Арктика улуустарыгар 23 саҥа дьиэ тутуллуоҕа
Сэбиэскэй кэм кэнниттэн уонунан сылларга Арктикаҕа тутуу барбатаҕын кэриэтэ этэ. Тоҕото өйдөнөр, хоту улуустарга тутуу матырыйаалын тиэрдии олус сыаналаах, тутарга да уустук. 2019 сылтан бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Жилье и городская среда» диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн, хоту дойдуга тутуу сөргүтүллүбүтэ.
Билигин тутуу тохтообокко, тигинэччи ыытыллар. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү, аныгылыы тупсаҕай көстүүлээх, толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутуу — бу соруктар туолан иһэллэр. Быйыл 11 арктическай улууска 19 тыһыынча кв.м. иэннээх 23 саҥа дьиэ тутуллан киириэхтээх.
2019 сылтан элбэх кыбартыыралаах уонна чааһынай дьиэлэри тутан киллэрэн, Арктика улуустарыгар барыта 89,894 тыһыынча кв.м. олорор дьиэ тутулунна. Бу улахан ситиһии. Хоту сир олохтоохторо маны барытын бэйэлэрэ көрө-истэ сылдьаллар, сэмээр үөрэллэр.
«ТСК+» хампаанньа Дьааҥы улууһун Сайдыы бөһүөлэгэр 80/40 миэстэлээх оскуола-саады тута сылдьар. Бу иннинэ Алдаҥҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутан киллэрбитэ. Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Николай Эдигаров хоту улууска тутуу уустуктарын туһунан санаатын үллэстэр:
— Хоту улуустарга логистика инфраструктурата сайдыбатах, дьыала саамай уустуга манна сытар. Навигацияҕа тутуу матырыйаалларын тиэрдии олус уустук. Таһаҕаһы пуортарга харайыыга хаалларан баран, кыһыҥҥы суолунан тиэрдэргэ күһэллэҕин. Манна биир сылыҥ сүтэрин таһынан, таһыыга-тиэйиигэ, харайыыга эмиэ эбии ороскуоту уйунаҕын. Хотугу өрүстэргэ таһаҕаһы таһыы сайын саҕаланыыта эрэ, бэрт кылгас кэмҥэ буолар, хойутаатаххына, эмиэ сүтэрэриҥ элбэх. Онон сүрүннээн кыһыҥҥы суолунан кылгас кэм иһигэр тиэрдиллэр. Холобур, Сайдыыга диэри кыһыҥҥы суол кулун тутар ый бүтүүтэ сабыллар.
Уһук Хоту сирдэригэр тутууга кэлимник сыһыаннаһыахха наада, элбэх ымпыктаах-чымпыктаах. Былаас уорганнарын кытта үлэ чуолкай буолуохтаах, холобур, үбүлээһин биир нэдиэлэ хойутаата да, тутуу болдьоҕо барыта «алдьаныан» сөп.
Хоту сиргэ тутуу технологиятыгар ирдэбиллэр уратылаахтар. Бырайыактыыр дьон ону учуоттуохтарын наада. Биир холобуру аҕалыым. Оскуола-саад тас өттө керамогранитынан бүрүллүөхтээх. Ол гынан баран, бу кэбирэх матырыйаалы суолунан алдьаппакка тиэрдии олус уустук уонна, биллэн турар, сыаната лаппа ыарыыр. Онон биһиги «металлокассета» матырыйаалга уларытарга этии киллэрбиппит. Бу матырыйаалы миэстэтигэр да оҥоруохха сөп, олус табыгастаах.
Ону тэҥэ, бу ыраах сиргэ тутуу тиэхиньикэтин, анал тэриллэри тиэрдии эмиэ уустук дьыала. Ол да буоллар, тутааччылар да, өрөспүүбүлүкэ салалтата да хоту сиргэ саҥа эбийиэктэр, олорор дьиэлэр тутуллуохтаахтар диэн өйдүүбүт. Ол иһин тутууну болдьоҕор уонна хаачыстыбалаахтык киллэрэргэ кыһаллабыт. Бу уустук эрээри, кыаллар сорук. Саамай сүрүнэ, дьон махтала, олорор усулуобуйата тупсара буоллаҕа.
Николай Владимирович этэрэ оруннаах. Тутуу былаһааккатыгар үлэ куттала суох буолуутун хааччыйыы, тулалыыр эйгэни, култуура нэһилиэстибэтин харыстааһын — мантан да атын ураты ирдэбиллэр бааллар. Онон, Уһук Хоту тутууну ыытар уустук эрээри, саҥа технологиялары, аныгы матырыйааллары туһанан, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, тутууга үрдүк көрдөрүүлэри ситиһиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: