Арыылаахтар Ньукуолунунан кырдьаҕас дьоннорун куһунан күндүлээтилэр
Бэҕэһээ, Ньукуолун күнүн көрсө, Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгин кусчуттара кырдьаҕас дьону, соҕотох дьахталлары куһунан күндүлээтилэр.
Арыылаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Екатерина Платонова Ньукуолунунан кус түҥэтэр үгэһи улууска бастакынан саҕалаабыппыт, уонта тахса сыл буолла диэн этэр. “Бэҕэһээ нэһилиэк эр дьоно кырдьаҕастарга, соҕотох дьахталларга, кыайан бултаабат дьоҥҥо бука барыларыгар, кими даҕаны көтүппэккэ кус түҥэттилэр. Быйыл барыта 21 ыалга биэрдилэр. Соҕотох олорор кырдьаҕастарга — иккилии, ити курдук ыал ахсааныттан тутулуктаах” – диэн кэпсиир. Бу үтүө дьаһалы успуорт инструктора Пантелеймон Борисов уонча сыл сүрүннээбит.
Аны сарсын кулууп үлэһиттэрэ, түөлбэлэр түмсэн “Самаан сайыны көрсүү” диэн бэрт тэрээһини ыытаары олороллор. Ньукуолуну, Оһуокай күнүн тэҥҥэ холбоон тэрийэр олохсуйбут үгэстэриттэн биирдэстэрэ эбит. Олохтоох дьаһалта бириис туруоран, дьахталлар кус үргээн, күөрчэх ытыйан күрэстэһэллэр. Үргээбит кустарын улахан солуурга ыгыччы буһаран, нэһилиэк дьонун уһун остуол тула олордон, ньиргиччи кус миининэн күндүлүөхтэрэ. Сахалыы сиэринэн сайыны көрсөр алаадьы, саламмаат амсайыахтара.
Ити курдук тыа сирин дьонугар күөххэ үктэнии, сайыны көрсүү тугунан да кэмнэммэт үтүө кэм.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: