Арктика улуустарыгар тутуллар атыы-логистическай кииннэрэ хотугу таһыы логистикатын уларытар

Share

Атыы-логистическай кииннэрэ (ТЛЦ) хотугу таһыы тирэх ситимин сүрүн күүһүнэн буолуохтаах. Кииннэр Хотугу муора суолугар тахсар Саха сирин суудуналар сылдьар өрүстэригэр баар нэһилиэнньэлээх пууннарга олохтоноллор.  

Уу тырааныспарынан элбэх таһаҕаһы тиэйии суотугар логистика схемата уларыйан, Арктика оройуоннарыгар атыы-логистическай кииннэрин тутуу уонна ыскалааттары элбэтии Арктикаҕа аһы-үөлү тиэрдии кээмэйин элбэтэр кыахтаах. Ол курдук, номнуо былырыын уу суолун кэмигэр аһылык көрүҥэр таһаҕаһы таһыы кээмэйэ икки төгүл эбиллибит.

Логистика атын саҥа схемалара эмиэ туһаныллаллар. “Холобур, Халыма бөлөҕүн улуустарыгар атыы-логистическай киинин тутуу, былырыы кыра суудуналары туһунан Халыма өрүһүнэн Магаданскай уобалас Сеймчан бөһүөлэгинэн, Приморскай кыраайтан аһы-үөлү тиэрдиигэ саҥа схеманы арыйар кыаҕы үөскэттэ. Өскөтүн былырыын тустаах схема Зырянканы уонна Орто Халыманы эрэ хаппыт буоллаҕына, быйыл  эрдэ уу суола аһыллыыта Халыма өрүһүнэн Колымскай сэлиэнньэни таарыйан, Черскэй бөһүөлэккэ эмиэ ас-үөл тиэрдиллиэҕэ”, — диэн “Якутоптторг” АУо генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Сайдам Степанов иһитиннэрдэ.

Арктиканы сайыннарыыны дойду уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата инники күөҥҥэ туталлар. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктиканы баһылааһын туох да мөккүөрэ суох инники тутулларын эппитэ, бу макроэрэгийиэн оборуонаҕа, логистикаҕа уонна энергетичэскэй кыахха суолталааҕын бэлиэтээбитэ. “Арктика зоната Арассыыйаҕа стартегическай суолталаах. Бу баараҕай экэнэмиичэскэй кыахтаах эрэгийиэн. Онон салгыы баһылааһын уонна бу сиргэ усулуобуйаны тэрийии – туох да мөккүөрэ суох инники күөҥҥэ турар”, — диэн судаарыстыба баһылыга эппитэ.

Атыы-логистическай кииннэрэ Саха сиригэр 2021 сылтан Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, дойду баһылыга туруорбут инники күөҥҥэ тутуллар соруктарын толоруу иитинэн тутуллар. Бүгүҥҥүтэ номнуо 8 киин үлэлиир, 2025 сылга диэри бары 13 Арктика улууһугар тутуллуохтаах.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

6 часов ago