Арктика улуустарыгар “күөх рейсинэн” 140-тан тахса туонна таһаҕас таһылынна
Саха сиригэр Арктика улуустарыгар “күөх рейстэри” ыытыы салҕанар. Таһаҕас уу суола тиийбэт Анаабыр, Өлөөн, Эбээн Бытантай, Дьааҥы, Муома улуустарыгар ыытыллар диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Авиация көмөтүнэн хайыы үйэ 44 рейс оҥоһулунна, былааннаммыт 442 туоннаттан 140,8 туонна социальнай суолталаах ас-үөл тиийдэ.
“Дьокуускайтан Ан-26 сөмөлүөтүнэн биэс арктическай улуус кииннэригэр диэри 85,8 туонна таһаҕас тиэрдилиннэ, Ан-2 сөмөлүөтүнэн уонна Ми-8 бөртөлүөтүнэн тэйиччи сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга 54,8 туоннаны тиэйдибит”, — диэн кэпсээтэ “Арктическай атыы-эргиэн логистическай хампаанньата” АУо генеральнай дириэктэрэ Сайдам Степанов.
Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалаах сэл. баһылыга Лев Горохов иһитиннэрбитинэн, Ан-2 сөмөлүөтүнэн аһы-үөлү аҕалбыттар, ол иһигэр 1 туонна хортуоппуйу.
Билигин Дьааҥы, Индигиир, Халыма өрүстэр устун Ан-2 сөмөлүөтүнэн уонна Ми-8 бөртөлүөтүнэн улуус иһинээҕи рейстэр саҕаланнылар.
Арктическай атыы-эргиэн логистическай хампаанньаҕа эппиттэринэн, сыл бүтүөр диэри аччыгый авиациянан ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга 301,1 туонна таһаҕас тиэрдиллиэҕэ, ити 97 рейс.
Бу нэдиэлэҕэ алтынньы 27 күнүгэр диэри Эбээн Бытантай улууһун Баатаҕай Алыытыгар уонна Өлөөн улууһугар Ээйиккэ авиарейстэр бараллара былааннанар. Оттон алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр “күөх рейстэр” Баатаҕай Алыытыгар уонна Өлөөҥҥө барыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: