Соторутааҕыта Ил Түмэн пленарнай мунньаҕынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуон барыла көрүллэн бастакы ааҕыыга ылыныллыбытын туһунан суруйан турабыт. Бу күннэргэ куорат баһылыга элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ уонна онно сыстар территорияларга, аһыыр сирдэргэ арыгыны атыылыыр тэрилтэлэри бэйэтэ кэрийэ сылдьан устан телеграм каналыгар укпутун социальнай ситимнэр тарҕаттылар. Онтон көрдөххө, кырдьык, куораппыт хас муннугун аайы арыгы атыылыыр «туочукалар» элбэхтэр эбит.
Арыгыны олох бобор сатамматын бары билэбит, ол эрээри, саатар арыгыны атыылааһыны, эргиниини бэрээдэктиэххэ сөп. Дьокуускай куорат мэрэ Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ таһымыгар арыгы бородууксуйатын атыылааһыны бэрээдэктиир сокуону ылынан эрэ хааччахтааһыны ситиһэр суолу тобулбуттарын этэр. Кини бу сайын нэһилиэнньэни кытары көрсүһэригэр: «Мин позициям маннык – норуокка «наливайка» диэн ааттанар арыгыны атыылыыр сирдэри утарабын. Тус бэйэм арыгыны испэппин уонна кимиэхэ да сүбэлээбэппин. Мин өссө быыбарым бырагырааматыгар арыгыны атыылыыр туочукалар ахсааннарын аҕыйатар туһунан сокуон туруорсарга үлэлиэм диэн бэлиэтээбитим», – диэн ылыннарыылаах санаатын дьон сэргээбитэ.
Ким туруорсар – ол ситиһэр
Кырдьык, куораппыт кэнники сылларга арыгы атыылыыр кафеларынан, бардарынан, маҕаһыыннарынан туолла. Холобур, аҥаардас мин олорор дьиэм утары кыракый «Богатырь» атыы-эргиэн комплексыгар, мин ааҕыыбынан, түөрт тус-туспа арыгы атыылыыр сир баар, мэрия дааннайынан, биэс диэн. Сарсыарда оптуобус тохтобулугар таҕыстахха, сэрэйдэххэ, арыгы ылаары, дьонтон харчы көрдөөччүлэр наар баар буолаллар, хомойуох иһин, үксэ сахалар. 37 эрэ дьиэлээх аҥаардас Губин уулуссатыгар 10-ча арыгы атыылыыр «туочука» баар диэн суруйаллар. Бу эргин олорооччулар араастаан үҥсэн бэрээдэктэтэ сатаабыттара ыраатта даҕаны, баччаҕа диэри кыалла илик. Арай, саҥа сокуон ылылыннаҕына, саатар аҕыйыа этилэр диэн эрэнэ саныыбыт. Оттон куорат атын уулуссаларыгар, мэр устубут видеотун көрдөххө, эмиэ оннук хартыына. Онно куорат хабайар хаба ортотугар олорор дьиэҕэ биир арыгы атыылыыр маҕаһыын уонна аттыгар түөрт бар баара көстөр. «Орджоникидзе уулусса 17-тэ, оруобуна уун утары икки бар баар. Балар икки арылара 10 м эрэ. Өссө кыратык бара түстэххэ, 20 м иһинэн өссө биир бар үлэлиир. Бу барыта биир сиргэ түөлбэлээн турар. Бэрээдэктиир бириэмэ кэллэ», – диэн Евгений Григорьев санаатын бигэтик этэр. Эрчимнээх эдэр салайааччы кыайдаҕына кини эрэ кыайыа диэн эрэл санаа үөскүүр.
Дьэ ол иһин, быйыл сайын атырдьах ыйыгар, олохтоохтор туруорсууларынан, Дьокуускай куорат баһылыгын көҕүлээһининэн, куорат дьокутааттарын мунньаҕа тэрийиитинэн, Губинскай уокурук уонна 202, 203 микро-оройуон олохтоохторун кытары көрсүбүттэрэ. Онно арыгыны атыылыыр сири кырата 100 квадратнай миэтэрэҕэ диэри улаатыннарар туһунан этии киирбитэ. Манна арыгы атыылыыр урбаанньыттар кыттыылаах буолан, кинилэр санаалара эмиэ учуоттанан, дьүүллэһии түмүгэр 75 кв.м. буоллун диэн түмүк ылыллыбыта. Ити кэннэ боппуруос өрөспүүбүлүкэ парламеныгар баар дьокутааттар «Столица» ассоциацияларыгар дьүүллэһиллэн, сокуон барыла оҥоһуллан Ил Түмэн сиэссийэтигэр киирбитэ.
Барылы көмүскүүрүгэр Дьокуускай куорат баһылыга куорат дьаһалтата биирдиилээн арыгыны атыылыыр сирдэр кыраныыссаларын быһааран уураах ылыллыбытын, ону таһынан, арыгы бородууксуйатын атыылааһыҥҥа хааччахтанар эбийиэктэр (зданиелар) испииһэктэрэ быһаарыллан, бигэргэммитин иһитиннэрбитэ. Онон сокуон ылыллыан эрэ кэрэх, мэхэньиисим оҥоһуллан, олоххо киирэрэ бэлэм.
Аан дойдуга уонна Арассыыйаҕа хайдаҕый?
Саамай элбэх арыгыны иһэр, нэһилиэнньэ биир киһитигэр тиксэринэн, Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин (World Health Organization) ньыматынан суоттааһынынан, 2020 с. – Белоруссия, Литва, Чехия, Франция уонна Арассыыйа буолаллар. Барыта 41 дойдуга арыгыны иһиини толору боболлор эбит, ол үксүн мусульманскай дойдуларга. Оттон Скандинавияҕа арыгына иһиини бобор анал бырагыраамалаахтара этиллэр. Кытай эмиэ кэнники кэмҥэ арыгылааһыны утары күүскэ ылсан үлэлээн эрэр, оннооҕор арыгыттан эмтэниигэ босхо эмтиир сирдэри арыйбыт. Оттон Саха сиригэр хайдаҕый? Чопчу статдааннайы булбатым, ол гынан баран, кэнники сылларга арыгы атыыта элбээбитинэн көрдөххө, үчүгэйэ суох хартыына көстөр.
Арыгы – этиловай испиир, этанол, ньиэрбинэй систиэмэҕэ дьайар наркотик дьайыылаах бэссэстибэ. Арыгы киһи ис туругун кэбирэтэр, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын айыгыратар утаҕынан буолар. Арыгылааһын култуурата баарын балачча кэпсииллэр даҕаны, аһыы утаҕы амсайааччы аҕыйыахтааҕар төттөрүтүн элбиир.
Туох баар иэдээн, оһол барыта арыгылааһыны кытары сибээстээх. Буруйу оҥорооччуттан хас үһүс киһитэ арыгылаан баран сокуону кэһэрин туһунан быраап статистиката көрдөрөр. Дойду үрдүнэн арахсыы 7% эмиэ арыгылааһыны кытары сибээстээҕэ ыйыллар. Оттон арыгылааһыны кытары сибээстээх атын кыһалҕалар: оҕону иитиигэ, үлэттэн уурайыыга, уопсастыбаннай быраабы кэһиигэ, о.д.а. сабыдыалын, ыалдьыыга тириэрдиитин туһунан эппэккэ туран, элбэх. Итинник аахтахха, киһи хараастар. Арыгылааһын социальнай өттүнэн эрэ буолбакка, бары хайысхаҕа сабыдыала улахан кыһалҕаҕа тириэрдэр. Дьэ бу кыһалҕа уруккуттан кыайтарбат. Арыгыны олох бобуохха диэччилэр эмиэ бааллар, ол гынан баран, билиҥҥи ырыынак үйэтигэр оннук кыалыбат. Боптоххо, аны уоран-кистээн атыылааһын хайысхата сайдыа уонна, судургутук эттэххэ, арыгыны иһэр киһи баарын тухары арыгы атыыта син биир баар буолуоҕа.
Хааччахтыыр сокуон барыла хамсаата
Эппиппит курдук, Ил Түмэн мунньаҕынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааста.
Бүгүҥҥү кыһалҕабыт быһаарыллыыта өрөспүүбүлүкэ сокуоннара уларыйалларыттан быһаччы тутулуктаах диэн көрөбүт. Арыгы атыылыыр сир иэнин улаатыннарар быһаарыы ылылыннаҕына, биир-икки остуолу, устуулу туруоруммут «сымыйа кафелар», кыра маҕаһыыннар сабыллар боппуруостара быһаарыллыахтара этэ. Бастатан туран, арыгыны иһиигэ атыылыыр «туочукалар» буортулууллар. Итинник сирдэр күнүстэри-түүннэри арыгыны илдьэ тахсарга атыылыыр буоланнар, эргиччи тиэстии элбэх буолар.
Бу саас куорат дьаһалтата бэйэтин боломуочуйатыгар сөп түбэһиннэрэн таһаарбыт 118 №-дээх уурааҕар этилэринэн, арыгы атыылыыр сир социальнай тэрилтэлэртэн уонна олорор дьиэлэртэн 100 м тэйиччи буолуохтаах. Ити дьаһал түмүгэр, бу сайын 26 кыра маҕаһыын уонна «сымыйа кафелар» сабыллыбыттара.
Өскөтүн, үөһэ ыйыллыбыт сокуон ылылыннаҕына, куорат дьаһалтата оҥорбут испииһэгинэн Дьокуускай куоракка арыгыны атыылыыр 50-тан тахса бар уонна «туочука» сабыллыахтарын сөбүн туһунан киин куорат мэрэ Евгений Григорьев Ил Түмэн мунньаҕар этэн турар. Оччотугар итирдэр утаҕы атыылыыр 490 уопсастыбаннай аһыыр сир баарыттан 60-тан тахсата хааччахтааһыҥҥа түбэһиэ.
Сорохтор бу арыгыны атыылыыр урбаанньыттары кытары киирсии, баттааһын диир саҥалара кытары иһиллэр. Ол эрээри, бу – куорат олохтоохторо, маннык көстүүттэн сылайан, тулуйар кыахтара суох буолан, нус-хас олоххо олорор баҕаттан итинник миэрэлэри ылынары күһэйдилэр. Ама, ким үчүгэй олоххо олоруон, кини ыччата үтүөтүн салгыыр киһи буолуон баҕарыа суоҕай. Онон бу сөптөөх сокуон ылылларын үгүс куорат олохтооҕо кэтэһэр, тустаах уорганнар өйөөн билиҥҥи кэмҥэ тыын суолталаммыт кыһалҕа быһаарылларыгар эрэнэллэр.
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…