АГАТУ грант куонкуруһунан “Победа” бырайыагы олоххо киллэриэҕэ

Share

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет доруобуйаларыгар хааччахтаах устудьуоннарга уонна анал байыаннай дьайыы кыттааччыларын  оҕолоругар аналлаах “Победа” бырайыагы олоххо киллэрээри бэлэмнэнии үлэтин ыытар. Бырайыак үрдүк үөрэхтэр кыһаларыгар Арассыыйатааҕы ыччат гранын үбүнэн олоххо киириэҕэ. Университет хамаандата быйыл куонкуруска кыттан кыайбыта уонна 1,5 мөл. солк. кэриҥэ сууманы сүүйбүтэ.

“Победа” бырайыак доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна анал байыаннай дьайыы кыттааччыларын 50 устудьуона, оҕото атынан хатааһылааһын дьарыгын нөҥүө эмоциальнай истириэһин, соҕотохсуйуутун аччатар, ону тэҥэ, социальнай эйгэҕэ сылдьа, бэйэтигэр сыанабылын үрдэтэ үөрэнэрин туһунан туһаайыллар.

Тустаах бырайыак үлэтэ университет төрүттээбит баҕа өттүнэн тэрээһиннэрин тэрийии үтүө үгэһин салҕааһын буолар. Өссө 1998 сылтан бу үрдүк үөрэх кыһатыгар “Дари добро” бэтэринээрдэр бакылтыаттарын устудьуоннарын көхтөөх бөлөҕө үлэлиир. “Биһиги университеппытыгар ат успуордун манеһа баар, “Дари добро” киирэр волонтер-устудьуоннар онно дьарыктаналлар. “Победа” бырайыак университет коннай-спортивнай комплексын “Импульс” ат кулуубун сиригэр тэриллиэҕэ. Анал идэлээх инструктордар, көхтөөх волонтердар салайыыларынан устудьуоннар уонна оҕолор иппотерапия кэмигэр аты кытта үлэнэн дьарыктаныахтара” – диэн АГАТУ бэтэринээринэй мэдиссиинэҕэ бакылтыатыгар иһитиннэрдилэр.

Күн бүгүн иппотерапия бырайыак бырагырааматын оҥорбуттар, кэлэр нэдиэлэттэн номнуо волонтердары үөрэтэн саҕалыахтара. “Победа” бырайыак официальнай саҕаланыыта балаҕан ыйын 6 күнүгэр – АГАТУга саҥа үөрэх дьыла саҕаланыыта былааннанар. Бу туһунан тустаах үөрэх кыһатын прсес-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускай аэропорда 1 000 000-с пассажирын чиэстээтэ

Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, П.А.Ойуунускай аатынан Дьокуускай аэропорда 1 000 000-с пассажирын регистрациялаата. Бу дьоллоох …

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайга туристическай түһээни киллэриэхтэрэ

Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Дьокуускай куорат Дууматыгар 10-с сиэссийэ саҕаланна. Бастакынан, Дьокуускай куорат дьокутааттара киин…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбачааҥҥа баһылыгы талыахтара

Ньурба улууһун «Ньурбачаан нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгын болдьоҕун иннинээҕи быыбара ахсынньы 1 күнүгэр ананна диэн…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутааттар нолуок бэлиитикэтигэр, бүддьүөт сокуоннарыгар уларытыылары ылыннылар

Бүгүн Ил Түмэн онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа сарсыардаттан тигинэччи үлэлээтэ. Норуот дьокутааттара бастакы үс боппуруоһу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

РФ сэнээтэрэ Егор Борисов суруналыыстары кытта көрүстэ

РФ сэнээтэрэ Егор Борисов Саха сиригэр кэллэр эрэ, дьонун-сэргэтин кытта хайаан да көрсөн, санаатын атастаһар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна. Пленарнай мунньах сэтинньи 27-28…

2 часа ago