Салгыы
Ашлей Беляева: «Оҕо эрдэхпиттэн үчүгэй ийэ буолуом диэн баҕа санаалааҕым»

Ашлей Беляева: «Оҕо эрдэхпиттэн үчүгэй ийэ буолуом диэн баҕа санаалааҕым»

26.10.2022, 11:23
Бөлөххө киир:

Ашлей, Владислав Беляевтар – Дьокуускай куорат элбэх оҕолоох ыалларыттан биирдэстэрэ. Кинилэр иккиэн успуорт эйгэтин үлэһиттэрэ. Ашлей буоксаҕа маастарга хандьыдаат, оттон кэргэнэ Владислав көҥүл тустууга успуорт маастара. Беляевтар дьиэ кэргэн түөрт оторой-моторой уолаттардаахтар. Бүгүн ыал ийэтэ Ашлей Беляеваны кытта олох-дьаһах, оҕону иитии туһунан кэпсэттибит.

Успуорка уһуйар идэ

– Биһиги дьиэ кэргэн түөрт уол оҕолоохпут. Үс улахан уол Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия сахалыы кылааһыгар үөрэнэллэр. Улахан уолбут Бувайсар – ахсыс, иккис уол Арсен – алтыс, үһүс уол Давид үһүс кылааска үөрэнэллэр. Оттон саамай кырабыт, мурун бүөтэ Влад «Кэнчээри» оҕо саадыгар сылдьар. Аҕабыт Владислав Иванович Чурапчы улууһуттан төрүттээх. Оҕо футболун оскуолатыгар (ДЮФШ) тириэньэрдиир. Көҥүл тустууга успуорт маастара. Оҕо эрдэҕиттэн успуорт ос­­куолатыгар үөрэммитэ, ол чэрчитинэн икки үрдүк үөрэҕи бүтэрэн успуорт эйгэтигэр толору идэлээх исписэлиис буолбута. Оттон мин Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр төрөөбүтүм. Оҕо сааһым кэрэ айылҕалаах Амма өрүс үрдүгэр турар Харбалаах нэһилиэгэр ааспыта. Оскуоланы Ытык Күөлгэ бүтэрбитим.  ХИФУ физкультурнай институтугар старшай преподавателбын уонна физическэй иитиигэ ХИФУ араас факультеттарын устудьуоннарын физкултуураҕа үөрэтэбин, ону сэргэ буокса көрүҥэр оҕолору дьарыктыыбын. Ол курдук саҥа устудьуоннуу кэлбит эбэтэр оскуола кэннэ дьарыгын салҕыан баҕарар оҕолору эрчийэбин. Ол аата, алын сүһүөх бэлэмнэниини (начальнай подготовканы) биэрэбин.

Тириэньэр үөрүүтэ

— Биһиги ХИФУ хамаандатыгар тириэньэрдэр иккиэбит, старшай тириэньэр Николай Дмитриев. Бииргэ алтыһан оҕолору ус­­пуорт үрдүк ситиһиитигэр таһаарабыт. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кытыннарабыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ ситиһиибитинэн Бүтүн Арассыыйатааҕы үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт Аҕа дойду Улуу Кыайыытын 77 сылыгар анаммыт буокса күрэхтэ­һиитигэр Грознай куоракка икки оҕобут ситиһиилэнэн кэлбитэ. Ол курдук, 54 киилэ ыйааһыҥҥа Василий Иванов уонна 67 киилэ ыйааһыҥҥа Арчын Пустоляков иккиэн иккис миэстэ буолары ситиспиттэрэ. Бу оҕолор тус ти­­риэньэрдэрэ Николай Дмитриев буолар. Чечня Өрөспүүбүлүкэтин Грознай куората олус кэрэ, кыраһыабай эбит. Дьоно-сэргэтэ олус ыалдьытымсах, эйэҕэстэр. Саамай сөхпүтүм, Грознайга биир да арыгы маҕаһыына суох. Бары чөл олоҕу, успуорду өрө туталлар эбит. Киһи туохтан да куттаммакка, куорат устун хаамар, күүлэйдиир. Олохтоохтор үгүстэрэ бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан саҥараллар. Бу иннинэ саас Красноярскай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы А.И. Ки-
селев кэриэһигэр «Спорт – норма жизни» бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт буокса күрэхтэһиитигэр икки кыыһы илдьэн күрэхтэһиннэрэн кэлбитим. Лера Леонтьева бастаабыта, Катерина Дмитриева иккис миэстэ буолбута. Бу кыргыттар дьарыктарын биһиги саалабытыттан саҕалаабыттара. Бу күрэхтэһии кэнниттэн  путевка ылан сайын Ульяновскай куоракка Универсиадаҕа баран эмиэ ситиһиилэнэн кэлбиттэрэ.

Үлэбинэн диссертация көмүскүүр сыаллаахпын. Бэйэм ХИФУ-га аспирантураны кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Уопсайынан, тириэньэр үлэтигэр үөрэппит, дьарыктаабыт оҕолорум дойдуларыгар даҕаны, куоракка ти­­риэньэрдии, успуорт кулууптарга үлэлии-хамсыы сылдьаллара үөрдэр. Ол курдук, куоракка «Панчер» диэн буокса кулууп  хаһаайына Филипп Седых дьарыктаабыт оҕом буолар, бастакы тириэньэрэ буолабын. Ти­­риэньэр дьоло – дьарыктаабыт оҕотун ситиһиитэ.

Биир кумирдаах эбиппит

– Олоҕум аргыһа Владис­лавтыын олус тапсан, өйдөһөн ыал буолан олорбуппут 15 сыла буолла. Ыал буолуохпут иннинэ икки сыл устата эн-мин дэсиһэн үчүгэйдик билсэн баран холбоспуппут. Иккиэн успуорт эйгэтигэр үлэлиир буоламмыт быһыылаах, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөбүт. Кэргэним олус чиэһинэй, киэҥ көҕүстээх. Аан бастаан билсиһэн баран билбиппит, иккиэн биир кумирдаах эбиппит. Ол иһин биһиги оҕолоно да иликпитинэ, бастакы оҕобутугар кини аатын биэриэхпит дэспиппит. Ол көҥүл тустууга аан дойду хас да төгүллээх, олимпиада үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Бувайсар Сайтиев буолар.

Төрөөбүт тылга болҕомто уурабыт

– Уолбут төһө даҕаны куоракка төрөөбүтүн, куорат оҕото дэммитин иһин, биһиги кинини сахалыы иитэргэ быһаарыммыппыт. Кэлин оҕолонон истэхпит ахсын ити иитиибит дьиэ кэргэн сүрүн соруга буолбута. Оҕолорбут төрөөбүт тылларын билэ улаатыахтаахтар диэн сыалтан-соруктан тахсыбыта. Биһиги түөрт уол оҕону иитэр ыал буоларбыт быһыытынан, оҕолорбутун дьоҥҥо убаастабыллаах сыһыаннаах, кыаммакка өрүү көмөлөһөр, сиэрдээх майгылаах иитэн таһаарарга дьулуһабыт.

Оҕолорбут төрөөбүт тылларынан саҥаран, бэйэлэрин омуктарынан киэн тутта улааталларыгар үлэлэһэбит. Ол туһуттан бэйэ икки ардыгар сахалыы эрэ кэпсэтэри ирдиибит. Кыра саастарыттан сахалыы уһуйааҥҥа сырытыннарбыппыт. Кэлин оскуолаҕа киирэллэрин саҕана Дьокуускайдааҕы нацио­нальнай гимназия «Сэргэлээх” филиалыгар биэрбиппит. Оҕо­лорбут сахалыы оскуо­лаҕа үөрэнэллэриттэн үөрэбит эрэ. Билигин улууска кытары нууччалыы саҥарар оҕо элбээн эрэр. Ити социальнай ситим, интэриниэт дьайыыта буолар. Дойдубутугар са­­йылыы эҥин тиийдэхпитинэ, оҕолорбутун дэриэбинэ оҕолоро дии санаач­чылар.  Оҕолорбут уу сахалыы саҥардахтарына, дьон хайҕааччы.

Уол оҕону успуордунан иитэбит

– Успуорт эйгэтин үлэһиттэрэ буоларбыт быһыытынан, оҕолорбутун дьарыкка биэрбиппит.Үс улахан уол Дьокуускай куорат 5 №-дээх оҕо успуордун ос­­куолатыгар көҥүл тустуунан дьарыктаналлар. Тириэньэрдэрэ Дьулустаан Николаевич Сивцев уонна Александр Николаевич Пахомов буолаллар. Бу эдэр, кэскиллээх тириэньэрдэргэ оҕолорбут дьарыктаналларыттан астынабыт. Бастаан оҕолорбутун туох дьарыкка биэрэбит диэн сүбэлэһэн баран дуобакка илдьибиппит. Дуобакка Арсеннаах Бувайсар үһүс спортивнай разрядтары толорбуттара. Ол кэннэ уолаттар диэн, күөн көрсүһүүлээх успуорду талбыппыт. Улахан уолу тустууга биэрэн баран, икки ортоку уолаттары буоксаҕа илдьибитим. Онно буоксалаһан көрбүттэрэ уонна биһиги тустууну талар эбиппит диэн быһаарыммыттара. Оҕолорбут өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ситиһиилэрдээхтэр. Тириэньэрдэрбит  Хаҥаласка уонна Горнайга сборга илдьэ барааччылар. Дьарыктарын үлэлэрин курдук сананан сылдьаллар.

Иккис симиэнэҕэ үөрэнэр буоллахтарына, оҕолорбор эбиэттэрин эрдэттэн бэлэмнээн барабын. Олох кыаллыбатаҕына, бэ­­йэлэрэ кэлэн астанан, тэринэн ос­­куолаҕа бараллар. Эрэсиими кытаанахтык тутуһаллар. Уолат­тары иитиигэ аҕабыт улахан оруол­лаах. Дойдутугар уолаттарын илдьэ бултаан-алтаан кэлээччилэр. Тыа сириттэн төрүттээх буоламмыт, сайынын тыаҕа тахсабыт. Сир астыыбыт, сөтүөлүүбүт. Төһө кыалларынан айылҕаҕа сылдьа сатыыбыт. Саас ахсын доҕотторбутун кытта айылҕаҕа тахсан сынньанабыт, шашлыктыыбыт. Аҕабыт уолаттарын кытта наар футболлуур. Бэһиэн биир хамаанда курдуктар.

Дьиэ кэргэммэр ас астыыр баҕалаах үлэбиттэн кэлэбин

– Миэхэ үлэбинэн күрэхтэ­һиилэргэ барарбар-кэлэрбэр кэргэним улахан өйөбүл буолар. Куоракка уол оҕону хонтуруоллуур диэн биир улахан үлэ буолар. Аҕабыт эмиэ үлэтинэн барар-кэлэр. Оннук иккиэн баран-кэлэн хааллахпытына, Чурапчыттан эбэтэр Тааттаттан эбээлэрбитт кэлэн оҕолору көрсөн көмөлөһөллөр. Мин  ас астыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Үлэбиттэн олох ис-испиттэн ас астыыр баҕалаах кэлэбин. Уолаттар  бэйэм оҥорбут буузыбын, мантыбын, бэлимиэммин наһаа сөбүлүүллэр. Эти наһаа сөбүлүүллэр. Сүрүн аспыт – сахалыы миин, биир хоно-хоно биһиги ыал миин иһэбит. Кыра саастарыттан сахалыы аһы аһыы үөрэммит оҕолор. Тоҥ убаһа этин, тоҥ балыгы, хартаны, хааны сөбүлүүллэр. Оттон бурдук ас туһунан этэ да барбаппын. Нэдиэлэ ахсын бэрэскилиибин. Онон оҕолорбор кинилэр сөбүлүүр астарын куруук астыыбын.

Оҕону успуорка биэриҥ!

— Куоракка үлэлиир-хамсыыр ийэ буоламмын, бириэмэбин аттарынарга үөрэммитим ыраатта. Куорат киинигэр олорор буоламмыт, барыта чугас. Барытын эрдэттэн былааннаан олоробун. Уруоктарым, дьарыктарым быыһыгар аспын астыы охсобун. Ыксаллаах кэмҥэ ыгылыйбаппын. Барытын эрдэттэн бэлэмнээн, оҕолорбун, кэргэммин барытыгар көмөлөһүннэрэн биир санаанан салайтаран олоробут. Оҕоҕо болҕомто ууран, көрөн-истэн сылдьыы ийэҕэ дьол буолар. Ийэ киһи дьоло – оҕолоругар. Ону сэргэ сөбүлүүр идэбинэн үлэлиирим бу дьолум. Оҕо эрдэхпиттэн наһаа үчүгэй ийэ буолуом диэн баҕа санаалаах этим. Билиҥҥи көмпүүтэр үйэтигэр оҕону успуор­ка биэриэххэ наада диэн төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ. Хайаан да тустуу, буокса да буолбатар, успуорт көрүҥэ элбэх, сүүрүү, волейбол, хайыһар. Оҕо эт-сиин өттүнэн дьарыктаах буолуохтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: