Салгыы
Артыыс Петр Андреев: сыанаҕа – үйэ аҥаара

Артыыс Петр Андреев: сыанаҕа – үйэ аҥаара

23.03.2024, 10:30
Хаартыска П.Андреев тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа Петр Андреев артыыс идэтин талара оскуола саҕаттан биллэн барбытын туһунан кэпсиир. Кинини үчүгэйдик билбэт да киһи кэпсэтэ олорон Сатира уонна юмор тыйаатырын артыыһынан үлэлээбитин эндэппэккэ билэр, сэрэйэр. Холобур, сотору-сотору кэпсээнин быыһыгар: “Өссө туох диэн киһиргиибин?” — диэн дьээбэлээх бэйэлээхтик көрөн ылар уонна ыраахтан эрдэн кэпсээбитинэн барар.

Хаартыска П.Андреев тус архыыбыттан.

Быйыл 75 сааһын уонна тыйаатырга үлэлээбитэ 50 сылын бэлиэтиир Петр Андреев тоҕус оҕолоох Анастасия Петровна уонна Евсей Федорович Андреевтарга үһүс оҕонон, бастакы уолунан күн сирин көрбүтэ.
Петя 1956 сыллаахха Амма улууһун Сатаҕай начаалынай оскуолатыгар киирэн, 4-с кылааһы бүтэрэн баран, Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕин оскуолатыгар кэлбитэ. Бүтэйдээх оскуолатыгар саҥа үөрэнээччини тута сыанаҕа ыллатан барбыттара. Барыга барытыгар көхтөөх уол 7-10-с кылаастарга Мэҥэ Хаҥалас улууһун хайыһарга оҕолорго сүүмэрдэммит хамаандатыгар үс буолан чөмпүйүөннээн тураллар.

Эдэриттэн кырдьаҕастар уобарастарын арыйбыта

Петр Андреев оскуоланы бүтэрэн баран, Сатаҕайдааҕы Култуура дьиэтигэр биир сыл сэбиэдиссэйдээбитэ. Онтон артыыс буолар дьылҕата таайан, 1969 сыллаахха Москваҕа М.Щепкин аатынан училищеҕа тыйаатыр уонна киинэ артыыһын идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Кэлбит-барбыт, сытыы уолу таба көрөннөр уонна дойдутугар хомсомуол бастакы сүһүөх тэрилтэтин иккис сэкирэтээринэн үлэлээбитин биллэхтэрэ, Москваҕа олорор биир дойдулаахтарын түмсүүтүн (землячество) вице-бэрэсидьиэнинэн талбыттара.
Щепкиҥҥэ саха үһүс устуудьуйатын ыччаттарыгар Саха сирин Култууратын министиэристибэтэ уонна Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай тыйаатыр истипиэндийэ төлүүрэ. Онон үөрэхтэрин бүтэрбиттэрин кэннэ 11 эдэр артыыс Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай тыйаатырга анаммыта, 11 артыыс Саха тыйаатырыгар хаалбыта.
Петр Евсеевич ол саҕана Ньурба тыйаатырыгар үлэлээбит Гоша Александров, Анатолий Кривогорницын, Владимир Семенов уо.д.а. олус талааннаахтарын, кинилэртэн сорохторо СӨ үтүөлээх артыыһыгар тиийэ үүммүттэрин туһунан ахтар. Кини эмиэ Ньурба тыйаатырыгар үлэлии сылдьан “СӨ үтүөлээх артыыһын” аатын ылбыта.
Амматтан төрүттээх, кулуупка үлэлээбит Октябрина диэн кэрэчээн кыыһы Ньурбаҕа илдьэ баран, онно ыал буолан алта оҕолоох ньир-бааччы олорор ыал буола түспүттэрэ. Элбэх оҕону көрүү-истии, улаатыннарыы бириэмэни ылара. Ыал аҕата оруобуна эбиэт кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, икки килэмиэтирдээх Убайаан диэн сэлиэнньэттэн оҕо үүтүн баран аҕалар эбээһинэстээҕэ. “Хата, оннук солото суох сылдьан, мүччү-хаччы туттаран, оччотооҕуга арыгы да баар кэмигэр туохха да умньамматаҕым”, — диэн оччотооҕу кэмнэрин ахтан-санаан мүчүк гынар.
Петр Андреев айар үлэтэ Ньурба тыйаатыра тэриллиитин, атаҕар туруутун кытта быһаччы ситимнээх. Бу тыйаатыр аар-саарга аатырарыгар тугунан да сыаналаммат кылаатын киллэрбит артыыстартан биирдэстэрэ.
Тапталлаах тыйаатырыгар кэмиэдьийэ жанрыгар үгүс оруолга оонньообута. Аны улахан уҥуохтааҕын иһин эбитэ буолуо, эдэр артыыс наар оҕонньоттор оруолларын оонньуура.
Щепкин аатынан училищены бүтэрэн баран бииргэ тутуһан кэлбит уолаттара-кыргыттара сыыйа-баайа Дьокуускайга көһөннөр, Борис Борисовтыын иккиэйэҕин эрэ хаалан хаалбыттара. Петр Евсеевич 4 улахан оҕото Дьокуускай куоракка үөрэнэр буоланнар, сотору Дьокуускайга көһөргө быһаарыммыта. 27-с сылын таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар тыйаатырын салалтата, биллэн турар, ыытыан баҕарбатаҕа. Ол эрэн, Петр Евсеевич устудьуон оҕолорбун көрө-истэ сылдьыахпын наада диэн дириэктэр сөбүлэҥин ылбыта.

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар

2001 сыл. Москваҕа бииргэ үөрэммит оҕолорун кытары дьэ, биир сыанаҕа үлэлиир баҕа санаата, миэстэ суох буолан, кыайан туолбатаҕа. Ол эрэн, кини дьолугар, оччолорго Көр-күлүү уонна сатира судаарыстыбаннай тыйаатырынан ааттанар айар кэлэктиипкэ артыыһынан ылыллыбыта.
Петр Евсеевич манна кэлэн талаана атын өттүнэн арыллан, өссө кырыыланан тыйаатырга да, киинэҕэ да былдьаһыкка сылдьар артыыс буолбута. Ону таһынан, тыйаатырга кэлээт да, эдэр артыыстары кытары биир тылы булан, аҕа киһи да, уопуттаах артыыс да быһыытынан сүбэ-ама биэрэн, күн бүгүҥҥэ диэри тэҥҥэ үлэлии сылдьар, кэлэктиип убаастабылынан туһанар.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын эдэр артыыстара этэллэринэн, Петр Евсеевич кинилэргэ туруорар ирдэбиллэриттэн биирдэстэринэн артыыс испэктээккэ эрдэ кэлэ үөрэнэрин ситиһии эбит. Билиҥҥи кэм тэтимнээх хаамыытынан да, эдэр сааска тугу баҕарар кыайа-хото тутуох курдук сананыыттан да буолуо, сорох артыыстар урут испэктээк буолаары турдаҕына эрэ таҥастарын көстүүм хоһуттан көрдүүллэрин кистээбэттэр. Настаабынньыктарын үөрэҕин ылынан, билигин артыыс барыта испэктээк биир чаас инниттэн кэлэн бэлэмнэнэр. Петр Евсеевич даҕаны: “Тыйаатыртан барар кэмим кэллэҕинэ, ити оҕолорбун ахтыам, суохтуом диэн куттанабын. Барахсаттарбар оннук күүскэ үөрэнэн хааллым, кинилэр үөрүүлэригэр кыттыһан, хомолтолоругар тэҥҥэ хомойсон баччааҥҥа диэри кэллэҕим”, — диир.
Онтон биир идэлээхтэрэ, тыйаатыр салалтата аҕа доҕордорун Петр Анреевы хаһан эрэ биирдэ талбыт идэтигэр үйэтин тухары бэриниилээх уонна тыйаатыр ускуустубата сайдарыгар бэйэтин харыстаммакка үлэлиир артыыс быһыытынан билинэллэр, убаастыыллар.
Петр Андреев араас майгылаах-сигилилээх уобарастары арыйарыгар оруолтан оруолга түргэнник көһөр ускуустубаны баһылаабыт буолан, ханнык баҕарар утарыта турсар оруоллары табан оонньуур. Онуоха кэмиэдьийэ да, гротеск да уобарастарга чаҕылхай, итэҕэтиилээх кырааскалары булан киллэрэр.
“Артыыс үрдүк аатын сүгүөхпүттэн ыла Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай тыйаатырга — 27, СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар 25-с сылбын үлэлиибин. Араас майгылаах, дьылҕалаах 80-ча оруолу оонньоон кэллим. Олох биир сиргэ турбат, ол иһигэр утумнааһын салҕанар. Хаһан эрэ биһиги үөрэммит тыйаатырбытын бүтэрбит эдэр артыыстар кэлэллэр. Көлүөнэни көлүөнэ солбуйуохтаах буоллаҕа. Онон икки-үс сылтан бэттэх улахан оруол аҕыйаата. Көрөөччүлэрбин уонна ытыс тыаһын аҕыннахпына, куоракка ыытыллар баянистар кэнсиэртэригэр көрдөөх кэпсээннэри ыһа-тоҕо кэпсиибин. Ол иһигэр, СӨ норуодунай суруйааччыта Петр Наумов 5 кэпсээнин аахтахпына, көрөөччүлэрим барахсаттар сөбүлээбиттэрин, ылыммыттарын ытыстарын тыаһынан биллэрэллэр. Дмитрий Федосеевичтыын Сунтаарга диэри айаннаан, араас көрсүһүүлэргэ кыттан кэлбиттээхпит”, — диэн Петр Андреев кэпсиир.
Кини тыйаатырга үлэтин таһынан өрөспүүбүлүкэ култуурунай уонна уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар. Хомуска оонньуур, уус-уран ааҕыынан дьарыктанар, көрдөөх кэпсээннэри кэпсиир, олоҥхолуур, тыйаатыр Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна аан дойдутааҕы бэстибээллэрин кыттыылааҕа.

Аҕа дьылҕата оруолларга салҕанар

Тыйаатыры таптааччылар уонна СӨ норуодунай артыыһа Петр Андреев талааныгар сүгүрүйээччилэр кини моно-испэктээктэригэр көтүппэккэ сылдьаллар.
Алексей Амбросьев “Аҕаа” диэн биир артыыс оонньуур испэктээгэр Петр Андреев бэйэтин кэмин, оччолорго олорбут киһи ыарахан дьылҕатын соҕотоҕун итэҕэтиилээхтик тириэрдибитэ, уобараһын дириҥник арыйбыта. Бу испэктээккэ аҕа уобараһа анаан-минээн киниэхэ анаан айыллыбыта.
Онтон быйыл кулун тутар 1 күнүгэр, төрөөбүт күнүгэр кыргыыс драматура, норуодунай суруйааччыта Бексултан Жакиев “Аҕа дьылҕата” пьесатыгар СӨ норуодунай артыыһа Петр Андреев ситиһиилээхтик оонньоото. Испэктээги СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров уонна туруорааччы-худуоһунньук Мария Иванова туруордулар. Сахалыы тылбааһын норуот суруйааччыта Дмитрий Наумов оҥордо.
Аан дойду тыйаатырдарыгар элбэхтик турбут бу пьесаны Саха сиригэр аан бастаан 2020 сыллаахха Арассыыйа Федерациятыгар Кыргыыс Өрөспүүбүлүкэтин сыла аһыллыытын чэрчитинэн туруорбуттара. Онтон быйыл бу испэктээк элбэх кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ, ол иһигэр Петр Андреев 75 сааһыгар уонна айар үлэтин 50 сылыгар ананна.

Артыыс ордук чорботор оруоллаах дуо?

Артыыстар үксүгэр оонньообут оруолларын барытын да сөбүлүүллэрин туһунан этээччилэр. Ол эрэн, биир эмэ ордук чорботор оруоллаах буолаллар. Петр Андреев биир сөбүлүүр испэктээгинэн Өксөкүлээх Өлөксөй айымньытынан 1995 сыллааххха режиссер Юрий Макаров туруорбут “Преступник Манчаары” испэктээгин ааттыыр. Ньурбаҕа уонна Дьокуускайга Опера уонна балет тыйаатырыгар көрдөрбүттэрэ. Ол эрээри, куоракка көрдөрүллүбүтүн сарсыҥҥытыгар бобон кэбиспиттэрэ, ол төрүөтэ – национальнай боппуруоһу таарыйар испэктээк буолан тахсыыта. Бу испэктээккэ суон сураҕырбыт “Чолбон” рок-бөлөх испэктээккэ анаан 14 муусуканы суруйан, тыыннаах доҕуһуолунан толорон турар.   Кини “Хаарыан хампа күөх кытылым” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ Манчаары оруолун иһин “Эр киһи бастыҥ оруолугар” номинант буолбута.

Петр Андреев:
-Василий Фомин “Саҥа саха төрөөбүт күнэ” диэн испэктээги туруорбута. Оруолум аһара байан киһиргэс буолбут киһи этэ. Бэйэм оннук буолбатарбын да, оонньообутум. “Кыһыл Ойууҥҥа” Оруос баайы сөбүлүүр этим. Төһө да омсолоох оруолун иһин, хайаларыттан да кырдьыгы эппит эбит. Ханнык да оруол бэрилиннэҕинэ, төһө кыайаргынан оонньуугун, сүрэҕиҥ долгуйар, дууһаҥ ыалдьар.
Билигин 75 сааспар тиийэн олорон эргиллэн көрдөхпүнэ, санаабыт санаабын сиппит курдукпун. Оҕолор бары үөрэхтэрин бүтэрэн, үлэһит дьон. Олоххо үрүҥ да, хара да сэргэстэһэ сылдьар. Онуоха үтүө дьон көмөтө күүс-көмө буоларын өссө төгүл итэҕэйэн сылдьабын уонна түгэнинэн туһанан махталбын тириэрдиэхпин баҕарабын. Күтүөт уолум икки бүөрэ аккаастаан, Волгоградка улахан эпэрээссийэҕэ барар буолбута. Чурапчыга тахсан аһымал кэнсиэр тэрийбиппит. Онтон биир идэлээҕим Дмитрий Шадрин-Шандор блогердары хамсатан, биир бэйэтэ 700 тыһыынчаны хомуйан улаханнык сөхтөрөн да, абыраан да турар. “Норуот күүһэ көмүөл күүһэ” диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

БЫҺААРЫЫ:

П.Андреев — Сатаҕай нэһилиэгин, Амма улууһун, Бүтэйдээх нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.
Уһуллубут киинэлэрэ:
“Куот” (баанда тойоно), “Иэс” (аҕа), “Тыын” (Василий), “Бриллиантовый теленок” (кырдьаҕас), “Таттаам мүччүргэннээх сырыылара” (аферист) уо.д.а.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: