Салгыы
Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтун фирменнэй кылаастара аһылыннылар  

Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтун фирменнэй кылаастара аһылыннылар  

18.10.2024, 17:00
Хаартыска: Арктикатааҕы култуура уонна искусство института.
Бөлөххө киир:

Алтынньы 15 күнүгэр Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института “АГИКИ креативнай индустрияҕа аччыгый академията” бырайыагынан Саха сирин оскуолаларын кытта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристэ.

Аҕыс оскуола анал кылаастары арыйыахтара:

  • — Дьокуускай куораттааҕы Сахаполитиэхиньиичэскэй лиссиэй
  • — Чурапчы гимназията
  • — Чурапчы улууһун Одьулуун оскуолата
  • — Өлүөхүмэ улууһун “Эврика” гимназията
  • — Ньурба улууһун Чаппанда оскуолата
  • — Бүлүү улууһун Тааһаҕар оскуолата
  • — Өлөөн эбэҥки национальнай улууһун Дьилиндэ оскуолата
  • — Амма улуһун Амма Наахара оскуолата.

“АГИКИ креативнай индустрияҕа аччыгый академията” бырайыагы Үүнэр көлүөнэ пааркатын өйөбүлүнэн Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай института итиэннэ Үөрэх, билим министиэристибэтэ үлэлэтэллэр.

“Алтынньы биһиги институппутугар уонна улуус, Дьокуускай куорат алта оскуолатыгар бэлиэ ыйынан буолла. Бүгүн Креативнай индустрия аччыгый академията үлэтин саҕалаата. Сөбүлэҥ иитинэн эбии алта кылаас киирэрин туһунан иһитиннэрдибит. Бу, институт идэтигэр сатабыллаах өссө элбэх дьону уонна кэлэр кэм урбаанньыттарын иитэн таһаарарыгар кыах биэрэр. Маннык хардыы идэҕэ эрдэттэн туһаайыы систиэмэтин тупсарар уонна ураты көрүүлээх үлэһиттэр тиийбэттэрин толорор аналлаах. Оскуола үөрэнээччилэрэ идэлэрин сыал-сорук туруорунан талыахтара, Саха сирин креативнай экэниэмикэтин сайыннарар ирдэнэр исписэлиистэр буолан тахсыахтара диэн санаалаахпыт” – диэн институт үөрэх чааһыгар проректора Зоя Стрекаловская кэпсиир.

Алта оскуола бэрэстэбиитэлэ кэлэн “төгүрүк остуолга” кытынна. Оскуола салайааччылара этиилэрин киллэрдилэр, тэрээһин бүтүүтэ бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Хас биирдии салайааччы бэйэтин этиитин, көрүүтүн, үөрэх эйгэтин тупсарыыга быһаарыыларын эттэ. Ону тэҥэ, “төгүрүк остуол” иитинэн үлэһиттэр институт уонна Үлэ кыбаарталыгар экскурсия тэрийдилэр. Оскуола бэрэстэбиитэллэрэ үөрэх хаамыытын билистилэр, биир идэлээхтэрин кытта уопут атастастылар. Бу туһунан АГИКИ ТГ сырдаталлар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: