Арктика улуустарыгар айан төлөбүрэ ыараханын бэркэ билэҕит. Онон Арктика улуустарын оҕолоро официальнай тэрээһиннэргэ баралларыгар-кэлэллэригэр айан төлөбүрүн уйунарга быһаарбыттар.
Арктика улуустарын оҕолорун интеллектуальнай уонна айар, эти-хааны эрчийиинэн итиэннэ успуордунан, билиминэн (научнай-чинчийэр), инженернэй-тэхиньиичэскэй, саҥаны айан таһаарыыга, дьоҕурдарын, интэриэстэрин көҕүлүүр, өйүүр инниттэн, өрөспүүбүлүкэ официальнай тэрээһиннэригэр айаннарын төлөбүрүн уйунар туһунан Бырабыыталыстыба уурааҕа бигэргэммит. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков телеграмҥа ханаалыгар суруйар.
“Биһиги хас биирдии оҕо бэйэтин кыаҕын арыйар усулуобуйаны тэрийэргэ дьулуһабыт. Оҕолорбут билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэр, сатабылларын үрдэтэр, ону тэҥэ, билимҥэ, айар эйгэҕэ уонна успуорка бэйэлэрин ситиһиилэрин үллэстэр кыахтаныахтара. Бу кинилэр тус сайдыыларыгар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ туһалыаҕа, оҕолорбут —Саха сирин кэскиллэрэ”, — диэн бэрэссэдээтэл санаатын үллэстэр.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…