. Ол курдук, Арассыыйаҕа национальнай куттал суох буолуутун бөҕөргөтүүгэ, туруктаах научнай-технологическай, социальнай-экэнэ­миичэскэй уонна култуура сайдыытыгар улахан суолталаах саҥа билиилэри ылыыга туһуламмыт уһун болдьохтоох бырагы­раама ылылынна. Онно Арктиканы үөрэтиигэ уонна баһылааһыҥҥа туһуламмыт чинчийиилэргэ ураты болҕомто уурулунна.

Оттон «Арктика зонатыгар инновационнай технология» “төгүрүк остуолга” научнай-технологическай сайдыы, иннова­циялар, аныгы кэм уматыга, о.д.а. боппуруостар дьүүллэһилиннилэр. Уларыйыы-тэлэрийии усулуобуйатыгар Хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах но­­руоттарын тылларын харыс­тааһын уонна ревитализация­лааһын (тилиннэрии) кыһалҕата эмиэ сытыытык турар. Саха сирин норуоттарын тылларын оннунан хаалларыы, сайыннарыы мэхэньиисимин оҥоруу наадатын кытары эттилэр.

Ыччат даҕаны туора туран хаалбата, киниэхэ аналлаах араас тэрээһин барда, үгүстэри Ыччат хотугу пуорума түмтэ. «Цифровизация, инновация уонна технологическай ур­­баан» кэпсэтиигэ санааларын үллэһиннилэр.

Олох билигин тэтимнээхтик сайдар, уларыйар. Хоту сир уонна Арктика бэйэтин тус уратытын, айылҕатын харыстыырга анаан саҥа технологиялары сайыннаран, сыыппара эйгэтигэр хаалларарга үлэлэһиэххэ диэн санаа эмиэ этилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

33 минуты ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

15 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

15 часов ago