Арктика улуустарыгар “күөх рейсинэн” 140-тан тахса туонна таһаҕас таһылынна

Share

Саха сиригэр Арктика улуустарыгар “күөх рейстэри” ыытыы салҕанар. Таһаҕас уу суола тиийбэт Анаабыр, Өлөөн, Эбээн Бытантай, Дьааҥы, Муома улуустарыгар ыытыллар диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.  

Хаартыскалар: sakha.gov.ru саайтан

Авиация көмөтүнэн хайыы үйэ 44 рейс оҥоһулунна, былааннаммыт 442 туоннаттан 140,8 туонна социальнай суолталаах ас-үөл тиийдэ.

“Дьокуускайтан Ан-26 сөмөлүөтүнэн биэс арктическай улуус кииннэригэр диэри 85,8 туонна таһаҕас тиэрдилиннэ,  Ан-2 сөмөлүөтүнэн уонна Ми-8 бөртөлүөтүнэн тэйиччи сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга 54,8 туоннаны тиэйдибит”, — диэн кэпсээтэ “Арктическай атыы-эргиэн логистическай хампаанньата” АУо генеральнай дириэктэрэ Сайдам Степанов.

Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалаах сэл. баһылыга Лев Горохов иһитиннэрбитинэн, Ан-2 сөмөлүөтүнэн аһы-үөлү аҕалбыттар, ол иһигэр 1 туонна хортуоппуйу.

Билигин Дьааҥы, Индигиир, Халыма өрүстэр устун Ан-2 сөмөлүөтүнэн уонна Ми-8 бөртөлүөтүнэн улуус иһинээҕи рейстэр саҕаланнылар.

Арктическай атыы-эргиэн логистическай хампаанньаҕа эппиттэринэн, сыл бүтүөр диэри аччыгый авиациянан ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга 301,1 туонна таһаҕас тиэрдиллиэҕэ, ити 97 рейс.

Бу нэдиэлэҕэ алтынньы 27 күнүгэр диэри Эбээн Бытантай улууһун  Баатаҕай Алыытыгар уонна Өлөөн улууһугар Ээйиккэ  авиарейстэр бараллара былааннанар. Оттон алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр “күөх рейстэр” Баатаҕай Алыытыгар уонна Өлөөҥҥө барыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

11 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

11 часов ago