Салгыы
«АртАтриум» былаһааккаҕа дьон-сэргэ үөрэ-көтө түмсэр

«АртАтриум» былаһааккаҕа дьон-сэргэ үөрэ-көтө түмсэр

Ааптар:
19.08.2023, 17:30
Хаартыскаларга Айталина Аргунова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

 Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «АртАтриум» былаһааккаҕа «Поэзии чарующие звуки» диэн бэртээхэй тэрээһин сүргэни көтөхтө. Түһүлгэҕэ мустубут ыалдьыттар дууһа кылын таарыйар хоһооннору долгуйа иһиттилэр.

Бу туһунан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр. «Норуоттар Пушкины ааҕаллар» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус бастакы истиэпэннээх лауреата Надежда Томская улуу бэйиэт «Я памятник себе воздвиг нерукотворный…» хоһоонун аахта. Салгыы Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын  чилиэнэ, филологическай наука кандидата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Суродичи» община бэрэссэдээтэлэ Ольга Пашкевич уонна оҕо бырааһа, үрдүк категориялаах анестезиолог-реаниматолог, СӨ үтүөлээх бырааһа, РФ уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан СӨ Ил Дарханын бириэмийэтин лауреата, «Саха-Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда бириэмийэтин лауреата Валентин Егоров хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. Салгыы Сергей Есенин хоһоонугар ырыаны СӨ Судаарыстыбаннай филармониятын солиһа, СӨ култууратын туйгуна, «Русь» ансаамбыл кыттыылааҕа Алексей Солдатов толордо. Маны сэргэ, «Русь» ансаамбыл солистката, «Русь» оҕолорго ансаамбылын салайааччы Елизавета Глаголева, «Раздолье» хор солистката Надежда Сахно ыллаан дьиэрэттилэр. Түмүккэ СӨ норуодунай, РФ үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьев кыттыылаах бэртээхэй флешмоб буолла. Хас биирдии нүөмэр ытыс тыаһынан арыалланна.

Тэрээһин ыалдьыттара үөрүүлэрин үллэһиннилэр, тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга махтаннылар. Маннык истиҥ көрсүһүү буола турарыгар баҕардылар.

Хаартыскаларга Айталина Аргунова түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: