Арктиканы сайыннарыы – сүрүн болҕомтоҕо
Ил Дархан Айсен Николаев б.дь. кулун тутар 12 күнүгэр “СӨ Арктическай зонатыгар СӨ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин сүрүн хайысхаларын туһунан” суолталаах ыйаахха илии баттаабыта.
Саха сирин Арктическай зонатыгар 13 улуус киирэр: Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай.
Үс сүрүн хайысха
Арктика зоната дойду сайдыытыгар стратегическай суолталааҕын дойду үрдүкү салалтата бэлиэтээн турар. Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһааннаах территория уратыта улахан болҕомтону эрэйэрин учуоттаан, Ил Дархан бу суолталаах ыйааҕыгар 2030 сылга диэри үс сүрүн хайысханы сайыннарыы соруктарын бэлиэтээтэ:
- Нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын таһымын үрдэтии.
- Социальнай инфраструктураны саҥардыы уонна Арктическай зона нэһилиэнньэтин ахсаанын элбэтиигэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийии.
- Сүрүн хапытаалга инвестиция кээмэйин биэс төгүл улаатыннарыы.
Интэриниэт ситимин олоххо киллэрии
Ыйаах хас биирдии хайысхатыгар эрэгийиэннээҕи бырабыыталыстыбаҕа чопчу соруктары толоруу ыйыллыбыт. Ол курдук, холобур, сыыппара, интэриниэт ситимигэр:
– бары Арктическай оройуоннарга ИT-кииннэри тэрийии;
– Арктика улуустарын кииннэригэр түргэн интэриниэт холбонуутун ситиһии;
– 2026 сылга диэри мэдиссиинэ уонна үөрэх тэрилтэлэрин түргэн интэриниэт ситимигэр холбооһун;
– ыраах сирдэри, ол иһигэр көһө сылдьар оскуолалары куйаар ситиминэн үөрэтиини 2025 сылтан, орто анал үөрэхтээһин бырагыраамаларын – 2024 сылтан олоххо киллэриини ситиһии.
Чопчуламмыт соруктар
Арктическай оройуоннарга олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыы 2030 сылга икки төгүл улаатыаҕа. Олорор дьиэни тутууга тутуу матырыйаалын тиэйии бүддьүөттэн субсидияланыаҕа. 2025 сылтан олохтоох сонор бородууксуйатын уонна сир аһын тутуу тэрээһиннээхтик ыытыллыаҕа. Арктика оройуоннарыгар сылдьарга эрэйдээх, уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннар 60 бырыһыаннарын пассажирдары таһыынан хааччыйыы барыаҕа. Айан-сырыы уустук сирдэригэр олорор нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторун эминэн-томунан хааччыйыы бырайыага олоххо киириэҕэ. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр элбэх өҥөнү оҥорор биэстэн итэҕэһэ суох кииннэри тутуу соруга турар. Арктическай зона 80 бырыһыантан итэҕэһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннара сыыппара араадьыйатынан уонна аччыгый долгуннаах араадьыйа сибээһинэн хааччыллыахтара. Култуура уонна успуорт сайдыыларыгар туһуламмыт бырайыактары үлэлэтии, биллэн турар, духуобунаһы сайыннарыыга уонна чөл олоҕу тутуһууга туһуланыаҕа.
Суолталаах ыйаах олоххо киириитэ, биллэн турар, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салалталарын уонна улуус баһылыктарын үлэлэриттэн тутулуктааҕа биллэр суол. Маныаха тустаах салайааччылар санааларын ыйыттыбыт.
Елена Голомарева, Ил Түмэн Төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Бу күннэргэ биһиги сис кэмитиэппит тэрийиитинэн норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, улуус баһылыктара, исписэлиистэрэ, фармацевтар кыттыылаах Ил Түмэҥҥэ Арктика улуустарын эминэн хааччыйыы боппуруоһугар муниципальнай чааһы ыыттыбыт. “Сахафармация” АУо генеральнай дириэктэрэ Степан Кусатов кэккэ этиилэри киллэрдэ: эми атыылаһыыга эргийэ сылдьар харчыны бүддьүөттэн хааччыйыы; кууһунан эми атыылаһарга бааннарга намыһах ыстаапкалаах кирэдьииттэри олохтооһун, онно анал бырагыраама толкуйдуурга; эмтиэкэ арыныан баҕалаахтарга бырыһыана суох тус сыаллаах кирэдьиит олохтооһунун, түргэн интэриниэт сибээһинэн хааччыйыыны, эми улууска тириэрдиигэ көһө сылдьар мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорор биригээдэлэрин, «Якутоптторг» тэрилтэни сыһыарыы; эми таһыыга тахсыбыт ороскуоту бүддьүөттэн толуйуу; улуустар сайаапкаларынан фармацевтары бэлэмнээһин. Онон эминэн-томунан хааччыллыы боппуруоһа Ил Дархан ыйааҕын толоруу быһыытынан олоххо киирэригэр улахан эрэллээхпит.
Афанасий Ноев, СӨ култууратын уонна духуобунаһын сайдыытын миниистирэ:
– Бу күннэргэ Орто Халыма улууһугар оробуочай командировкаҕа баран кэллим. Арктическай улуустарга аҕыйах ахсааннаах норуоттары тэҥэ бэйэлэрин төрүт култуураларын, фольклордарын, төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьар араас омук дьоно үйэ саас тухары хоту сиргэ бииргэ сомоҕолоһон олорон, харыстаан, сайыннаран илдьэ сылдьаллар. Билиҥҥи уустук кэмҥэ ону суолталаан, болҕомто ууран туран, духуобунас, сиэр-майгы, төрөөбүт тылы харыстааһын, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, дьиэ кэргэн сыаннастарын эмиэ сөргүтүүгэ туһуламмыт бырайыактары олоххо киллэрии кэм ирдэбилинэн буолла. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ Арктическай зонатыгар өйөбүл сүрүн хайысхаларын торумугар култуураҕа уонна духуобунаска сыһыаннаан ити саҕахтары сайыннарыыга туһаайда. Орто Халыма улууһун култуураҕа уонна духуобунаска ыытар үлэлэрин үөрэтэн, көрөн-истэн баран, үлэ уопутун атын арктическай улуустарга сыһыаннаан, араас дириҥ ис хоһоонноох бырайыактары олоххо киллэриигэ үлэлэһиэхпит.
Эдуард Платонов, Анаабыр улууһун баһылыга:
– Ил Дархан Айсен Николаев олорор дьиэни тутууга тутуу матырыйаалын тиэйии бүддьүөттэн субсидияланарын Арктика оройуоннарыгар өйөбүл туһунан саҥа ыйааҕар анаан бэлиэтээбитин улуус олохтоохторо олус үөрэ ылынныбыт. Айан-сырыы уустугуттан биһиэхэ тутуу хампаанньалара кэлиилэрэ ыарахаттардаах. Ол да иһин киин улуустарга тэҥнээтэххэ, тутуу олус бытааннык барар. Онон бу ыйаахха олоҕуран, тутуу матырыйаалыгар чэпчэтии оҥоһулуннаҕына, хаарбах дьиэлэртэн да көһүү бырагыраамата олоххо киирэригэр, национальнай бырайыактар да тутуулара тэтимирэригэр сайдыы олуга ууруллуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: