«Арыгыта суох олох» хампаанньа саҕаланна
«Национальные приоритеты» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ уонна Арассыыйа доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ «Арыгыта суох олох» диэн социальнай хампаанньаны саҕалаатылар. Бу арыгыттан тутулуктаах буолбут дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр сыаллаах аахсыйа тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа, хаһыаттарга, интэриниэккэ тахсыаҕа.
Бу тэрээһин чэрчитинэн, арыгыттан сылтаан олохторо алдьаммыт дьон кэпсээннэрэ бэчээттэниэҕэ. Олох, эдэр саас, таптал, дьиэ кэргэн күндүтүн арыгыга атастаһыы туох, хайдах содуллааҕын кэпсиэхтэрэ. Онон тус холобурдарынан эдэр дьон толкуйданарыгар кыах биэриэхтэрэ.
Кэнники сылларга дойду үрдүнэн арыгыны иһии кээмэйэ намтаан иһэрэ бэлиэтэнэр. ВЦИОМ дааннайынан, 2020 сыл ахсынньытыттан 2024 сыл атырдьах ыйыгар диэри арыгыны букатын испэт уонна олох кыратык иһэр дьон ахсаана 48 бырыһыантан 65 бырыһыаҥҥа диэри улааппыт. Бу «Демография» национальнай бырайыагынан үлэ ыытылларын түмүгэ буолар.
2008-2023 сылларга арыгыны утары охсуһар миэрэлэр түмүктэринэн, сылга биир киһи 15,8 лиитирэ этанолу иһэрэ 8,6 лиитэрэҕэ диэри намтаабыт. Маны тэҥэ, кытаанах кыраадыстаах арыгыны иһии эмиэ аҕыйаабыт: 2008 сылга 9,9 лиитэрэ эбит буоллаҕына, 2023 сылга 4,9 лиитэрэҕэ тиийбит.
— Арыгыттан сылтаан сүрэх-тымыр, куртах, быар, үөс, искэн ыарыылара үөскүүллэр. Киһи үйэтэ кылгыыр, өлүү элбиир. 2030 сылга диэри биир киһи сылга этанолу иһэрэ 7,8 лиитэрэҕэ диэри аҕыйыахтаах диэн сорук турар. Кэнники 20 сыл иһигэр испэт дьон ахсаана 1,8 төгүл эбиллибитэ үөрдэр, — диэн друобуйа харыстабылын миниистирин көмөлөһөөччүтэ Алексей Кузнецов этэр.
Арыгыттан тутулуктаах дьон босхо мэдиссиинэ көмөтүн ыларга наркологическай диспансерга тиийэн, эмтэниэхтэрин сөп. Онтон сүбэ-ама ыларга 8 800 200 0 200 босхо төлөпүөҥҥэ эрийиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: