Салгыы
Астанаҕа V аан дойдутааҕы кочевниктар оонньуулара саҕаланна

Астанаҕа V аан дойдутааҕы кочевниктар оонньуулара саҕаланна

Ааптар:
09.09.2024, 14:15
Хаартыска: worldnomadgames.kz
Бөлөххө киир:

Бүгүн, балаҕан ыйын 9 күнүгэр, Астанаҕа V Аан дойдутааҕы кочевниктар оонньуулара саҕаланна. Бырагыраамаҕа успуорт көрүҥнэригэр мас тардыһыыта киирбитэ.

«Астана арена» стадиоҥҥа ыытыллыбыт күрэхтэһии арыллыытын сиэригэр-туомугар бочуотаах ыалдьыттарын ортолоругар Ил Дархан Айсен Николаев кытынна. Сиэр-туом саҕаланыытыгар Казахстан араас этническэй бөлөхтөрүн оҕолоро Казахстан былааҕын тутан киллэрдилэр уонна судаарыстыбаннай Гимн ырыатын толордулар. Салгыы дойду дэлэгээссийэлэрин үгэс буолбут параада буолан ааста. Быйылгы оонньууларга Азия, Европа, Хотугу уонна Соҕуруу Америка, Африка, Австралия спортсменнара кыттыыны ылаллар. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Роман Скляр уонна аан дойдутааҕы этноуспуорт конфедерациятын Бэрэсидьиэнэ Билал Эрдоган кытыннылар. Бу туһунан worldnomadgames.kz суруйар.

Санаттахха, быйылгы оонньууларга мас тардыһыы успуорт көрүҥэр 32 дойдуттан барыта 103 спортсмен кыттыаҕа. Бастакы күн күрэхтэһиигэ мадьынылар 4 ыйааһыҥҥа күөн көрсүөхтэрэ: эр дьон — 65 киилээҕэ диэри, 70 уонна 80 киилэҕэ, онтон дьахталлар 55 киилэҕэ.

«Маннык улахан күрэхтэһиигэ Арассыыйа хамаандатын састаабыгар саха спортсменнара кыталларыттан киэн туттабыт! Өссө биир биричиинэтэ — араас дойду уонна норуоттар икки ардыларыгар ыытыллар оонньуулар успуорт 21 национальнай көрүҥнэрин бырагырааматыгар мас тардыһыыта киирбитэ буолар. Кочевниктар оонньуулара бу көннөрү успуорт эрэ күрэхтэһиитэ буолбатах, бу быдан улахан суолталаах. Манна норуоттар икки ардыларыгар сомоҕолоһуу уонна эйэ, сибээс уонна доҕордоһуу бэлиэлэрэ көстөллөр. Арассыыйа хамаандатыгар уонна биһиги биир дойдулаахтарбытыгар ситиһиилэри баҕарабын! Саха сирэ эһигинниин!, » — диэн Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар суруйда.

Манна Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар саха спортсменнара кытталлар. Спортсменнар барыта 21 успуорт көрүҥэр киирсэллэр, олортон 43 Саха сирин спортсмена ма тардыһыыга, асык ату (казах норуотаун оонньуута), тогыз кумалак (казах интеллектуальнай оонньуулара), овари (арҕаа Африка дойдуларын интеллектуальнай оонньуулара) уонна ох саанан ытыыга күрэстэһиэхтэрэ. Арассыыйа хамаандатын 203 спортсмена барыта 21 успуорт көрүҥэр кыттыаҕа.

Бүгүн мас тардыһыыга Айсен Атастыров (80 кг), Лейла Шагисултанова (55 кг), Павел Павлов (65 кг), Айсен Мигалкин (70 кг) кытталлар.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: