Салгыы
Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ: хаһан тутуллан бүтэр?

Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ: хаһан тутуллан бүтэр?

25.12.2024, 19:20
Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга Сайсары күөл үрдүнээҕи ытык сиргэ Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ тутулла турар. Билигин тутуу бэлэмэ — 70%. «ВИС» хампаанньа суруналыыстары тутулла турар эбийиэккэ сырытыннарда.

Хаартыска: А.Васильева түһэриитэ.

Баараҕай уораҕайга киирэн баран, чахчы, киһи сөҕөр. Бу киэҥин-куоҥун, сырдыгын (төһө да тутуу бара турдар), барыта эрдэттэн былааннаммыт буолан, сылдьарга табыгастаах буолсу. Чахчы, култуура дыбарыаһыгар сылдьар курдук санаа киирэр. Харахпар тутуллан бүппүтүн оҥорон көрөбүн: биэс этээстээх атриумҥа икки өттүнэн көмүс кирилиэстэр кылабачыйан түһэллэр, кытыыларынан эскалатордар сүүрэллэр, курустаал курдук өстүөкүлэ лиип өрө-таҥнары сүүрэр, үөһээ өстүөкүлэ куупалтан баараҕай люстра күлүмүрдүү умайар, эргиччи этээстэринэн мааны дьон хаамсар… Эчи, өстүөкүлэ эркин нөҥүө Сайсары эбэни үөһэттэн, күн уота күөл долгуннарыгар күлүмүрдүү оонньуурун да көрөр астык буоллаҕа.

Манна Судаарыстыбаннай филармония уонна икки тыйаатыр көһөн кэлиэхтээхтэр, бибилэтиэкэ, уопсайа 1520 миэстэлээх үс саала баар буолуохтара. Анал дьиэтэ-уота суох сылдьыбыт кэлэктииптэр төһө эрэ абыраналлар дии саныыгын. Маны тэҥэ, атын да култуура кэлэктииптэрэ түмсүөхтэрэ, кэлэн эрэпэтииссийэлиэхтэрэ. Улахан саала 700 миэстэлээх. Санатар буоллахха, билигин Дьокуускай саамай улахан тыйаатырдара 400-500 миэстэлээхтэр. Онон култуура тэрээһиннэрэ тохтоло суох ыытыллар, дьон-сэргэ тоҕуоруһар сирэ буолара саарбаҕа суох.

Филармония саалатыгар сыана тутуллан эрэр. Манна акустическай тиэхиникэтэ дойдуга биир бастыҥ буолуохтаах. Тутааччылар этэллэринэн, Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Борисов хаста да кэлэн, тутуу хаамыытын көрөн барар эбит, бэл маэстро, дойду аатырбыт дирижера Валерий Гергиев кэлэн көрөн барбыта дииллэр. Филармония туһугар ол курдук долгуйар эбит.

Дьэ, киирээти кытта баараҕай, сүҥкэн тутуу буолара харахха быраҕыллар. 33 тыһыынча кв.м. иэннээх сиргэ филармоническай, эрэпэтииссийэлиир, мультимедийнай, сиэр-туом оҥоһуллар саалалара уонна үрдүк технологиялаах тыйаатыр саалата баар буолуохтара. Дьиэ үрдүгэр амфитеатрдаах, көҕөрдүүлээх, куораты көрөр уонна сынньанар былаһааккалар баар буолаллара күүтүллэр.

Эбийиэккэ барыта 217 киһи уонна 12 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Үлэ-хамнас оргуйан олорор.  Билигин дьиэ көҥдөйө бүтэн, тас өттө барыта өстүөкүлэнэн бүрүлүннэ, түннүктэрэ, үрдүгэр үс ураһа куупала турдулар, атриум үрдүгэр өстүөкүлэттэн «күөл» оҥордулар. Билигин ис эркиннэрин туталлар, муостатын оҥороллор.

Биир ураһаҕа түһэр-тахсар, өрө көтөҕүллэр сыаналаах, мультимедийнэй саала баар буолуоҕа. Ол ураһа билигин оттулла илик, ону арыйан, үөһэттэн көрдөрдүлэр. Сыаната түһэр-тахсар буолуохтаах, оркестр дьаамата, көрөөччү олорор сирэ, барыта көрүллүбүт. Иккис ураһаҕа сахалыы  сиэр-туом толоруллар буоларын кэрэхсээтим. Ол аата, киин сахалыы тыыннаах буолуоҕа, итэҕэлбит дьону түмүөҕэ.

Андрей Суслов, “ВИС” бөлөх Саха сиринээҕи управлениетын бэрэстэбиитэлэ:

—Култуура кластерын технологическай хааччыллыыта, филармоническай уонна тыйаатыр саалаларын акустиката дойдуга биир бастыҥ буолуоҕа. Уһук Илиҥҥэ маннык таһымнаах эбийиэк суох. Ирбэт тоҥҥо улахан тутууну ыытыы бырайыактааһыҥҥа да, ураты технологиялары туһаныыга да кытаанах ирдэбиллэрдээх. Холобур, күөл аттыгар турар буолан, сирин-буорун бөҕөргөттүбүт. Сыбаайалара хамсаабаттарын туһугар, анал тоҥорор тэриллэрдээх.

“ВИС” бырайыактара Дьокуускай маастар-былааныгар киирбиттэрэ уонна национальнай бырайыак ирдэбиллэригэр толору эппиэттииллэр. Төһө да хамсык, сааҥсыйалар мэһэйдээтэллэр, баан бырыһыана үрдээтэр, тутуу тохтообото. Бу чааһынай партнер эппиэтинэһэ буолар. Саха сиригэр 12 социальнай эбийиэги тутан киллэрдибит. Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутууга үлэлэһэ сылдьабыт. Арассыыйа биир саамай баараҕай тутуутугар кыттыгастаахпытынан киэн туттабыт.

Арктикатааҕы эпос, ускуустуба киинэ 2025 сыл бүтүүтэ тутуллан бүтүөхтээх. Дьэ, кэтэһэбит.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: