Асчыт Анна алгыстаах аһа
Быйылгыттан Ил Дархан сорудаҕынан, судаарыстыбаннай көмө кээмэйэ улаатан, социальнай хантараак бырагырааматыгар үбүлээһин сылга 1 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ. Онон 5 тыһыынчаттан тахса хантараак түһэрсиллэрэ былааннанар.
Социальнай хантараак дьиэ кэргэн дохуотун таһымын үрдэтэр эрэ буолбатах, үлэлииргэ-хамсыырга, бэйэ дьыалатын арынан, хаһаайыстыбаны сайыннаран, эбии харчы оҥорорго көҕүлүүр.
Бырагыраама үлэлиэҕиттэн, 10 сыл иһигэр барыта 25 тыһыынча киһи социальнай хантараагы ылан, олоҕун таһымын тупсарбыт.
ДЬИЭТЭЭҔИ АС АМТАНА
Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр олорор Анна Николаева былырыын 250 тыһыынча солкуобай суумалаах социальнай хантараагы ылан, ас астаан, нэһилиэнньэҕэ атыылыыр буолбут.
Хантараак харчытынан тута наадалаах тэриллэрин – витрина-халадыынньыгы, тоҥорор тиэхиньикэни, гриль-оһоҕу, фритюрницаны, тимир остуолу, иһити-хомуоһу ылбыта. Кэргэнэ дьиэҕэ сыһыары эбии сылаас хоһу тутан биэрбитэ. Дьэ, ол кэннэ тута астаан, бэйэ дьыалатын сайыннаран саҕалаабыт.
Анна Васильевна оҥорор минньигэс туортарын, пиццаларын, бэрэскилэрин, начыыҥкалаах эриэхэлэрин, беляштарын, бирээнньиктэрин, о.д.а. бурдук аһы астыырын хамаҕатык атыылаһаллар. Ону тэҥэ, сахалыы аһы атыылыыр – дьиэтээҕи сүөгэйтэн күөрчэх ытыйан тоҥорон, сахалыы баахыла, халадьыас оҥорон, кыһынын убаһа этин эрийэн, быарын, сыатын эбэн, таҥсык гынан, күһүнүн бэйэтэ хомуйбут отонун, биэ эмиийин, дьэдьэнин барыанньатын, тэллэйин, оҕуруотун аһыттан кэнсиэрбэлэрин…
Дьон: “Оҥхой этэ дуо?” диэн истиһэн кэлэн былдьаһыгынан ылаллар. Аһа-үөлэ барыта дьиэтээҕи, ийэ, эбээ астаабытын курдук буолан, дьон сөбүлүүр, куруук ылар атыылаһааччылардаах.
“ТУГУ БАРЫТЫН КЫАЙЫАХХА СӨП ЭБИТ…”
Анна Васильевна төрүт култуура учуутала идэлээх, араадьыйаҕа эмиэ үлэлии сылдьыбыта. Оҥхой сэлиэнньэтигэр кулууп дириэктэринэн үлэлии тиийэн баран, кэргэнин кытта билсэн, ыал буолбуттара. Кыыстаах уол оҕолоохтор.
Онтон Үөһээ Бүлүүгэ көһөн кэлэн баран, ыал ийэтэ кафеҕа үлэлии киирбитэ. Манна кини култуураттан букатын атын эйгэҕэ киирэн, өҥөнү оҥорууну, астааһыны баһылаан, дьон туохха наадыйарын билэн-көрөн, элбэххэ үөрэммитэ. Аан бастаан бэйэтэ тоҥ күөрчэх, халадьыас астаан атыылаан, эбии харчылаһар буолбута.
– Социальнай хантараак туһунан бастаан билэр дьоммуттан истибитим, онтон күөх экраҥҥа туһаммыт дьон кэпсиирин көрбүтүм. “Арай, мин эмиэ холонон көрдөхпүнэ? Табыллыа дуо? Тугунан дьарыктаныахпын сөбүй?” диэн элбэх ыйытыы үүйэ туппута. Наһаа өр толкуйдаабытым. Кэргэммэр эппиппэр, өйөөбүтэ.
Онтон урбаанньыттар улуустааҕы түмсүүлэрин салайааччыта Екатерина Николаеваҕа баран, сүбэлэттэрбитим. Кини тута өйөөбүтэ, докумуон хомуйарбар, биисинэс-былаан суруйарбар сүбэ-ама биэрбитэ. Мин өйөбүл баарын билэн, атаҕым сири билбэт буолуор диэри үөрэн, дьиэбэр сүүрэн тиийбитим…
Биисинэс-былааны боростуойдук, сахалыы суруй диэн сүбэлээбитэ, онон уустугу көрсүбэтэҕим. Улуус дьаһалтатыгар биисинэс-былааннары көмүскээһин буолар үһү диэбиттэригэр баран, кэпсээбитим. Хата, тута ылыммыттара, хайдах эрэ барыта табыллан хаалбыта.
Урут “дьон туох диэҕэй?” диэн наһаа кыбыстар, толлор, саарбахтыыр этим. Бастаан саҕалыыр киһиэхэ дьиэ кэргэнин, чугас дьонун өйөбүллэрэ улахан суолталаах. Мин кэргэним – туох баар баҕабын, хаппырыыспын толорор, өйдүүр-өйүүр киһим.
Бастаан ис сүрэххиттэн баҕарар, сөбүлүүр дьыалаҕын булан баран, туохтан да толлубакка, инниҥ диэки күрдьэн баран иһиэххэ наада. Хас да куобаҕы сырсыбакка, биир дьыаланы кэҥэтэн, сайыннаран иһиэхтээххин. Баҕа санаа күүһэ наада. Оччоҕо тугу барытын кыайыахха сөп эбит.
Дьыалам табыллан иһэриттэн, дьон астынар, махтанар тылларыттан наһаа үөрэбин, кынаттанабын, күүспэр күүс эбиллэр, – диэн кэпсиир Анна.
“СУДААРЫСТЫБА КӨМӨТӨ УЛАХАН”
Анна астыыр идэҕэ анаан үөрэммэтэҕэ. Ийэтэ астыырын көрөн улааппыта, бэйэтэ дьиэлээхтэрин саҥа бүлүүдэнэн күндүлүүрүн сөбүлүүрэ. Интэриниэттэн көрөн үөрэнэр.
Хороччу улаатан эрэр кыыһа астаһан көмөлөһөр, холобур, бөрүөктэри, бенто-туортары оҥорор, дьаарбаҥкаларга атыылыыр. Онтуттан хамнас аахсар. 6-с кылааска үөрэнэр уоллара бэлэсипиэтинэн ас тиэрдэн биэрэр, онтон эмиэ бырыһыаннаһар.
“Харчы хайдах оҥоһулларын билэ, харчыны тутта уонна мунньуна үөрэнэллэр”, – диир ийэлэрэ. Оҕолор кыраларыттан сайын аайы эбэлэригэр-эһэлэригэр баран, оттууллар, төрөппүттэринээн сир астыыллар. Онон үлэ-хамнас диэни билэн улааталлар.
Анна “астан аралдьыйа таарыйа” мыыланан сибэкки дьөрбөлөрүн оҥорор. Тыыннаах сибэккилэртэн туох да уратылара суох. Төрөөбүт күҥҥэ, үбүлүөйгэ хамаҕатык ылаллар.
– Түгэнинэн туһанан, миэхэ эрэммит, күүс-көмө буолбут дьоммор: урбаанньыттар түмсүүлэрин салайбыт Е.В. Николаеваҕа, “Лофт” кафе хаһаайката С.А. Григорьеваҕа, ийэбэр, сурдьубар, тапталлаах кэргэммэр Эдуард Васильевичка, оҕолорбор, кэргэним дьонугар, чугас дьүөгэлэрбэр ис сүрэхпиттэн махтаныахпын баҕарабын. Кинилэр өйөбүллэрэ суох сайдыам этэ дуо?
Саҥа саҕалааччыларга судаарыстыба көмөтө улахан. Бу 250-350 тыһыынча солкуобай диэн тыа киһитигэр ботуччу харчы ээ, ылбычча ууран биэрбэккин. Онон саҕалыырга улахан өйөбүл дии саныыбын. Үчүгэйдик отчуоттаатаххына, атыыласпыт тэрилиҥ буор-босхо бэйэҕэр хаалар. Үлэлиэххэ, сайдыахха эрэ наада. Салгыы бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах – кэҥиигин дуу, эстэҕин дуу? Социальнай хантараак – бэйэ дьыалатын саҕалыырга, дохуоккун элбэтэргэ, олоххун уларытарга дьоһун көмө, – диэн этэр урбаанньыт Анна Николаева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: