Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «АртАтриум» былаһааккаҕа «Поэзии чарующие звуки» диэн бэртээхэй тэрээһин сүргэни көтөхтө. Түһүлгэҕэ мустубут ыалдьыттар дууһа кылын таарыйар хоһооннору долгуйа иһиттилэр.
Бу туһунан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр. «Норуоттар Пушкины ааҕаллар» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус бастакы истиэпэннээх лауреата Надежда Томская улуу бэйиэт «Я памятник себе воздвиг нерукотворный…» хоһоонун аахта. Салгыы Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, филологическай наука кандидата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Суродичи» община бэрэссэдээтэлэ Ольга Пашкевич уонна оҕо бырааһа, үрдүк категориялаах анестезиолог-реаниматолог, СӨ үтүөлээх бырааһа, РФ уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан СӨ Ил Дарханын бириэмийэтин лауреата, «Саха-Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда бириэмийэтин лауреата Валентин Егоров хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. Салгыы Сергей Есенин хоһоонугар ырыаны СӨ Судаарыстыбаннай филармониятын солиһа, СӨ култууратын туйгуна, «Русь» ансаамбыл кыттыылааҕа Алексей Солдатов толордо. Маны сэргэ, «Русь» ансаамбыл солистката, «Русь» оҕолорго ансаамбылын салайааччы Елизавета Глаголева, «Раздолье» хор солистката Надежда Сахно ыллаан дьиэрэттилэр. Түмүккэ СӨ норуодунай, РФ үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьев кыттыылаах бэртээхэй флешмоб буолла. Хас биирдии нүөмэр ытыс тыаһынан арыалланна.
Тэрээһин ыалдьыттара үөрүүлэрин үллэһиннилэр, тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга махтаннылар. Маннык истиҥ көрсүһүү буола турарыгар баҕардылар.
Хаартыскаларга Айталина Аргунова түһэриилэрэ
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…