Арктикаҕа бииргэ үлэлээтэххэ эрэ түмүктээх дьыала ситиһиллиэ

Арктикаҕа бииргэ үлэлээтэххэ эрэ түмүктээх дьыала ситиһиллиэ

19.12.2024, 20:53
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Константин Роббек, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох хотугу норуоттар бырааптарыгар боломуочунай:

— Ил Дархан туһаайан этиитин иһиттибит. Олохпут бары хайысхатын барытын таарыйда, ол онтон Арктикаҕа сыһыаннааҕы эттэххэ, министиэристибэлэр, улуус дьаһалталара, тэрилтэлэр бары бииргэ үлэлээтэххитинэ түмүктээх дьыала ситиһиллиэ диэн эттэ. Төрүт тылларга болҕомто уурбутун олус сэргии иһиттим, урут  аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларыгар кыһалҕа баар этэ, билигин ити саха тылыгар эмиэ турбут. Онон Үөрэх министиэристибэтигэр быһаччы сорудахтар бэриллибиттэрэ — үчүгэй. Итинник этэн туран, 2025 сылга Ил Дархаммыт туруорбут соруктарынан бука бары — бырабыыталыстыба, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, хас биирдиибит ылсан үлэлээтэхпитинэ, үчүгэй хамсааһын тахсыа дии саныыбын.

Бары сонуннар
Салгыы
20 апреля
  • 6°C
  • Ощущается: 4°Влажность: 52% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: