Салгыы
Асида Алексеева: «Кииҥҥэ 346 байыас эмтэннэ»

Асида Алексеева: «Кииҥҥэ 346 байыас эмтэннэ»

07.11.2024, 14:30
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, Ю.П. Степанов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэри чөлгө түһэрэр социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ анал байыаннай дьайыы 346 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 302 киһи эмтэннилэр, доруобуйаларын чөлгө түһэрдилэр. Бу туһунан киин дириэктэрэ Асида Алексеева брифиҥҥэ кэпсээтэ.

Биһиги кииммит байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай-мэдиссиинискэй көмөнү оҥорор. Сүрүннээн организм туруга, уйулҕа, иэйии чөлгө түһэригэр, эйэлээх олоххо түргэнник үөрэнэн, дьарык булан адаптацияланалларыгар көмөлөһөбүт, — диэн дириэктэр эттэ.

«Самородок» бассейны кытта бииргэ үлэлэһэн, байыастарга гидрокинезотерапия дьарыктарын ыыталлар. Арчы дьиэтигэр баран, алгыс сиэригэр-туомугар сырытыннараллар, санааларын бөҕөргөтөллөр.

Кииҥҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн сырдатар, иһитиннэрэр, үөрэтэр үлэ эмиэ ыытыллар. Ол курдук, араас тэрилтэлэр, биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрин кытта барыта 59 көрсүһүү тэриллибит.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: