Арктикатааҕы Эпос уонна култуура киинин үрдүгэр тимир куупаллары таҥан туруордулар
Дьокуускайга тутулла турар Арктикатааҕы эпос, култуура киинин үрдүгэр үһүс ураһа тимир каркааһын таҥан бүтэрдилэр диэн “ВИС” бөлөх иһитиннэрдэ.
Ол курдук, эбийиэк каркааһа бүтүннүү оҥоһулунна, онно үс ураһа уонна дьиэ үрдүгэр күөлү санатар дьэҥкир куупал баар буолуохтара. Үс конструкция уопсай ыйааһыннара 140 туонна.
Ураһаларга тыйаатырдар улахан уонна кыра саалалара, ону тэҥэ мультимедийнай саала баар. Кинилэр диаметрдара 15,6-тан 27,4 миэтэрэҕэ диэри халбаҥныыр, киин ураһа саамай үрдүк чыпчаала сиртэн 39 миэтэрэҕэ тиийэр.
Арктикатааҕы эпос, култуура киинин үрдэ ыалдьыттары күүлэйдэтэргэ уонна тэрээһиннэри ыытарга аналлаах туспа хааччыллыылаах сир буолуоҕа. Манна таастартан турар саад, “үрүҥ көмүс күөл” уонна амфитеатр баар буолуохтара. Дьиэ үрдүн уопсай иэнэ 9 тыһыынча квадратнай миэтэрэттэн тахса. Маннык аһаҕас халлаан анныгар үөһэттэн көрөр былаһаакка Дьокуускайга урут суох этэ.
Култуурунай кластер сыста сытар сиригэр эмиэ саҥа сынньалаҥ зоналара тэриллэн эрэллэр. Күүстээх тымныылар саҕалана иликтэринэ, Сайсары күөл тумуһаҕын тупсарыы түмүктэннэ. Манна сатыы дьон сылдьар сиригэр брусчатка уурулунна, банаардары туруордулар.
Арктика киинин тутуу уопсай бэлэмэ 70%-ны куоһарар. Былаһааккаҕа 235-тэн тахса исписэлиис уонна 12 анал тиэхиньикэ үлэлииллэр. Сэттэ этээс тухары иһинээҕи быыстары туруоруу, эркиннэри сыбааһын, муосталары сылытыы уонна гидроизоляция үлэтэ бара турар. Эбийиэккэ сылаас бэриллибитэ, онон ис үлэлэр кыһыҥҥы кэмҥэ тохтоло суох бараллар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: