Салгыы
Арыгы инсультка тириэрдэр кутталлаах

Арыгы инсультка тириэрдэр кутталлаах

29.10.2022, 12:35
Бөлөххө киир:

Бүгүн Инсулу утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ. Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын невролог-бырааһа Юрий Юрьевич Васильев арыгы инсультка тириэрдиитин, содулун уонна бэйэ доруобуйатын харыстаныыга сүбэлэрин билсиэҕиҥ.

— Арыгылаах утахтары иһии уонна арыгыга ылларыы (алкоголизм) инсульт сайдарын төрүөтүнэн буолара үгүс, бэл, өлүүгэ тириэрдиэн сөп.
Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтин чахчытынан, арыгы аан дойдуга сыл аайы 2,5 мөлүйүөн курдук киһи олоҕун илдьэ барар. Арыгыны сиэрэ суох иһии араас эйэчии уонна сүрэх-тымыр моһуогуруутун төрүөтүнэн буоларынан, аан дойдуга 15-59 саастаах эр дьон өлөр кутталын үөскэтэр сүрүн чахчынан буолар.
Инсульт -– мэйиигэ хаан эргиирин кэһиллиитэ.
Инсульт арыгыны кытары ыкса сибээстээх. Тоҕо диэтэххэ, испиирдээх утахтары иһии сүрэх-тымыр систиэмэтин туругар куһаҕаннык дьайар, мэйии килиэккэлэрэ өлүүлэригэр тириэрдэр. Тохтоло суох итириктээһин эбэтэр арыгыны сиэрэ суох элбэҕи иһии инсультка тириэрдэрэ сэдэх буолбатах, этииллээх испиир мэйиигэ хаан эргиирэ кэһиллиитигэр «көмөлөһөр», итинтэн мэйии структуралара эмсэҕэлииллэр.
Арыгы киһи организмын элбэх тканыгар куһаҕаннык дьайар. Арыгыны, эбиитин элбэҕи истэххэ, тымырдарга (ол иһигэр, мэйии ордук чараас тымырдарыгар) дистрофическай уларыйыылар тахсаллар. Тымыр истиэҥкэтэ синньиирин таһынан, арыгы хааны убатар. Ити геморрагическай инсульт балаһыанньатын уустугурдар уонна өлөр кутталы биллэ улаатыннарар. Мэйии ньиэрбэтин тканнарыгар гипоксия үөскээтэҕинэ, түмүгэр арыгы ньиэрбэ киин систиэмэтигэр куһаҕаннык дьайыыта уопсай хартыынаны дириҥэтэр.
Арыгы уонна инсульт -– организм үлэлиир кыаҕын сүтэрэр уонна саамай куһаҕана, инбэлииккэ тириэрдиэн сөп.

Инсульт икки көрүҥнээх:

1. Геморрагический инсульт -– мэйиигэ хаан кутуллар, тымырдар биир кэлим буолуулара тохтуур;
2. Ишемическай инсультка тымырга хаан бөлөнөҕө үөскүүр, хаан эргиирэ кэһиллэр, бу мэйии учаастактара өлөллөрүгэр тириэрдэр.
Арыгылыыр киһиэхэ инсульт бу икки көрүҥэ тэҥинэн кутталлаах.
Мэйиигэ охсуу төбө ыалдьара элбээһинэ, сүрэх эриллиитэ, хотуолааһын, чуолкайа суохтук саҥарыы, хамсанар дьоҕур кэһиллиитэ курдук сибикилэринэн биллэрэр. Арыгылааһынтан үөскээбит инсульт сорох бэлиэлэрэ итириини кытары сибээстээх буолан, киниэхэ наадалаах көмөнү оҥорор бириэмэ мүлчү тутулларынан,  ордук суостаах, кутталлаах.
60 сааһыгар диэри инсуллаабыт киһи инникитин арыгыттан аккаастаммат буоллаҕына, өлүүгэ тириэрдэр куттала саамай улахан.
Арыгылааһын уонна инсульт быһаччы сибээстээхтэрин умнумаҥ!

Сэрэтии уонна сүбэ:

Өскөтүн эн эбэтэр аймахтарыҥ арыгыга ылларбыт буоллахтарына, бу ыарахан ыарыы туһунан эрэ буолбакка, атын да аргыстаһар патологиялар тустарынан толкуйдуоххутун наада. Эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр инсуллаабыт киһи, аймах баар буоллаҕына, испиирдээх утаҕы иһииттэн букатыннаахтык аккаастанар туһунан толкуйдатыахтаах. Арыгыттан букатыннаахтык аккаастаныы эрэ инсульт сайдар кутталын биллэрдик намтатар. 40 саас кэнниттэн инсульт куттала элбиирин эмиэ умнуо суохтааххыт. Арыгылааһынтан инсульт -– олус ыарахан ыарыы, оттон итинник туругу эмтээһин уустугурбатах инсулу эмтиирдээҕэр ордук ыарахан.
Арыгыттан букатыннаахтык аккаастаныҥ! Чөл олоҕу тутуһуҥ!

Наркология  өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын пресс-сулууспатын матырыйаалынан

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: