Салгыы
Арыгыттан сүһүрбүт дьону Чурапчыттан Дьокуускайга аҕаллылар

Арыгыттан сүһүрбүт дьону Чурапчыттан Дьокуускайга аҕаллылар

21.04.2023, 18:05
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһун олохтоохторо, икки атастыылар арыгыга сүһүрэн, балыыһаҕа киирдилэр. Кинилэр туруктара ыарахан. ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу түбэлтэнэн анал бэрэбиэркэ ыытылла сылдьар.

Билиҥҥи дааннайдарынан, бу дьон хас да күнү быһа арыгылаабыттар, ол иһигэр, бэйэ оҥоһуута арыгыны эмиэ испиттэр. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, сокуон ыйарынан быһаарыы ылыллыаҕа, — диэн пресс-киин иһитиннэрэр.

Бу сүһүрбүт дьону Чурапчыттан санрейсинэн көтүтэн, Дьокуускайга суһаллык аҕаллылар. Быраастар кинилэр олохторун туһугар охсуһаллар диэн СИА суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: