Арктикаҕа 10 тыһыынчаттан тахса туонна ас- үөл тиэрдиллиэ

Арктикаҕа 10 тыһыынчаттан тахса туонна ас- үөл тиэрдиллиэ

Ааптар:
19.10.2023, 16:40
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Авиатордар Арктикаҕа уонна уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ 160 туоннаттан тахса социальнай суолталаах аһы-үөлү тиэрдэр туһуттан, 58 салгын аалынан рейс оҥордулар.

Ас-үөл «Якутоптторг» ситимигэр, эргиэн-логистика кииннэрин киллэрэн туран тиэрдиллэр. Ол курдук, салгын аалынан уопсайа 416,9 туонна ас-үөл арааһа Арктика оройуоннарыгар тиэрдиллэрэ былааннанар. Быйыл 1,7 тыһ. туонна былааннаммыт буоллаҕына, таһаҕас таһыытын кэмигэр, 2,6 тыһ. туонна социальнай суолталаах ас-үөл тиэйилиннэ. Сыл бүтүөр диэри тырааныспар араас көрүҥүнэн бородууксуйаны таһыы кээмэйэ 10,7 тыһ. туонна буолуоҕа.

Магадан уобалаһыттан Халыма өрүһүнэн анал дьоҕус катердарынан аһы-үөлү таһыы быраактыкатын сөбүлээбиттэр. Тиэйии саҥа схемата тырааныспар ороскуотун намтатара уонна тиэйиллэр бородууксуйа кээмэйин улаатыннарарга кыаҕы биэрэрэ бэлиэтэммит. Ол курдук, дьоҕус суудуналар Халыма оройуоннарын бөлөҕөр 114,3 туонна ас-үөл арааһын тиэрдибиттэрэ, салгын аалынан 25 рейс оҥорон таспыкка тэҥнээҕэ быһаарыллыбыт.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ Арктическай оройуоннарыгар эргиэн-логистика кииннэрэ  «2035 сылга диэри кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арктическай зонатын социальнай- экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятын туһунан» Ил Дархан Ыйааҕын чэрчитинэн тэриллэллэр. Айсен Николаев сорудаҕынан 2025 сыл бүтүөр диэри эргиэн-логистика кииннэрэ өрөспүүбүлүкэ 13 оройуонугар баар буолуохтаахтар. Билиҥҥи туругунан Абыйга, Усуйаанаҕа, Аллараа Халымаҕа, Анаабырга, Орто Халымаҕа, Дьааҥыга үлэлииллэр. Маны сэргэ, быйыл сыл бүтүөр диэри өссө Эдьигээҥҥэ уонна Тиксиигэ атыы-эргиэн кииннэрэ аһыллаллара күүтүллэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: