Кулун тутар 21 күнүгэр, Поэзия аан дойдутааҕы күнүгэр, Саха сирин оскуолаларын 1982 сыллаахха бүтэрбиттэр «Выпуск-82» түмсүүлэрэ тэриллибитэ 5 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ «Арыллыы» диэн литературнай ааҕыы ыытылынна.
«Выпуск-82″ айар куттаах дьоно Мария Данилова-Алексеева (Маайыс), Аксинья Евсеева (Өксүү), Гавриил Павлов (Хабырыыс) уонна Розалия Чикачёва (Күннээх Ымыы Хайбаана) бэйэлэрин уонна айар үлэлэрин сырдаттылар, хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Парасковья Борисова волейболистары түмэн, Влад Матвеев (Маалыкай), Анатолий Илларионов (Туола Тарбыанап), Надежда Филиппова хоһооннорун олус сэргэхтик аахтылар. Ааҕыыга кэтэхтэн кыттыбыт үөлэннээхтэрбит Василий Еремеев (Василь), Любовь Харитонова (Барахсаана), Варвара Дунаева (Сайын Кыыһа), Саргылаана Дедюкина хоһооннорун СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова аахта.
«Күрүлгэн» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, суруйааччы, суруналыыс Афанасий Гуринов (Арчылан):
«Хоһоон дириҥ иэйииттэн-үөрүүттэн, сөҕүүттэн, хомолтоттон, тапталтан айыллар. Хаһан да бу диэн хоһоон дуо дэммэт! Элбэх хоһоонньуттаах түмсүү эбиккит», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна ааҕыы сүрүн соругун сиппитин ыйда уонна Влад Маалыкай «Отонньуттар» диэн дьээбэлээх хоһоонун аны күһүн, отон кэмигэр «Күрүлгэҥҥэ» таһаарыа эбиппин диэн торумнаата.
Кыттыбыттарга барҕа махталбытын тириэрдэн туран, айар куттаах, хоһоонньут үөлэннээхтэрбитигэр 5 сыллаах үбүлүөйдээх бэлиэ уонна хоһоон аахпыт волейболистарбытыгар кыттааччы Туоһу суруга туттарылынна.
Кэлэр өттүгэр маннык хабааннаах тэрээһиннэр буола туралларыгар баҕаран, кэккэбит өссө да хаҥыы, ахсааммыт үксүү турарыгар баҕара хааллыбыт.
Тэрийэр бөлөх.
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…