Арыгыттан аккаастаныы – көнөр суолга турунуу
Бу күннэргэ Ил Түмэн Урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтигэр ыытыллыбыт мунньаҕар биирдиилээн нэһилиэктэргэ итирдэр утах атыытын бобор туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонун барылын көрдүлэр. “Чөл олох түөлбэтинэн” биллэриллибит, арыгы атыытын бэйэтин маҕаһыыннарыгар боппут нэһилиэктэр Саха сиригэр аҕыйаҕа суохтар. Ол эрэн, арыгыны бобуу миэрэтэ көдьүүстээх дуо? Быһаарсан көрүөҕүҥ.
Арыгыны иһии кыччаан иһэр
Арассыыйаҕа 2006 сылтан арыгыны иһии уонна арыгыттан сылтаан өлүү көрдөрүүлэрэ бэрт тэтимнээхтик намтаан испиттэрэ. Ордук күүскэ арыгылааһын таһыма Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ түспүтэ көстөр. Ол эрэн, бу көрдөрүү биир “ноолоох”. Уһук Илин Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытта холоотоххо, саамай иһэр нэһилиэнньэлээх.
2010 сылтан Арассыыйаҕа арыгылааһыны утары былааннаах үлэ ыытыллар. Ити кэмнэртэн дойду үрдүнэн арыгы атыытын хааччахтыыр миэрэ киирбитэ. Ол курдук, киэһэ 23.00 чаастан сарсыарда 8.00 чааска диэри арыгы атыыта бобуллубута. Итини кытта хас биирдии эрэгийиэн бу хааччаҕы күүһүрдэр бырааптаммыта. Бу быраабы 57 эрэгийиэн туһаммыт, ордук кытаанах хааччаҕы Тыва Өрөспүүбүлүкэтэ (15:00 – 11:00) Чукотка уокуруга (20:00 – 12:00), Саха сирэ (20:00 – 14:00) ылыммыттар. Статистика көрдөрөрүнэн, кытаанах хааччахтары ылыммыт эрэгийиэннэргэ арыгыны иһии уонна арыгылаан баран буруйу оҥоруу биллэрдик намтаабыта көстөр. Ол эрэн, сорох исписэлиистэр бу икки көстүү бэйэ бэйэлэригэр сабыдыаллаахтарын саарбахтыыллар.
Арыгыны утары хампаанньа үчүгэй көрдөрүүлээхтик барбыта харахха быраҕыллар. Итирик туруктаах дьон уулуссаҕа “дьаарбайбат” буолбуттарын бары көрөбүт. 2000-с сыллар эргин оптуобус иһигэр арыгы сыттаах дьон хайаан да баар буолар этилэр, билигин дэҥ кэриэтэ көрсүөххэ сөп.
Хамсык содула?
“2021 сылтан арыгыны иһии таһыма төттөрү улаатта!” диэн хаһыытыыр төбөлөөх ыстатыйалары аахпыккыт буолуо? Бу этиини, сорох көрдөрүүлэргэ олоҕуран, оруннаах диэххэ сөп. Арыгыны иһиини араас көрдөрүүлэринэн сыаналыыллар. Олортон биирдэстэрэ – арыгыттан тутулуктаах дьон ахсаана. Бу көрдөрүү эмиэ сылтан сыл намтаан испитэ – 2010 сылга 153,9 тыһыынча диагноһа чахчыламмыт арыгыһыт баар эбит буоллаҕына, 2021 сылга дойду үрдүнэн 53,3 тыһыынча киһи иһээччи быһыытынан эмтэниигэ киирбит. Үс төгүл намтааһын – сөҕүмэр ситиһии. Оттон 2022 сыл түмүгүнэн «Здравоохранение в России-2023» отчуокка этиллэринэн, арыгыттан тутулуктаах дьон ахсаана төттөрү улааппыт. 54,2 тыһыынча киһиэхэ тиийбит. Араас чинчийээччилэр сүрүннээн бу көстүү хамсык хааччахтарын кэмигэр дьиэҕэ бүгүү содула буолуон сөп дииллэр.
Маны «Сбербаан» дьон харчыны барыыр дааннайдарын ырытыыта бигэргэтэр: харантыын кэмигэр “Арыгы маҕаһыына” диэн хайысха саамай улааппыт атыы эйгэтэ. Эбэн эттэххэ, Арассыыйа соҕотох буолбатах. Аан дойду үрдүнэн арыгы атыыта 2,9% эбиллибит. Бу ааспыт 50 сыл устатыгар саамай улахан үрдээһининэн буолар.
Оннук дуо?
1985-1990 сылларга арыгыны утары ыытыллыбыт хампаанньа норуокка ситиһиитэ суох тэрээһин курдук өйдөбүлү хаалларбыт. Ол эрэн, сыыппаралар атыны этэллэр. Арыгы атыыта биэс сыл иһигэр 2,5 төгүл намтаабыт. Ити сылларга олох олоруу, ортотунан, уһаабыта, төрүөх ахсаана элбээбитэ, өлүү ахсаана кыччаабыта. Холобур, билиҥҥи ааҕыылар көрдөрөллөрүнэн, сыл аайы 500 тыһыынча кэриҥэ эбии оҕо төрөөбүтэ биллэр. Олортон мөлтөх доруобуйалаах төрүүр оҕо ахсаана 8% намтаабыт. 5 сыл иһигэр уопсай билгэлээһинтэн 1,3 мөлүйүөнүнэн аҕыйах киһи өлбүт. Үксэ үлэлиир саастаах эр киһи – экэниэмикэҕэ саамай улахан оруоллаах дьон. Онон норуот “лимиит арыгыттан” төһө да кыйаханнар, “сухой сокуон” дьиҥнээх туһаны аҕалбыта саарбаҕа суох.
Уопсайынан, “бобуу үлэлээбэт” диэн үгүс эйгэҕэ сөптөөх этии бу хайысхаҕа атын. “Ханнык баҕарар наркотигы, дьону тутулукка киллэрэр дьаллыгы хааччахтааһын дьайыыны намтатара көстөр” диэн аптарытыаттаах чинчийээччилэр статистикаҕа сигэнэн этэллэр.
Саха сиригэр арыгы атыылыыр кэми хааччахтаабыттара бу этиини бигэргэтэрэ көстөр. Сыыппараларга да сигэниитэ суох, дьон арыгыны иһэрэ аччаабыта күннээҕи олоххо көстөр.
Хааччахтааһын өлөрөр?
Арыгы хааччаҕын утарааччылар икки сүрүн этиилээхтэр. Бастатан туран, хааччахтааһын киирбит сиригэр сокуоннайа суох атыылааһын үөдүйэр. Иккиһинэн, дьон хаачыстыбата бигэргэммит арыгы оннугар саарбах хаачыстыбалаах арыгыны кытта иһэргэ анамматах суурадаһыннары иһэр.
Кырдьык, бу баар суол. Бары даҕаны арыгы атыыламмат сиригэр “туочука” диэн ааттанар, арыгыны кистээн атыылыыр сирдэр хайаан да баар буолалларын билэбит. Ону кытта, одьукулуону, ыраастыыр суурадаһыннары иһии эмиэ баар суол. Бу мантан сылтаан дөрүн-дөрүн иэдээн тахсааччы. Таатта улууһун Баайаҕатыгар 2020 сыл сэтинньитигэр антисептиги иһэн, 7 киһи сүһүрэн суорума суолламмыта. Былырыын муус устарга Чурапчы Одьулуунугар сымыйа буокканы иһэн, икки киһи ИВЛ аппараатыгар холбонор турукка киирбитэ, биирдэрэ өрүттүбэтэҕэ.
Ол эрэн, билигин маннык түбэлтэ элбэх буолбатах. Хонтуруол кытаанах, ити икки түгэҥҥэ кутталлаах бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар, тарҕатааччылар сөптөөх эппиэккэ тардыллыбыттара. Оттон арыгы харах далыттан сүппүт сиригэр арыгы иһиитэ эмискэ намтыыра саарбаҕа суох. Арыгылаан баран “бытык умайан” салгыыр кыах суох буоллаҕына, тоҥон өлүү, охсуһуу, өлөрсүү лаппа аҕыйыыр. Итирдэр утах булбакка испэтэх киһи дьиэтигэр иирсээн үөскээбэт, нус-хас, үтүө олох үрэллибэт.
Чөл олох түөлбэлэрэ
2021 сыл туругунан, Саха сирин үрдүнэн арыгы атыытын олоччу боппут сэлиэнньэлэрэ 188 этэ. Олохтоохтор бары биир күн испэт дьон буолбуттара диир сатаммат эрээри, бу көҕүлээһин үтүө көрдөрүүлээҕин статистика итэҕэппитэ. Чөл олох түөлбэлэригэр, атын сирдэргэ холоотоххо, сокуону кэһии 6 төгүл намыһах.
Тугу даҕаны атыны учуоттаабакка, аҥаардас бу сыыппараларга сигэннэххэ, арыгыны бобуу улахан туһалааҕа көстөн кэлэр. Оттон арыгыттан сылтаан доруобуйа мөлтөөһүнүн, ыал олоҕо сатарыйарын, оҕо үөрэҕэ мөлтүүрүн, үлэ хаачыстыбата мөлтүүрүн суокка ыллахха, Ил Түмэн Урбааҥҥа уонна туризмҥа кэмитиэтэ олус туһалаах сокуон барылын ырыппыта дьэҥкэ өйдөнөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: