Салгыы
Арктикаҕа оптика утаҕа тардылыннаҕына тарыып быдан чэпчиэҕэ

Арктикаҕа оптика утаҕа тардылыннаҕына тарыып быдан чэпчиэҕэ

15.12.2022, 08:00
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ  Федерация Сэбиэтин  535-с пленарнай мунньаҕар,  «Арассыыйа Федерациятын субъегын чааһыгар» Ил Дархан Айсен Николаев «Синергия Арктики» бырайыак туһунан билиһиннэрбитэ.

«Синергия Арктики» бырайыакка олоҕуран  эрэгийиэҥҥэ ВОЛС ситимэ тутуллуохтаах. Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, өрөспүүбүлүкэ арктическай оройуоннарыгар оптика ситимэ тардылыннаҕына, интэриниэккэ холбонуу сыаната сүүс төгүл намтыахтаах.

Манна туһаайан СӨ цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов телеграмҥа:

—  Арктика оройуоннарыгар оптоволоконнай сибээс ситимэ тардылыннаҕына, тарыып 100 төгүл намтыаҕа. Холобурга, Өлөөн сэлиэнньэтин ылыахха. Манна оптика 2020 сыллаахха ахсынньыга кэлбитэ. Мегабит сыаната 10 тыһ.  солкуобайтан 60 солкуобайга диэри намтаабыта. Ол эбэтэр 166 төгүл аҕыйаабыт.  Сааскылаахха оптика  сэтинньигэ кэлбитэ. Манна эмиэ тарыып намтаата уонна сибээс ханааллара кэҥээтэ. Онон  «Синергия Арктики» бырайыагынан ВОЛС Баатаҕайга, Хонууга, Орто Халымаҕа, Зырянкаҕа, Эдьигээҥҥэ, Тиксиигэ, Депутатскайга, Белай Гораҕа, Черскэйгэ, Баатаҕай Алыытыгар, Чокуурдаахха кэллэҕинэ, тарыып ортотунан 100 төгүл аччыаҕа, — диэн суруйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: