Өссө биир кинигэ, өссө биир дьылҕа. Киһи дьылҕата ханна эрэ суруллан турар да буоллаҕына, ону бэйэ ылан аахпыта-билбитэ диэн суох. Олоххор туох күүтэрэ хаһан да таайыллыбат таабырын.
Бу түгэни саха дьахтарын дьылҕата, кини ыччата диэҕи, хайдах эрэ тутах курдук. Киниэнинээҕэр дьикти дьылҕа кэргэн буолбут киһиэхэ ирээттэммитин туһунан бу “Три кувшина” сэһэн кэпсиир.
Сэрии ыар тыынын аргыйыыта өссө да өр сылларга ааспатаҕа, ону ол диэбэккэ сымыйаҕа балыллыбыт, таҥнарыахсыт аатын ылбыт, өр сылларга Халыма хаайыытын кэрийбит, модун санаалаах грузин уол Саха сирин хоту өттүгэр олоҕун оҥостубута, ыччат бөҕөнү төрөтөн, улаатыннаран, дьон оҥортоон күн бүгүн саха омук киэн туттар үлэһиттэрэ буолбуттара дьиҥнээх киһи быһыыта. Кэргэнин кытта 50-тан тахса сыл устата бииргэ олорбута даҕаны тыла суох туоһу: киһи киһитэ саха дьахтарын дьылҕатыгар сүдү миэстэлээх.
Онон, ис хоһоонун кэпсээн биэрбэппин. Биири бэлиэтиибин: биһиги ортобутугар сэмэй бэйэлээх, эриэккэс дууһалаах, уулаах-хайалаах да соҕуруу сирдэртэн тардыылаах эҥинэ бэйэлээх омук дьоно уруурҕаспыттара элбэх. Барыта наар аанньа буолбат ээ, дьоһун олоҕу салгыыр, бэйэ төлкөтүн сатаан салайынар кыахтаах хас эмэ көлүөнэ дьону иитэн, атахтарыгар турорбуттара бүгүҥҥү олохпут чахчыта эбээт.
“Три кувшина” ааптара Сардаана Сивцева-Санаайа, сурукка-бичиккэ сыстаҕас, уопуттаах суруналыыс, тус бэйэтин бу бастакы кинигэтэ “Айар” кыһаҕа күн сирин көрдө. Хомоҕой тыллаах, ийэлии сымнаҕас сэһэннээх, сиппит киһи киэбинэн уустук, хараастыылаах түгэннэри баарынан ойуулаан, мунаарыах буоллахха чуо-бааччы этитэлээн, дьиҥ кырдьыгы сирэйгэ этэртэн чаҕыйбат, толлубат тыыннааҕа ааҕааччыны сэҥээрдэр.
Туһааннаах кэмигэр арыллыбатах үс купсуун… Ол да гыннар, купсууннаах киһи сыдьааннара 82 сыл буолан баран, кини төрөөбүт тиэргэнигэр тиийэн, Чачуа дьылҕатын бүүс-бүтүннүү ууран биэрбит кэмнэригэр, аһыйыы кутурҕана амтаннаах 100 сыллааҕыта көмүллүбүт купсууннар сиртэн ороммуттара — олох туоһута. Онуоха биһиги, саха дьоно эмиэ кыттыгастаахпыт — ол олох оһуорун ойуулара…
“Три кувшина” сэһэни сэҥээрэн аах, тоҕо купсууна үһүй, туохха төрүөттэнэн арыллыбатаҕый? Ол баар ээ, тустаахха дьиҥнээх иэдээн! Ол эрэн, үчүгэйинэн түмүктэммит үтүө биккэ эрэллээх буолуоҕуҥ: туох куһаҕан баара барыта сотуллуо, ааһыа, олох сырдык кустуга хас биирдиибитин үөһэттэн иилии кууһуо дэһиэҕиҥ!
Кытаатыҥ, болҕойуҥ “Үс купсууну”! Ким туһунан, хайаларын дьылҕата манна кэпсэммитин кинигэҕэ баар куодунан киирэн, сүрүн дьоруойга Константин Чачуаҕа анаммыт биэриини көрүҥ.
Кинигэ “Айар” кинигэ кыһатын бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.
Анисия НЕУСТРОЕВА
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…