Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр «Арыгы сокуонугар» уларыйыылар киириэхтэрэ. Быйыл саас «Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуон ылыллыбыта. Биһиги ааспыт күһүҥҥүттэн ол туһунан элбэхтик суруйбуппут даҕаны, тустаах исписэлиистэри ыҥыран «төгүрүк остуол» тула олорон кэпсэппиппит даҕаны.
Ыстатыыстыка тугу кэпсиир
Арыгылааһын аныгы уопсастыба биир сүрүн кыһалҕатынан буоларын бары билэбит. Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн бу кыһалҕа сытыытык турар.
Саамай элбэх арыгыны иһэр, нэһилиэнньэ биир киһитигэр тиксэринэн, Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин (World Health Organization) ньыматынан суоттааһынынан,
2020 с. – Белоруссия, Литва, Чехия, Франция уонна Арассыыйа буолаллар. Барыта 41 дойдуга арыгыны иһиини толору боболлор эбит, ол үксүн мусульман дойдулар. Оттон Скандинавияҕа арыгыны иһиини бобор анал бырагыраамалаахтара этиллэр. Кытай эмиэ кэнники кэмҥэ арыгылааһыны утары күүскэ ылсан үлэлээн эрэр, оннооҕор арыгыттан эмтэниигэ босхо эмтиир сирдэри арыйбыт.
Ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, Арассыыйа үрдүнэн арыгыны иһээччи олус элбэх. Бүтэһик дааннайынан, Арассыыйа сокуоннай сааһын сиппит дьонун 80%-на итирдэр утаҕы иһэр. Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин кэлиҥҥи дааннайынан, Арассыыйа нэһилиэнньэ дууһатыгар ыраас испиири иһэринэн бастакы миэстэҕэ сылдьар.
Чинчийиилэр түмүктэринэн, нэһилиэнньэ 25% кэриҥэ күн аайы итирдэр утаҕы иһэр. РФ Доруобуйатын харыстабылын дааннайынан нэһилиэнньэ уопсай ахсааныттан 8-10% кэриҥэ киһи арыгыһыт. 2019 сыллаах официальнай дааннайынан, Арассыыйа үрдүнэн 45 тыһыынча өлүү-сүтүү арыгылааһынтан тахсыбыта бэлиэтэммитэ.
Оттон Саха сиригэр хайдаҕый? Чопчу статдааннай суох эрээри, кэнники сылларга арыгы атыыта элбээбитинэн көрдөххө, үчүгэйэ суох хартыына көстөр. Биһиги Сахабыт сирэ даҕаны онтон хаалсыбат. Ол иһин сөптөөх дьаһаллар, сокуоннар ылыллаллар.
Арыгы – этиловай испиир, этанол, ньиэрбинэй систиэмэҕэ дьайар наркотик дьайыылаах бэссэстибэ. Арыгы киһи ис туругун кэбирэтэр, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын айгыратар утаҕынан буолар.
Арыгы содула
Эппиппит курдук, биһиэхэ арыгылааһын улахан социальнай кыһалҕанан буолар: итирдэр утаҕы иһии нэһилиэнньэ доруобуйатыгар улахан хоромньуну эрэ буолбакка, атын куһаҕан сабыдыалы эмиэ оҥорор.
Арыгы – этиловай испиир, этанол, ньиэрбинэй систиэмэҕэ дьайар наркотик дьайыылаах бэссэстибэ. Арыгы киһи ис туругун кэбирэтэр, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын айгыратар утаҕынан буолар. Арыгылааһын култуурата баарын балачча кэпсииллэр даҕаны, аһыы утаҕы амсайааччы аҕыйыахтааҕар төттөрүтүн элбиир. Туох баар иэдээн, оһол барыта арыгылааһыны кытары сибээстээх. Буруйу оҥорооччуттан хас үһүс киһитэ арыгылаан баран сокуону кэһэрин туһунан быраап статистиката көрдөрөр.
Дойду үрдүнэн арахсыы 7% эмиэ арыгылааһыны кытары сибээстээҕэ ыйыллар. Оттон арыгылааһыны кытары сибээстээх атын кыһалҕалар: оҕону иитиигэ, үлэттэн уурайыыга, уопсастыбаннай бэрээдэги кэһиигэ, о.д.а. сабыдыалын, ыалдьыыга тириэрдиитин туһунан эппэккэ туран, элбэх. Итинник аахтахха, киһи хараастар. Арыгылааһын социальнай өттүнэн эрэ буолбакка, бары хайысхаҕа сабыдыала улахан кыһалҕаҕа тириэрдэр. Дьэ бу кыһалҕа уруккуттан кыайтарбат. Арыгыны олох бобуохха диэччилэр эмиэ бааллар, ол гынан баран, билиҥҥи ырыынак үйэтигэр оннук кыаллыбат. Боптоххо, аны уоран-кистээн атыылааһын хайысхата сайдыа уонна, судургутук эттэххэ, арыгыны иһэр киһи баарын тухары арыгы атыыта син биир баар буолуоҕа.
Арыгы быстах өлүү-сүтүү, араас ыарыы, суорума суолланыы, ыал арахсыытын, дьиэ кэргэн ыһыллыытын, эстиитин, олоҕо огдолуйуутун, оҕо тулаайах хаалыытын, о.д.а. төрүөтүнэн буолар. Арыгыга ылларыы – бу ыарахан ыарыы буолар. Киһи төһө даҕаны арыгы алдьархайын, куһаҕан содуллааҕын өйдөөтөр-биллэр даҕаны, өйө-санаата хам ылларан, онтон кыайан төлөрүйбэт.
Сокуон олоххо киирдэҕинэ
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн арыгыны атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр эбии хааччахтааһын туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон күүһүгэр киириэҕэ. Сокуон ирдэбилинэн, уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ кыччаабыта 75 кв. миэтэрэ иэннээх буолуохтаах. Оччоҕо «сымыйа кафелар» уонна «наливайкалар» сабыллыахтара. Аны туран итирдэр утаҕынан эргинэр атыы-эргиэн тэрилтэлэрэ оскуолалартан, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыттан аччаабыта 300 миэтэрэ тэйиччи буолуохтара. Уһуйааннартан, успуорт уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэриттэн, аэропортартан, баксааллартан, байыаннай эбийиэктэртэн 200 миэтэрэ тэйитиллиэхтэрэ.
Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куорат дьаһалтатын мунньаҕар эппиттэринэн, Дьокуускайга полицията, куорат уопсастыбаннай балаататын бэрэстэбиитэллэрэ, олохтоохтор кыттыылаах «сымыйа кафелары» уонна «наливайкалары» кэрийэр эриэйдэлэр тэриллиэхтэрэ.
Сокуон олоххо киирдэ даҕаны Дьокуускай куоракка итирдэр утахтарынан эргинэн 63 туочука үлэтэ тохтуохтаах. Сокуон, бастатан туран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр аттыларыгар баар кафеларга арыгыны атыылааһыны эмиэ хааччахтыа.
Арыгы атыылыыр сир иэнин улаатыннарар сокуон ылылынна, биир-икки остуолу, устуулу туруоруммут «сымыйа кафелар», кыра маҕаһыыннар сабыллар боппуруостара быһаарыллар кэмнэрэ кэллэ диэххэ сөп. Мин дьиэм аттыгар баар «У Бати» курдук «сымыйа кафе» күнүстэри-түүннэри арыгыны атыылыыр, үксүн илдьэ тахсарга эмиэ атыылыыр. Онон суукканы эргиччи кэриэтэ итирик киһи элбэх.
Баччааҥҥа диэри күннээн-күөнэхтээн кэлбит аһыы утаҕынан эргинэр атыы-эргиэн туочукалара бэрээдэктэнэр күннэрэ үүнэр күннээх эбит диэн эрэл кыыма баар.
Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…
Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…
СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…