Арктика улуустарыгар субсидиялаах билиэттэр атыыга таҕыстылар
Арктика оройуоннарыгар көтүүгэ субсидиялаах билиэттэр атыыга таҕыстылар. Бу туһунан «Полярные авиалинии» АХ иһитиннэрэр.
Чэпчэтиилээх билиэтинэн тохсунньутан саҕалаан кулун тутар бүтүүтүгэр диэри туһаныллар.
Ол курдук чэпчэтиилээх билиэттэр 10 арктическай хайысханан атыыланаллар:
Дьокуускай -Баатаҕай — 9600 солк.
Дьокуускай -Зырянка — 12600 солк.
Дьокуускай -Сааскылах — 15500 солк.
Дьокуускай-Среднеколымскай — 14400 солк.
Дьокуускай-Тиксии — 12500 солк.
Дьокуускай-Белай Гора — 13900 солк.
Дьокуускай-Муома (Хонуу) — 10500 солк.
Дьокуускай-Саккырыыр — 9800 солк.
Дьокуускай-Эдьигээн — 9300 солк.
Дьокуускай -Уус Куйга — 11100 солк.
Cубсидия Саха сирин арктическай оройуоннарыгар бастайааннай пропискалаах дьоҥҥо итиэннэ «Земскэй дуоктар», «Земскэй учуутал», «Тыа сирин култууратын үлэһитэ» бырагыраамалар уонна учууталларга, миэдиктэргэ олорор дьиэнэн хааччыйыы эрэгийиэннээҕи бырагыраама кыттыылаахтарыгар атыыланар.
Маны таһынан «Якутия» АХ ахсынньы 18 күнүттэн субсидиялаах билиэттэри атыыга таһаарда:
Дьокуускай— Баатаҕай — 9600 солк.
Дьокуускай — Депутатскай — 11700 солк.
Дьокуускай— Өлөөн — 11700 солк.
Дьокуускай — Среднеколымскай — 14400 солк.
Дьокуускай — Тиксии — 12500 солк.
Дьокуускай — Черскэй — 17000 солк.
Дьокуускай — Чокуурдаах — 13500 солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: