Арыгылааһын төрүөтэ (Орто омурҕаннарын ааспыт дьахталлар тоҕо арыгыга ылларалларый?)
Кэрэ аҥаардар 50 саас кэнниттэн тоҕо арыгыга ылларалларын (алкоголизм) туһунан Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын наркологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Юлия Ростовщикова быһаарда.
– Юлия Витальевна, 50 саас кэнниттэн кэрэ аҥаардар арыгыга ылларалларын тугу кытары сибээстиигитий?
– Кинилэр бу саастарыгар арыгынан үлүһүйэллэрин үгүстэр бэйэлэрин дьиэ кэргэннэригэр чугастык алтыһыы, бодоруһуу тиийбэтин билэн баралларыттан диэн сабаҕалыахха сөп. Оҕолоро улаатан ыал буолаллар, атын сиргэ көһөллөр, бараллар-кэлэллэр… Киэҥник тарҕаммыт сылтаҕынан эмискэ үлэтэ суох хаалыы, чугас киһини сүтэрии буолар. Өссө биир киэҥник биллэр төрүөт – биэнсийэҕэ тахсыы, онуоха көҥүл бириэмэ элбэҕэ уонна соҕотохсуйуу.
– Маннык кэрэ аҥаар мэтириэтин ойуулаатаххына, кини кимий? Социальнай туруга? Үөрэҕин таһыма? Олоҕун-дьаһаҕын балаһыанньата?
– “Чопчу маннык” диэн мэтириэт суох. Кини араас үөрэхтээх уонна социальнай туруктаах буолар. Олоҕун-дьаһаҕын, үп-харчы өттүнэн балаһыанньата эмиэ араас. “Эдэрдэр уонна намыһах социальнай туруктаах дьахталлар иһэллэр” диэн дойҕох сыыһата биллибитэ ыраатта. Иһэр дьахталлар ортолоругар үтүө туруктаах дьиэ кэргэнтэн аҕыйаҕа суохтар. Арыгылааһын ханнык да араастаһыыны учуоттаабат.
– Оччотугар киһи дьарыктааҕа уонна уопсастыбаҕа наадалаах киһинэн сананара арыгылааһыҥҥа тириэрдибэт диэн этиэххэ сөп?
– Киһи дьарыктааҕа уонна бэйэтин наадалаах курдук сананара арыгыга ылларыыны бопсор. Тоҕо диэтэххэ, арыгылыырыгар да, ол туһунан толкуйдууругар да бириэмэтэ тиийбэт. Ону таһынан тулалыыр дьонугар эппиэтинэстээҕин, наадалааҕын билэр.
– Дьахтар арыгылыырыттан туттунарыгар өссө туох төрүөт баар буолуон сөбүй?
– Кыратык да туттунар төрүөтүнэн дьонтон кыбыстара буолуон сөп. Аны, ыаллара, аймахтара көрүөхтэрэ дии? Арыгыга ылларыы курдук ыарыыны мэлдьэһии – ыарыы биллэр-көстөр сибикитэ. Ону таһынан, дьахталларга ити мэлдьэһии социальнай ыгыыны-түүрүүнү (прессинг) кытары быһаччы сибээстээх. Хайдах да эргит, дьахтар генофонда бэриллиитигэр эппиэтинэстээх, алаһа дьиэни араҥаччылааччы быһыытынан, уопсастыба сэмэтин ордук көрсөр. Итинтэн сиэттэрэн, арыгыны сиэри таһынан иһэр кыһалҕалааҕын өр кистииргэ күһэллэр. Үөскээбит кыһалҕаны атын дьон эт харахтарынан көрүөхтэригэр диэри кистии сатыыр.
– Дьахтар арыгыга ылларыытын уратытын ойуулаатахха?
– Тустаах уратылар дьахтар организмын тутулун кытары сибээстээхтэр. Дьахтар этигэр-сиинигэр баар уу эр дьоннооҕор 10% аҕыйах (эр дьоҥҥо – 55-65%, дьахталларга 45-55%). Ол түмүгэр дьахталлар эр киһини кытары арыгыны төһө да биир тэҥи испиттэрин иһин, дьахталлар хааннарыгар арыгы мунньуллуута эр киһитээҕэр элбэх. Өссө биир уратыта – дьахтар организмыгар уларыйыылар тахсар кэмнэригэр (климакс) арыгылааһын ыарыытыгар ылларар кутталлара ордук улахан. Манна эбэн эттэххэ, олох-дьаһах балаһыанньата баһылыыр оруолу оонньуур.
– Арыгыга ылларыы диэн тугу ааттыахха сөбүй? Холобур, күн аайы биир бакаалы иһии – арыгыга ылларыы дуо?
