Арктика улуустарыгар «мобильнай дуоктардар» үлэлииллэр

Share

Быраастар биригээдэлэрэ кэлэллэр диэн сонуну ыраах улуустар, уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэр олохтоохторо үөрэ истэллэр. Онуоха маннык үлэ тиһиктээхтик салҕанара хайҕаллаах. 

Бу күннэргэ Үөһээ Халымаҕа, Усуйаанаҕа, Булуҥҥа, Аллараа Халымаҕа, Эбээн Бытантайга, Аллайыахаҕа үлэ күргүөмнээхтик ыытылла турар. Аллара Халымаҕа Андрюшкино уонна Халыма нэһилиэнньэлээх пууннара хабыллыбыттар.

«Аллараа Халымаҕа 254 киһи көрдөрдө, итинтэн отут аҕыһа оҕолор. Күн-дьыл туругуттан Халыма сэлиэнньэтигэр хаайтардыбыт«, — диэн  уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинискэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһын э.т. Юлия Спиридонова иһитиннэрэр.

Булуҥ улууһугар Сииктээххэ үлэлээн бараннар быраастар Күһүүргэ көппүттэр. Үөһээ Халымаҕа оҕо быраастара Угольнайга, Үөһээ Халымаҕа, Арыылаахха уонна Нелемнайга сылдьыбыттар.

Усуйаанаҕа быраастар Дьүкээгир, Тумат, Уйаандьы, Сайылык бөһүөлэктэригэр сылдьыбыттар. Барыта 148 киһини хаппыттар.

Аллайыахаҕа Чокуурдаахха үлэ бара турар. Былааҥҥа салгыы Русскай Устье, Чкалов, Оленегорскай бааллар.

Тиис быраастарын бөлөхтөрө бүгүн Усуйаана улууһун киин балыыһатыгар көтөллөр. Кинилэр салгыы Анаабырга, Өлөөҥҥө, Эбээн Бытантайга, Дьааҥыга үлэлиэхтэрэ.

Оҕолору көрө быраастар биригээдэлэрэ Дьааҥыга чугастааҕы күннэргэ барар былааннаах. Сэтинньигэ Орто Халымаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Усуйаанаҕа иккис түһүмэҕи түмүктүү көтөллөрө былааннанар. Оҕолор доруобуйаларын көрө Муомаҕа, Булуҥҥа Г.И.Турнер аатынан киин (НМИЦ) исписэлиистэрэ кыттыгастаах барыахтара.

Санатар буоллахха, арктическай мэдиссиинэ Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн 2023 сыл олунньу ыйтан саҕаламмыта. Тэриллибит биригээдэлэргэ хотугу, арктическай улуустарга суох испиэлиистэр киирэллэр. «Мобильнай дуоктардар» мэдиссиинэ көмөтүн арктическай улуустар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар оҥороллор. Бу «Доруобуйа» национальнай бырайыак сыалыгар-соругар толору эппиэттиир.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскалар мобильнай биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэриттэн.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Бырааттыы Бугаевтар уонна кинилэр ураты хорсун быһыылара

Сахабыт сирин араас улуустарыттан төрүттээх үлэһит дьон, кинилэр байыаннай дьайыыга ураты хорсун уонна дьоруойдуу быһыыны…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2026 сылга балтараа тыһыынчаттан аҕыйаҕа суох дьиэҕэ гаас киллэриллиэхтээх

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл түмүгүнэн эрэгийиэннээҕи валовой бородуукта ааспыт сылааҕы көрдөрүүтүн аһарыаҕа

Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аҕа көлүөнэ хорсун быһыытын байыаннай дьайыы буойуттара салгыыллар

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна

Саха сиригэр 2026 сыл  тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан 2026 сылы Култуура сылынан биллэрдэ

Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…

1 час ago