Арыйаан Тютрин уонна Александр Гурьев Беларусь чөмпүйүөнүнэн буоллулар
16.01.2025, 12:02
@triumphsakha
Бөлөххө киир:
Бу туһунан @triumphsakha иһитиннэрдэ.
Тустууктар Арыйаан Тютрин уонна Александр Гурьев Беларусь чөмпүйэнээтин кыайыылаахтарынан буоллулар. Гурьев 55 киилэ ыйааһыҥҥа диэри греко-римскэй тустууга үсүһүн кыһыл көмүһү, оттон Тютрин көҥүл тустууга үһүс кыһыл көмүһү аҕалла (61 кг диэри).
Көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтин призера Арыйаан Тютрин быйылгыттан 61 кг диэри ыйааһыҥҥа көстө. Финалга Иван Громыконы кытта киирсэн, биһиги тустуукпут 6:5 очукуонан кыайыыны ситистэ диэн @triumphsakha телеграм ханаал суруйар.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: