Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтугар 1194 сайабылыанньа киирбит
Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтугар 1194 сайабалыанньа киирбит. Былырыын 777 эбит. Бүддьүөт миэстэтигэр биир кэлим эксээмэн орто баала 66 тэҥнэспит.
Атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи туругунан, бүддьүөт суотугар 139 киһи үөрэххэ киирбит (8 киһи приоритетынан үөрэххэ ылыы түһүмэҕэр, ол иһигэр 1 киһи туспа кубуотанан уонна 131 киһи сүрүн түһүмэххэ).
Киин тутар хамыыһыйа эппиэттиир сэкирэтээрэ Татьяна Петрова иһитиннэрбитинэн, ордук элбэх сайабылыанньа “культурология” идэтигэр киирбит, биир миэстэҕэ 13 киһи куонкурустаспыт.
Итини тэҥэ, «киинэ-, хаартыска- уонна видео айымньытын устуудьуйатын салайааччыта» диэн саҥа хайысхаҕа үрдүк куонкурус бэлиэтэнэр (биир миэстэҕэ 10 киһи). Ордук сэҥээриллэр идэлэринэн “бибилиотечнай информационнай үлэ” (биир миэстэҕэ 7 киһи), “живопись”, “графика” (биир миэстэҕэ 6 киһи) буолаллар. Быйыл аан бастакытын магистратураҕа “култуура индустриятын дизайна” хайысхаҕа бүддьүөт суотугар устудьуоннары ылар.
Санатан эттэххэ, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института бүддьүөт миэстэлэригэр кэтэхтэн үөрэххэ бакалавриат бырагырааматыгар маннык идэлэргэ иккис түһүмэҕи (поток) арыйар: «проектный менеджмент», «постановка и продюсирование культурно-досуговых программ», «руководство этнокультурным центром».
«Цифровые технологии в музейной деятельности» исписээлинэскэ күнүскү уонна кэтэхтэн үөрэххэ абитуриеннартан сайабылыанньалары тутар. Бары хайысхаларга төлөбүрдээх үөрэххэ ылыы салҕанар. Маны таһынан, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин кытта тус сыаллаах үөрэххэ дуогабар түһэрсэр кыахтааххыт. Бу туһунан институт пресс-суулуспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: