Бу күннэргэ ырыаһыт Мария Соболева толоруутугар «Ийэ алгыһа» («Молитва») диэн саҥа ырыа (Людмила Гурченко репертуарыттан) күн сирин көрдө.
Анатолий Доровских тылларыгар уонна мелодиятыгар суруллубут ырыа билиҥҥи кэммитигэр олус суолталааҕын бэлиэтээн, үгүс киһи санаатын үллэһиннэ уонна тылбаасчыт Мария Решетниковаҕа-Арылы Дуйдаахха, толорооччу Мария Соболеваҕа махталларын тириэрдэллэр.
«Бу ырыа -– ийэ тапталын гииминэ. Ырыаны истэ олорон ханнык да оҕо эйиэхэ туора оҕо буолбатаҕын, хас биирдии ийэ сүрэҕэ ыччаттарбытын сэрии иэдээниттэн араҥаччылаатын диэн өйдөбүлгэ кэлэҕин… Көрдөһүү ырыаны уу сахалыы саҥардан, көччөх гынан көтүтэн эрэр сахам Далбар хотуттарыгар нөрүөн нөргүй буолуохтун!», -– диэн оҕотун сэриигэ сүтэрбит ийэ суруйуутун харах уута суох ылыммаккын.
«Оо, уолчааным,
Ханнык туора дойду хаарыгар
Муус тымныы эйигин хаарыйар,
Ийэлии сүрэҕим долгуйар.
Оо, бу тоҕо,
Биһиги дьылҕабыт туһугар,
Атын сир халлаанын анныгар
Тоҥ сулус курустук кылайар?
Хос ырыата:
Баҕардым олус
Ол сулус курдук
Оҕобун бэйэм илэ көрүөхпүн,
Саҥа күн тахсарыттан үөрүөхпүн,
Эрэли кэһии гынан тиийиэхпин.
Баҕардым олус
Кыргыһар кэмҥэр
Алгыһым куйах буолан тиллиэҕэр,
Эйигин бу сэрииттэн быыһыаҕар,
Кэмсинэр санааларбын кыйдыаҕар.
Оо, биэбэкэм,
Төрөөбүт түөлбэҕэр, эн дьиэҕэр
Бигэтик үтүөҕэ эрэнэ
Кэтэһэр мин кутум эймэнэ.
Оо, оҕокком,
Хатылыам сүүс төгүл күннэтэ ‒
Сандал саас кэлэрин кэриэтэ
Эргиллиэҥ, хотойум, этэҥҥэ.
Баҕардым олус
Ол сулус курдук
Оҕобун бэйэм илэ көрүөхпүн,
Саҥа күн тахсарыттан үөрүөхпүн,
Эрэли кэһии гынан тиийиэхпин.
Баҕардым олус
Кыргыһар кэмҥэр
Алгыһым куйах буолан тиллиэҕэр,
Эйигин бу сэрииттэн быыһыаҕар,
Кэмсинэр санааларбын кыйдыаҕар.
Баҕардым олус
Ол сулус курдук
Оҕобун бэйэм илэ көрүөхпүн,
Саҥа күн тахсарыттан үөрүөхпүн,
Эрэли кэһии гынан тиийиэхпин.
Баҕардым олус
Кыргыһар кэмҥэр
Алгыһым куйах буолан тиллиэҕэр,
Эйигин бу сэрииттэн быыһыаҕар,
Кэмсинэр санааларбын кыйдыаҕар.
Оо, уолчааным,
Кый ыраах сындалҕан сырыыгар
Эйигин харыстыыр, арчылыыр
Ийэлии алгыһым тиийиэхтин».
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…