Арыгы «туочукаларын» оннугар успуорт саалаларын туруорустулар
Бэҕэһээ, ахсынньы 9 күнүгэр, Дьокуускай куорат уокуругун Уопсастыбаннай балаатата арыгы атыытын хааччахтааһыны күүһүрдүү туһунан уопсастыбаннаһы кытта мунньахтаата.
Мунньаҕы Дьокуускай куорат уокуругун Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин иилээн-саҕалаан ыытта.
«Сатас» уопсастыбаннай хамсааһын, «Үс түмсүү» холбоһук, Аҕалар лигалара, куорат уокуруктарын ахтыбыыстара, уопсастыбаннай түмсүүлэр, урбаанньыттар уонна чөл олоҕу тутуһааччылар Дьокуускай куорат дьаһалтатын саалатыгар лыык курдук мустубуттар.
Элбэх киһи тыл эттэ, араас санаа иһилиннэ. Арыгылааһыны утары охсуһааччылар уонна итирдэр утаҕынан эргинэр урбаанньыттар икки өттүттэн күүскэ мөккүстүлэр. Хайа да хайалара бэйэлэрин бырааптарын этиннилэр, киҥир-хаҥыр саҥарсан саалаттан да тахсан барааччы баар буолла. Үгүстэр арыгылыыр сирдэри куорат кытыытыгар, тас да өттүгэр таһаарыахха, арыгылааһын сокуонунан бобуллубат диэн эттилэр. Мэдиссиинэ эйгэтигэр үлэлээччилэр, арыгы киһи доруобуйатыгар охсуутун этэн туран, биһиги кэскилбитин саныыр буоллахпытына, «Чөл олоҕу тутуһар куорат» диэн ылынан, итирдэр утахтары атыылааһыны адьас даҕаны бобуохха диэн туруорустулар.
Арыгылааһын култуурата, итирдэр утаҕынан хаачыстыбалаахтык эргинии диэн өйдөбүл суоҕун, биир тиэргэҥҥэ хайдах даҕаны биир-биэс арыгы атыылыыр «туочука» баар буолуон сатамматын, хата, ол оннугар олохтоохтор маассабайдык успуорт саалатыгар сылдьалларын курдук комплекстары туталларыгар, тэрийэллэригэр эттилэр.
Мунньах кыттыылаахтара сыл аайы бииртэн биир кыһалҕа тахсан испэтин курдук, систиэмэлээхтик бары хайысханы тэҥҥэ тутан, сайыннаран быһаарыахха наада диэтилэр.
Итирдэр утаҕы атыылааһын биисинэс сокуонугар олоҕурарынан, бобор кыаллыбатын, арай, хааччахтыыр миэрэлэри уонна ИДьМ бырабылаактыкатын күүһүрдэр үлэ күүскэ барыан наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: