Артем Александров: «Өйөбүл саҥа миэрэлэрэ оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүн улаатыннарыаҕа»»
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров этэринэн, өйөбүл саҥа миэрэлэрэ тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьайыахтара. Салааҕа өйөбүл миэрэлэрэ оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүн улаатыннарыахтара.
Миниистир Артем Александров иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев туһаайан этиитигэр туруорбут соруктара — 13 арктическай оройуоҥҥа атыы-логистическай киинин туһанан, миэстэтигэр олохтоох бородууктаттан оҥорон таһаарыыны тэрийии буолар.
«Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2035 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын Арктическай зонатын сайдыытын кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ. Бүгүҥҥү туһаайан этиигэ этиллибит сорудах — олохтоох бородууксуйаны, оҥорон таһаарыыны икки төгүл элбэтии буолар. Биһиги министиэристибэбит Арктика министиэристибэтин уонна уустук усулуобуйалаах 13 арктическай оройуону кытта оҥорон таһаарыыга үлэлэһиэхпит», — диэтэ миниистир.
Миниистир бэлиэтииринэн, субвенция уопсай сууммата кэлэр сылга 1 млрд.солкуобайынан үрдээн, 8,884 млрд солкуобайга тэҥнэспит. Бу муниципальнай оройуоннар баһылыктарыгар тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэри туһаныыга улахан эппиэтинэһи сүктэрэр. Маны сэргэ олохтоох нэһилиэнньэ АПК салаатыгар дьарыктаах буолуутун ситиһэргэ көмөлөһөр.
«Тыа хаһаайыстыбатыгар баалабай бородууксуйаны оҥорон таһаарыы үрдүүрүн ситиһиигэ бөдөҥ инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриигэ министиэристибэ өттүттэн үлэ күүһүрүөҕэ «, — диэтэ Артем Александров.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: