Ол эрээри күөһү өрүнэргэ эрдэ соҕус… Тоҕо? Уодаһыннаах арыгы диэн “ас” хайдах дэлэйэн-уостан испитин туһунан кэпсииргэ сананным. Туох баарынан, кырдьыгынан. Аныгы үйэ дьоно биллиннэр, уруок буоллун диэн.
Сэрии кэнниттэн маҕаһыыннарга арыгы син баара даҕаны, дьон мээнэ испэт этилэр. Ол саҕана тыа сиригэр бары кыра холкуостарынан олороллоро. Аны санаатахха, холкуостаахтар эрэйдээхтэр баран хаалыахтара диэн буолуо, кинилэргэ пааспар биэрбэт эбиттэр. Харчынан хамнас диэн суоҕа, дохуоттарын сыыһын төһөнү үлэлээбиттэринэн этинэн-арыынан үллэстэллэрэ. Сэрии кэнниттэн олох да ыарахана. Ол иһин арыгыны күндү ас курдук сыаналыыллара, харчы да кырыымчыга оруолу ыллаҕа. Холобур, биһиги 1950 с. Мундулаах диэн сиргэ муус түннүктээх балаҕаҥҥа хас да дьукаах буолан кыстаан олорбуппут. Онно күһүн убайым Уйбаан сыарҕалаах оҕуһунан кийиит кыыһы сүгүннэрэн аҕалбыта. Ону син ас астаан уруу курдук бэлиэтээбиттэрэ. Онно биир иһит арыгыны испиттэрин өйдүүбүн. Онон бүтэр. Ону билиҥҥини кытта тэҥнээн көрүҥ.
Арыгы иһиитин дэлэйиитэ ааспыт үйэ 60-с сылларын ортолоруттан, сопхуостар тэриллэн барыахтарыттан, дэлэйбитэ. Холкуостаахтар пааспар ылан, оробуочай аатыран ый аайы хамнас аахсар буолбуттара. Олох көнөн барбыта. Бастыҥ үлэһиттэр хамнаһы ботуччу аахсаллара. Холобур, сэбиэттиирбэр ыйдааҕы хамнаһым 120 солк. этэ. Ол кэмҥэ чөмпүйүөн суоппардар ыйга 300 солк. тиийэ аахсаллара. Арыгы арааһа сир аайы дэлэйэн барбыта. Кыһыл арыгы 200 л буочуканан кытта кэлэрэ. Арыгы бары маҕаһыыннарга, кыра ларектарга кытта атыыланара. Сыаната чэпчэкитэ.
Итирдэр утаҕы иһии маассабай буолан барбыта. Нэһилиэктэргэ испэт да эр киһи суоҕун тэҥэ буолбута. Дьахталлар да хаалсыбаттара. Хоноһо-ыалдьыт кэллэҕинэ арыгы туруоруу үгэскэ кубулуйбута. Ордук тиэхиньикэ үлэһиттэрэ, сылгыһыттар «күннүүллэрэ». Тырахтарыыстар быстах от-мас, муус тиэйдэхтэринэ харчы көрдүүр туһунан санаан да көрбөттөрө. Барыта «соккуой» диэн арыгылаах аһатыынан быһаарыллара. Күһүн убаһа өлөрүүтүгэр, быраабыла курдук, бытыылкалаах тиийиллэрэ.
Бырааһынньыктарга, урууларга итирии-кутуруу, быыһыгар араас мочоолоһуу да элбэҕэ. Эр дьон ортотугар үксүгэр ким төһөнү, ханна испитин, итирбитин туһунан кэпсэтии буолара. Иһэн баран тиэхиньикэни ыытыы кэпсээҥҥэ да турбат этэ.
Арыгыны утары охсуһуу син барар курдуга. Үксүгэр күүһүнэн кэриэтэ эмтэтэ ыытыллара. Онуоха үгүстэрэ, тута кэриэтэ, өссө күүскэ испитинэн бараллара. Элбэх киһи милииссийэҕэ түбэһэн, 10-15 сууккаҕа хаайыыга киирэллэрэ. Онно эр дьон баттахтарын килэччи кырыйан кэбиһэллэрэ. Үгүс киһи 1-2 сылга Мохсоҕоллоох ЛТП-гар күһэлэҥ үлэҕэ уураахтанара.
Ити курдук арыгылааһын аһара диэлийэн төһөлөөх элбэх киһи олоҕо алдьаммытын, кылгас үйэлэммитин, өлбүтүн-сүппүтүн, хаайыы эҥэрдэммитин, ону ааһан төһөлөөх үлэҕэ-хамнаска охсубутун киһи ааҕан сиппэт.
Былааска М.С.Горбачев кэлиэҕиттэн, 1986 с. диэкиттэн арыгылааһыны утары күүстээх охсуһуу саҕаламмыта. Арыгыны букатын бобуу буолбакка, атыылааһынын аҕыйатар үлэ барбыта. Дьокуускайга арыгы атыылыыр сирдэргэ тимиринэн күрүө оҥорон улууканнаах уочараттар буолалларын аҕа саастаахтар өйдүүллэрэ буолуо. Онно уочаракка 2-тэн ордук бытыылканы биэрбэттэрэ. Оттон тыа сирдэригэр сэбиэт испииһэгинэн ыйга ыалга биирдии бытыылка көҥүллэнэр буолбута. Маннык эмискэ кытаанах бопсуу түмүгэр бырааганы туруоруу, одьукулуону, тиэхиньиичэскэй испиири иһэн сүһүрүү, өлүү да түбэлтэлэрэ тахсыталыыр буолбуттара. Ол эрээри, арыгыта суох уруулары эҥин тэрийэн арыгылааһын аччаан, син бэрээдэк тупсуох курдук буолан барбыта. Арассыыйа үрдүнэн кэнники икки сылга доруобай оҕо төрөөһүнэ 1,5 мөл. эбилиннэ диэн көрдөрүү баара.
Сойууспут ыһыллан, былааска Б.Ельцин киириэҕиттэн арыгылааһын иитэ-саҕата суох диэлийбитэ. Эмиэ итирдэр утах арааһа, пиибэ талбыта сир аайы үрдэ суох атыыланар буолбута. Ордук, уулаатахха биирэ 4 бытыылка буолар PORAL диэн амырыын амтаннаах испиир дэлэйэн иэдэппитэ. Пиибэ арыгы ахсааныгар киирбэтэ. Күөх экранынан түүннэри-күннэри пиибэни иһиҥ диэн эрэкэлээмэ бөҕө барара.
Оннооҕор биир кэмҥэ биһиэхэ улууспут киинин ортотугар турар райпо улахан маҕаһыынын истиэнэтин дьөлө эрбэтэн, чуолҕан оҥорон, түүннэри итирдэр утахтары харыыта суох атыылыыр буола сылдьыбыттара. Аны санаатахха, сүрдээх да эбит!
Бу куһаҕан дьаллыгы утары өссө ыраахтааҕы саҕана Боотуруускай улуус кулубата Егор Николаев (1885-1888) туруна сылдьыбыт эбит. Онтон маҥнайгынан чөл олох уопсастыбатын тэрийбит киһинэн улуу Өксөкүлээх Өлөксөйбүт буолар. Кини аатырбыт «Саха интэлигиэнсийэтигэр суругар» бу кыһалҕаны туоратыыны биир бастакы соругунан туруорбут.
Салгыы саҥа үйэҕэ киирэн баран, чөл олоххо киирии төрдүн оҥорбут киһинэн, мин улуу диир, маҥнайгы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев буолар. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан «Доктрина здорового образа жизни» диэни киллэрбитэ. Салгыы «Департамент по сохранению генофонда народов республики», уо.д.а. тэрийбитэ. Ол эрээри оччолорго бириэмэтэ, үөһээттэн, суруйбутум курдук, бэлиитикэтэ атын этэ.
Салгыы алдьатыылаах арыгылааһыны утары улахан үлэни ыыппыт салайааччынан 3-с бэрэсидьиэммит, маҥнайгы Ил Дархаммыт Е.А.Борисов буолар диибин. Ордук кини 2015-2018 сс. тэрийбит 12 үлэһиттээх «Госалкоконтроль» диэн управлениета күүстээх үлэни ыыппыта. Бу тэрилтэ арыгыны атыылааһыҥҥа көҥүл биэриини бэрээдэктээһиҥҥэ уонна сүрүннээн, арыгылааһыны утары элбэх өйдөтөр үлэни ыыппыта. Салайааччытынан Уус Алдантан төрүттээх, педагогика билимин хандьыдаата, норуоту чөл олоххо тардыыга ис дууһатыттан кыһаллан М.И.Лыткин үлэлээбитэ. Маны таһынан Матвей Иванович өрөспүүбүлүкэҕэ, ордук саастаах дьоҥҥо, скандинавскай хаалыктаах хаамыыны тэрийиигэ улахан хамсааһыны таһаарбыта. Арыгыны утары охсуһууга улахан өйдөтөр үлэни Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх, мэдиссиинэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр К.Г.Башарин ыыппытын бары билэбит, билинэбит.
Бу үлэлэр түмүктэригэр, арааһа, Арассыыйаҕа олохтоммута саарбах, 200-тэн тахса нэһилиэк арыгы атыылааһынтан аккаастанан чөл олох суолун тутустулар. Итирдэр утахтары атыылааһын быдан бэрээдэктэннэ. Анал маҕаһыыннарга эрэ атыыланар буоллулар. Холобур, биһиэхэ 12 тыһ. курдук нэһилиэнньэлээх Чурапчы сэлиэнньэтин тас өттүгэр 3 сиргэ атыылыыллар. Биир үчүгэйинэн уруулга кыра да арыгы сыттаах ыытыы улаханнык хонтуруолланар буолбута хайҕаллаах.
Маннык дьаһаллар түмүктэригэр билигин араас урууларга, үбүлүөйдэргэ, атын да түмсүүлэргэ итирбит буолуохтааҕар, обургутук холуочуйбут да киһи суоҕун тэҥэ буолла. Ордук ыччат дьон арыгыттан тэйэн иһиитэ киһини үөрдэр.
Биир тылынан, ити ылыллыбыт дьаһаллар түмүктэригэр, уруккуга холоотоххо, арыгы иһии быдан бэрээдэктэннэ. Мин ханнык даҕаны үчүгэй-куһаҕан дьайыы, киһиттэн, ордук салалтаттан тутулуктаах диэн куруук суруйабын.
Ол эрээри күөһү өрүнэргэ эрдэ. Ордук киин куораппытыгар түүҥҥү кулууптарга арыгылааһын элбэх диэн суруйаллар. Арыгы иһиитэ көҥүллэнэр саарбах кафелар («наливайкалар») дэлэйэн иһэллэр дииллэр. Манна биири өйдөөбөппүн. Ити аҕыйах сыл үлэлээн элбэҕи туһалаабыт «Госалкоконтроль» тэрилтэни тохтотон кэбиспиттэрин. Тоҕо? Онон бу үлэни сүрүннүүр тэрилтэ суох буолбут. Ону тохсунньу 31 күнүгэр «Олох үөһүгэр» 10-ча киһи кыттыбыт арыгы туһунан биэриини истэн итэҕэйдим. Бу үлэҕэ бары сыһыаннаах, кыһаллар курдуктар эбит даҕаны, биир сүрүннүүр уорган суоҕа тута биллэр. Бары бэйэ-бэйэлэригэр сэлээннэһэ, боломуочуйабыт суох диэбит курдук сэлэһэллэр. Онон бу олус наадалаах үлэҕэ тус эппиэттиир, тэрийэр тэрилтэ, уорган баара наада эбит дии санаатым.
Иван Пономарев, Чурапчы
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038