«Арыллыы» көрөөччүнү сэргэхситтэ
Киһиэхэ ис-иһигэр кистэнэ сылдьар кыах ситэ аһыллыбакка, төһөлөөх үгүс киһи ыллыахтааҕын ыллаабакка, үҥкүүлүөхтээҕин үҥкүүлээбэккэ, туойуохтааҕын туойбакка, быһата, кыайан арыллыбакка сылдьара буолуой?
Онуоха маннык дьоҥҥо далаһа ууран биэрэн, көмөлөһөр дьон бааллара үөрдэр. «Уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа кылаатын иһин», «Чурапчы улууһун култууратын сайдыытыгар сүрүн кылаатын иһин» бэлиэлэр хаһаайкалара, Ыччат бэлииикэтин туйгуна Байаана Дагдай «Арыллыы» айар устуудьуйа тэрийэн, быйыл ахсыс сылын ыллыан баҕалаах дьону бэйэтин тула мунньан, ыллыырга уһуйар, үөрэтэр, куоластарын чочуйар. Бу сыллар тухары киниэхэ эдэриттэн эмэнигэр тиийэ үгүс киһи дьарыктанна.
Бэҕэһээ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Ырыа ыллыгынан сулустардыын» Байаана Дагдай ааптарскай бырайыага сүрэхтэннэ.
Онно саха эстрадатын сулустарын кытта «Арыллыы» устуудьуйаҕа дьарыктанар араас улуустартан кэлбит дьон дуэтынан ыллаатылар. Холобура, Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар Анисья Данилова аатырбыт Олимпияны кытта тахсан «Кыргыттарым» диэн ырыаны олус бэркэ толордулар.
Ити курдук, бииртэн биир истиҥ ырыа кутуллан истэ.
Байаана Дагдай эрэллээх, бэйэтэ тэрийбит «Кэрэли» кэлэктиибэ — кэнсиэр киэргэлинэн буолла.
Бырайыак ааптара бэйэтин көрөөччүлэригэр бэрт истиҥ ырыаны бэлэх уунан үөртэ.
«Ырыа — чараас эйгэ. Улахан эстрада ырыаһыттарын кытта биир сыанаҕа тахсан ыллаан, маннык улахан дьолго тэҥнээх түгэҥҥэ куустарбыт киһи, бэйэтигэр эрэл кыымын саҕан, тулалыыр эйгэтин тупсарар, ситиһии кынаттанар», — диэн бэлиэтиир Байаана Дагдай.
Кэнсиэр «Арыллыы» устуудьуйа өрөгөй ырыатынан түмүктэннэ. Бу бырайыак алтынньы 1 күнүгэр бэлиэтэнэр Муусука күнүгэр ананна.
Кэнсиэри блогер уонна тамада Ньургуша ыытта. Онон кэнсиэргэ кэлбит дьону бэркэ сэргэхситтэ. Ордук кини «режиссердаабыт» индиийскэй киинэтин оонньооччулара сэргэхситтилэр. Сунтаартан сылдьар Николай Иванов сыанаҕа тахсыытын туһунан маннык санаатын үллэһиннэ.
Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыттан сылдьар 82 саастаах ытык кырдьаҕас Надежда Ефимова үҥкүүһүтүнэн аатыран, кэнсиэри ыытааччы чуо киниэхэ анал бирииһи утары уунна. Кини кыыһа Харитина Николай Ивановы кытта аатырбыт Зита оруолун толордо.
Алтынньы 1 күнүгэр «Арыллыы» айар устуудьуйа төрөөбүт күнэ. «Аны маннык кэнсиэри үгэс быһыытынан олохтоон, сыл аайы тэрийэр буолуохпут» диэн бэртээхэй айар киэһэтин түмүктээтэ Байаана Дагдай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: