Салгыы
Арыгыны атыылааһыны хааччахтыыр сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааста

Арыгыны атыылааһыны хааччахтыыр сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааста

30.11.2022, 19:51
Бөлөххө киир:

СӨ Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын көрүүтүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан сокуон барылын көрдүлэр.
Сокуон барыла өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутааттара Игорь Григорьев, Антонина Григорьева, Владимир Прокопьев, Юрий Николаев, Павел Петров, Андрей Дорогань, Феодосия Габышева, Андрей Находкин, Аркадий Семенов көҕүлээһиннэринэн оҥоһулунна.
Сокуон барылын ис хоһооно, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ уонна онно сыстар территорияларга, аһыыр сирдэргэ арыгыны атыылааһыҥҥа эбии хааччахтааһыны олохтооһун. Бу элбэх киһини долгутар, баччаҕа диэри кыаллыбатах кыһалҕа буолар.
Ол курдук, сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааста, иккискэ ылылыннаҕына, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ уонна онно сыста сытар территорияларга баар аһыыр сирдэргэ арыгыны атыылааһын хааччахтанан, элбэх кафе, баар сабыллара сабаҕаланар. Оччоҕуна олохтоохтор нус-хас олохтонуо, бэрээдэк син көнүө этэ.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев норуот дьокутааттарын иннигэр тыл этэригэр, Дьокуускай куорат ыам ыйын 6 күнүгэр 2022 сыллаахха «Биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бобуллар сирдэр кыраныыссаларын быһаарыы» уурааҕын ылыммыппыт диэтэ, ону таһынан арыгы бородууксуйатын атыылааһыҥҥа хааччахтанар эбийиэктэр (зданиелар) испииһэктэрэ быһаарыллан, бигэргэммитин иһитиннэрдэ.
Ылыллыбыт уураахха олоҕуран, арыгыны атыылыыр кафелар, баардар үөрэх тэрилтэлэриттэн – 300 м, оҕо саадыттан – 200 м, спа-салоннартан, лабораториялартан, атын салоннартан – 15 м тэйиччи буолуохтаахтар.
Ону сэргэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ «ыаллыы сытар территориялар» диэн өйдөбүлүнэн бары өттүттэн 50 м тэйиччи буолуохтаах. Дьокуускай куоракка ити үлэ түмүгүнэн 26 маҕаһыыҥҥа пиибэ атыытын тохтоппут.
Куорат баһылыга эппитинэн, нэһилиэнньэ олорор дьиэ аттыгар элбэх «сымыйа кафелар» баалларыттан дьиксинэр, ол иһин атыылыыр сир иэнин 75 кв.м. диэри улаатыннаралларыгар көрдөстө. Оччотугар итирдэр утаҕы атыылыыр 490 уопсастыбаннай аһыыр сир баарыттан 63-һэ хааччахтааһыҥҥа түбэһэр эбит. Аны итинтэн тоҕуһа көҥүлэ (лицензията) суох, оттон хаалбыттар «сымыйа кафелар» атыылыыр сирдэрин иэнэ 10 кв.м, онон хааччахтааһын бэрээдэктээһиҥҥэ көдьүүһэ улаатыа этэ.
Дьокуускай куорат баһылыга ити боппуруос тустаах хамыыһыйаҕа хаста да көрүллүбүтүн, киин куорат нэһилиэнньэтин кытта көрсүһүүлэр ыытыллыбыттарын бэлиэтээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: