Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин үрдүгэр ураһа туруоран эрэллэр
Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка баар Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин үрдүгэр 52 туонна ыйааһыннаах биир ураһа алын чааһын туруордулар диэн «ВИС» бөлөххө сигэнэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Саха былыргы сайыҥҥы дьиэтин ураһаны көрдөрөр үс конструкция Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин киэргэтиэхтэрэ. Дьиэ үрдүгэр дьоҕус ураһа номнуо туруоруллубут, «ВИС» бөлөх бүгүн 75 туонналаах ураһаны туруора сылдьар.
Хас биирдии ураһа тутуута түһүмэҕинэн ыытыллар: тимир дьардьаманы туруоруу, биэс араҥа сабыыны таҥыы, бүтэһигэр ураһалары бүрүйэр хатыҥ мас туоһугар майгынныыр үрүҥ дьүһүннээх тигии панеллары туһанар былааннаахтар. Уопсайынан, конструкция уопсай ыйааһына 140 туоннаҕа тэҥнэһиэҕэ.
«ВИС» бөлөх бырайыагын дириэктэрэ Владимир Наханьков бэлиэтээбитинэн, учаастакка монолит үлэтэ түмүктэннэ, дьиэ үрдүн бүрүйүү үлэтэ бүтэн эрэр, фасад оҥоһулунна. Эбийиэккэ сылаас киирдэ.
«Бу тутуу сезонугар эбийиэк тас өттүн бүтэрэри ситистибит, ол эбийиэги кэмигэр туттарар, кыһыҥҥы кэмҥэ инженернэй уонна ситэрэр үлэни салгыы ыытар кыаҕы биэрэр», — диэн Владимир Наханьков эттэ.
Тутууга 300-тэн тахса киһи уонна 12 тиэхиньикэ үлэлиир.
Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинэ Саха сирин норуоттарын эпическэй нэһилиэстибэлэрин уонна өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын, куораттарын айар кэллэктииптэрин түмсэр былаһааккаларынан буолуоҕа.
Биир кэлим комплекска уопсайа 1530 миэстэлээх филармония, Эпос киинэ баар буолуохтара уонна аныгы оборудованиенан хааччыллыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: