Итирбит дьоҥҥо көмөлөһүөхтэрэ
25.12.2022, 10:43
Бөлөххө киир:
Арыгыны элбэхтик иһэн итирэр дьоҥҥо көмөнү оҥорор туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова этиитин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар өйөөтүлэр.
Сокуон бырайыагынан аны мантан ыла арыгы испит, итирбит дьоҥҥо мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллуоҕа. Ол курдук, итирик киһини полиция салаатыгар буолбакка, анал тэрилтэҕэ илдьэр буолуохтара. Маннык анал тэрилтэ быһа холоон уон куойка миэстэлээх буолуоҕа. Онон арыгыттан уонна наркотическай, токсическай «биэсэстибэлэртэн» сүһүрбүт дьоҥҥо оҥоһуллуохтаах көмө туһунан СӨ бырабыыталыстыбатыгар ылыныллыбыт сокуон бырайыага сотору бигэргэтиллиэҕэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: