Арктикаҕа навигация түмүктэнэн эрэр
Арктикатааҕы навигация хаамыытын бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар Саха сирин вице-премьерэ Дмитрий Садовников хонтуруоллаата.
Арктика өрүстэринэн олоххо-дьаһахха наадалаах таһаҕаһы тиэйии былаана 2024 сылга 356,7 тыһ. туоннаҕа тэҥнэһэр.
Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистирэ Дмитрий Лепчиков этэринэн, бүгүн 345 тыһ. туонна тиэрдиллибит (96,7 быр.).
Кини итини тэҥэ Дьааҥы, Индигиир өрүстэринэн тиэйии түмүктэммитин, бары таһаҕас тиийиэхтээх сиригэр тиийбитин туһунан бэлиэтээтэ.
Халыма өрүскэ “Сахаэнерго” АУо наадыйыытыгар Черскэйгэ уонна Зырянкаҕа ньиэп бородууктатын тиэйии түмүктэнэр. “Андрей Первозваннай” муора суудунатыттан Л-2063 танкерга “Сахаэнерго” АО-ҕа анаан 2,8 тыһ туонна ньиэп бородууктатын сүөкээтилэр. Суудуна Тиксиигэ бу күннэргэ тиийиэҕэ. Сүөкэнэн баран суудуна кыстыыр сиригэр барыаҕа. Манан Арктика навигацията түмүктэниэҕэ.
Саха сиригэр уунан тиэйии саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ наадыйыытыгар 1 мөл 159 тыһ. туонна тиэйилиннэ.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр навигация ыам ыйыгар саҕаланар уонна алтынньы ортотугар түмүктэнэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: