Ас тула анаарыаҕыҥ!

Share

Ханнык да омук аһа-таҥаһа суох табыллыбат. Киһи-аймах тыыннааҕын тухары аан бастакы түбүгэ — аһылыгын булунуу. Былыр-былыргыттан ити билигин ураты мындырдык быһаарыллыбыт үөрүйэх бэйэтэ туспа ускуустуба буолла.

Талымастыыр, ол аата баара бэрт

Былыр тугу булбуту айахха угар эбит буоллахха, билиҥҥи киһи амтан диэни бэркэ билэр, араастаан талымастыыр, талбытын ирдиир. Ити — олохпут сайдыытын көстүүтэ. Хас биирдии ыал, нэһилиэк, түөлбэ араастаан айаҕын дьаһанар үгэстээх, онтун бэлэмнииригэр уратылаах буолар. Биһиэхэ эрэ буолбатах, ити аан дойду үрдүнэн.
Ити мин киирии тылбын сэҥээрбэтэх буоллаххына, кыратык мөккүһэн да ылыаххын баҕардаххына, кытаат, “Айар” кинигэ кыһатын маҕаһыыныгар ойон тиий уонна субу соторутааҕыта тахсыбыт “Кухни народов России” “диэн альбом-кинигэни атыылаһан аах, туһан, астан диэн сүбэлиибин. Тоҕо?

Биһиэннэрин толкуйа эбит!

Кинигэ аата нууччалыытын аанньа соҕуруу дойду атыыта дии санаабытым, бэйи, сахалар, бэйэбит бичиктэрбит, ааттаах атастарбыт “Айардар” таһаарыылара эбит! Эчи, кумааҕыта үчүгэйэ, ис хоһооно сиэдэрэйэ, талан ылбыт астара-үөллэрэ судургута, дьэ чахчы билсиһэргэ-маанылаһарга бэртээхэй да кинигэ буолбут. Итиэннэ манна киирбит Хотун Арассыыйаҕа олохтоох 29 араас омук саамай мааныта диэн 3-түү бүлүүдэтин укпуттар. Эбиитин омуктар буолалларын быһыытынан, бүтүүтүгэр “Минньигэстик мэтиргэт!” диэни хас биирдиилэрэ бэйэлэрин тылларынан хайдах этиллэрин кытта суруйбуттар! Дьэ, киһи сэҥээриэн иһин сүрдээх.
Аны хайдах айылҕалаах, туох дойдулаах барахсаттар бу үүтү-сүөгэйи, эти-балыгы дэлэччи-хоточчу ас гыннылар диэтэххэ, арыйдах аайы сирин-уотун ойуута-хаартыската олус да үчүгэй. Биһирээтим, ол иһин махтанабын!

Былыр, аармыйаҕа

Мин эдэр эрдэхпинэ хакас уолун кытта бииргэ аармыйалаан турабын. Нууччалыы олуттаҕастык саҥарар Арсыджах барахсаны үс сыл устата мин араҥаччылаан, доҕор оҥостон сулууспалаабытым.
Онтум биирдэ кутааҕа уот оттон хантан эрэ бурдук уонна сүөгэй, сымыыт булан, биһиги саламааппытыгар маарынныыр наһаа да астык хааһыны сиэтэн турардааҕа. Уолаттар бөҕө үөрбүттэрэ, хамандыырбыт кытта түбэһэ кэлэн амсайан хайҕаабыттааҕа.

Арсыджах оҕус курдук күүстээх эрээри,  мас көнө уол этэ. Ол оччолорго амсайбыт хааһыбын хайдах буһарары урут этэ сатаахтыыра да, ханна эрэ суруммуппун сүтэрбиппин. Доҕорум муҥнаах эдэркээн сааһыгар “бараахтаабыта”… Бу күннэргэ дьэ ол хааһым “арааһа бу буоллаҕа дуу” диэн соһуйаммын, кинигэҕэ “Потхы” диэн хааһы ырысыабын ылан, бу субуотаҕа буһаран көрдүм. Оруобуна бу ойууга баар курдук оҥостоммун үөрдүм-көттүм, аармыйам сылларын санаан, амтанын билэн санньыйан ыллым…
Онон этээри гынабын, отой чопчутук, кыраамыгар, лиитэрэтигэр тиийэ ыйыллыбыт бастыҥ ырысыаптардаах табыллыбыт кинигэ буолбут!

Аны “Талган” диэннэрэ манна эмиэ баар буолла. Көрөөрүҥ, дьүһүнэ сакалаат курдук эрээри, оодьэ, бастыҥ амтаннаах ас этэ. Арсыджахха дьоно баһыылканан ити “Талганы” ыыталлара, кыратык хатан кэлэрэ. Оо, саллаат киһиэхэ эчикийэ минньигэһэ, астыга, тотоойута! Ону уолаттар оонньоон, онно-манна холооннор, уолбутун күлэллэрэ эрээри, сиир саҕана былдьаһык буолара. Онон аны итини оҥорон кулу диэн кийииппиттэн көрдөһүүһүбүн диэн олоробун.

Дьэ, хайдах эбиккит?

Доҕоттор, кытаатыҥ, бу суолталаах уонна омук-омук бэйэ-бэйэтин билсэригэр наһаа туһалаах кинигэ күн сирин көрбүт. Бука бары Арассыыйаҕа олохтоох омуктар маарыннаһар да аһылыктаах буолуохпут ини диэбитим баара, арааһа амтанныын атын буолан тахсар ас элбэх быһыылаах. Онон арыый атыттарын да астанан, айах таптыырынан боруобалаатахха тугуй?
Киһи киһини өйүүрүгэр, сөпкө ылынарыгар, доҕордуу буоларыгар, өйдөһүү уонна биир Арассыыыйа гиэрбэтин аннынан бука бары сомоҕолуу буоларбыт туһугар туспа кылааты бу кинигэ киллэрдэ. Махтаныаҕыҥ “Айарга”, ситигирдик айа-тута турдун!

Анисим НЕУСТРОЕВ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

11 часов ago