– Куһаҕаны оҥорбот өлүү (доза) диэн арыгыга суох. Чэпчэки сыаналаах портвейн да, күндү коньяк да биир тэҥник охсоллор. Сүрүнэ – арыгы ханнык баҕарар өлүүтүн тиһигин быспакка иһии уонна итирэргэ наадыйыы сөп оҥорор. Итирбит турук дьахтар бэйэтин кириитикэлэнэрин суох оҥорор, кини олоҕу көрүүтүн уларытар. Кини санаатыгар, арыгылаах утаҕы уонна пиибэни иһэн бириэмэтин үчүгэйдик атаарар, дьиҥэр, кини арыгыга ылларыыга бастакы хардыытын оҥорор. “Пиибэттэн туох да буолбаккын” дии санаан, дьахталлар дириҥник сыыстараллар.
– Дьахтар арыгыга ылларыыта тоҕо ыараханнык эмтэнэр ыарыынан ааҕылларый?
– Дьахтар арыгыга ылларыыта эмтэниллэрин-эмтэниллибэтин туһунан кыһалҕа олус элбэх мөккүөрү үөскэтэр. Арыгыга ылларыы, эмиэ саахарынай диабет уонна бронха астматын курдук, дьарҕа (хроническай) ыарыыларыгар киирсэр. Ол иһин, быраастар үтүөрүү туһунан хаһан да чопчу эппэттэр. Бу – эр дьоҥҥо да, дьахталларга да тэҥ бириигэбэр. Биһиги сыалбыт-сорукпут – ыарыыттан үтүөрүүнү, чөл олоххо тиийиини ситиһии. Ол гынан баран, дьахталлар арыгыттан аккаастанарга бэйэлэрэ баҕалара суоҕа, оннук кыһалҕалаахтарын билиммэттэрэ ордук мэһэйдиир. Кинилэр үксүгэр быраастарга дьиҥнээхтик эмтэнэ буолбакка, арыгыга баттатыы, утуйбат буолуу, ииримтийии туругуттан босхолоно кэлэллэр. Онтон “холкутуйдахтарына”, кыһалҕаларын умналлар, хайыы үйэ бэйэлэрэ да кыайыах-хотуох курдук сананаллар. “Бэйэм да кыана туттуом (“баҕардахпына – бэйэм тохтуом”, “мин да атыттар курдук эрэ иһэбин” уо.д.а.)” дии саныыллар.
Быраабыла курдук, иһэр дьахталлар бэйэлэрин сэмэлэнэллэрэ, буруйданаллара аҕыйах. Кинилэр ис туруктарыгар, тас көстүүлэригэр, майгыларыгар-сигилилэригэр, олоххо сыһыаннарыгар тахсыбыт уларыйыыларын бэлиэтии көрбөттөр. Чиэһинэйэ суох быһыы, бэйэ эрэ иннин билинии, эппиэтинэһэ суох сыһыан кинилэргэ нуорма курдук буолан хаалар. Кинилэр “аны иһиэм суоҕа” диэн эрэннэриэхтэрин сөп, ол гынан баран, ол эрэллэрин толорботтор. Арыгыга ылларыы уодаһыннаах өрүтүнэн ыарыыга ылларбыт киһи “тылбын толоруом” диэн ис-иһиттэн итэҕэйэрэ, ол гынан баран, испэт буолар кыаҕа суоҕа буолар… Арай, бэйэтин туругун ыарыы курдук ылыннаҕына, онно итэҕэйдэҕинэ, бу туруктан тахса сатыырга кыһаллыа. Дьолго, үлэ уопута итини бигэргэтэр. Хас эмэ сылы быһа испэт, олохторо көммүт дьахталлар бааллар. Кинилэр арыгы истэхтэринэ амырыын суол хатыланарын, өссө алдьархайдаах буоларын өйдүүллэр.
Эмтэнээччилэр кыһалҕалара төһө дириҥин билинэллэригэр нарколог-психиатрдар, килиниичэскэй психологтар, химическэй тутулуктаныы консультаннара үлэлэһэллэр.
Ол гынан баран, ханнык да түгэҥҥэ арыгыттан аккаастанар быһаарыыны дьахтар бэйэлэрэ ылынар. Кини тус баҕатыттан уонна дьайыыларыттан эрэ салгыы хайдах олороро тутулуктаах.
Күндү кэрэ аҥаардар, арыгыттан босхолонорго бэйэҕиттэн ураты ким да көмөлөспөт! Ким эрэ туһугар арыгыга ылларыыттан аккаастанар сатаммат. Кэргэниҥ, төрөппүттэриҥ, оҕолоруҥ да туһугар буолбатах. Бэйэҥ эрэ тускар оҥоруохтааххын.
Дьахталлар биһиэхэ эмтэнии кууруһун ааһан баран, биһигиттэн “ханна да” барбаттар. Кинилэр мэдиссиинискэй көрүүгэ-истиигэ наадыйаллар (диспансер исписэлиистэрэ, психологтар, реабилитация бырагыраамалара). Бу көмөлөрбүтүн толору туһанарга бэлэм дьон баара биһигини үөрдэр.
Арыгылааһынынан үлүһүйбүт, чөл олоххо тиийэргэ уустук суолу ааспыт дьахталлары кытары үлэ үөрүйэҕэ олох кыаллыа суох курдук балаһыанньаттан тахсар кыах баарын бигэргэтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: