АГАТУ грант куонкуруһунан “Победа” бырайыагы олоххо киллэриэҕэ
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет доруобуйаларыгар хааччахтаах устудьуоннарга уонна анал байыаннай дьайыы кыттааччыларын оҕолоругар аналлаах “Победа” бырайыагы олоххо киллэрээри бэлэмнэнии үлэтин ыытар. Бырайыак үрдүк үөрэхтэр кыһаларыгар Арассыыйатааҕы ыччат гранын үбүнэн олоххо киириэҕэ. Университет хамаандата быйыл куонкуруска кыттан кыайбыта уонна 1,5 мөл. солк. кэриҥэ сууманы сүүйбүтэ.
“Победа” бырайыак доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна анал байыаннай дьайыы кыттааччыларын 50 устудьуона, оҕото атынан хатааһылааһын дьарыгын нөҥүө эмоциальнай истириэһин, соҕотохсуйуутун аччатар, ону тэҥэ, социальнай эйгэҕэ сылдьа, бэйэтигэр сыанабылын үрдэтэ үөрэнэрин туһунан туһаайыллар.
Тустаах бырайыак үлэтэ университет төрүттээбит баҕа өттүнэн тэрээһиннэрин тэрийии үтүө үгэһин салҕааһын буолар. Өссө 1998 сылтан бу үрдүк үөрэх кыһатыгар “Дари добро” бэтэринээрдэр бакылтыаттарын устудьуоннарын көхтөөх бөлөҕө үлэлиир. “Биһиги университеппытыгар ат успуордун манеһа баар, “Дари добро” киирэр волонтер-устудьуоннар онно дьарыктаналлар. “Победа” бырайыак университет коннай-спортивнай комплексын “Импульс” ат кулуубун сиригэр тэриллиэҕэ. Анал идэлээх инструктордар, көхтөөх волонтердар салайыыларынан устудьуоннар уонна оҕолор иппотерапия кэмигэр аты кытта үлэнэн дьарыктаныахтара” – диэн АГАТУ бэтэринээринэй мэдиссиинэҕэ бакылтыатыгар иһитиннэрдилэр.
Күн бүгүн иппотерапия бырайыак бырагырааматын оҥорбуттар, кэлэр нэдиэлэттэн номнуо волонтердары үөрэтэн саҕалыахтара. “Победа” бырайыак официальнай саҕаланыыта балаҕан ыйын 6 күнүгэр – АГАТУга саҥа үөрэх дьыла саҕаланыыта былааннанар. Бу туһунан тустаах үөрэх кыһатын прсес-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: