Астмалаахтар ахсааннара кэнники икки сылга элбээтэ

Астмалаахтар ахсааннара кэнники икки сылга элбээтэ

10.05.2023, 15:28
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай пульмонолога Аграфена Аргунова астма ыарыы туһунан кэпсээтэ.

-Арассыыйаҕа 8 мөлүйүөн курдук киһи астмалаах (бронха ыарыытыттан тыын хаайтарыыта). Дьиҥэр, бу сыыппараттан өссө элбэх киһи буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, улахан эпидемиологическай чинчийиини ыытар буоллар, астма ыарыылааҕа бигэргэтиллэр киһи ахсаана өссө элбэх. Дьон үксүгэр астма чэпчэки көрүҥүнэн ыалдьар, бырааска көрдөрүммэт. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ  диспансер учуотугар 8300 кэриҥэ киһи турар.

Саастарынан көрөр буоллахха,  ордук оҕолор уонна  эдэрдэр ыалдьаллар. Кырдьаҕас дьон ыалдьара сэдэх, ол эрээри, төһөнөн хойут астмалыыгын да, ыарыыны ордук ыараханнык аһараҕын. Covid-19 кэнниттэн астмалааччылар баар буоллулар. Уопсайынан, кэнники икки сылга  ыарыһахтар ахсааннара элбээтэ.

-Астма туохтан үөскүөн сөбүй?

— Астма – аутоиммуннай ыарыы, үөскүүр төрүөтэ элбэх. Онуоха  мөлтөх аһылык, аҕыйахтык хамсаныы, уойуу сабыдыаллыахтарын сөп. Астма ону таһынан утумунан (холобур, астмалаах ийэттэн —  50%, аҕаттан 30%) бэриллиэн сөп.

Ыарыы баарын биллэрэр:

-Вирустаах инфекциялар, ордук өр кэмҥэ ааспат буоллахтарына;

— Экология мөлтөөһүнэ  (ол иһигэр, ойуур баһаарын буруота);

— Сыыһа аһааһын, ол иһигэр консерваннаах уонна химиичэскэй биэсэстибэлэрдээх бородуукталар;

— Төрөппүттэр табахтыыллара;

— Атапическай дерматит (тирии аллергияттан ыарыыта)

— Грибок уонна түүнүк.

Астматиктар сыалаах балык, собо уонна муора бородуукталара  туруктарын мөлтөтүөн сөбүн билэллэр.

-Ханнык түгэннэргэ бэрэбиэркэлэниллэрий?

-Астмалаахпын диэн сэрэйэр буоллаххына, булгуччу терапевт-бырааска көрдөрүнүөххэ наада. Ыарыыны судургутук уонна түргэнник быһаараллар. Ону таһынан чэпчэкитик эмтэниллэр. Астма үөскээбит төрүөтүн биллэххэ, ыарыы олох хаачыстыбатыгар дьайбат.

Кэнники 10-20 сылларга  астматтан өлүү биллэ аҕыйаата. Ол терапевт ыарыыны бигэргэтэн, эмтэнээччини чинчийэрин кытары сибээстээх. Эмтэнээччигэ ингаляторы хайдах туһанарга үөрэтэллэр, быраас уопсай сүбэни-аманы биэрэр. Ону таһынан  эмтэнээччи учуокка турар буоллаҕына, эмтэнэр препараттарын босхо ылар. Бу хаачыстыбалаах уонна сыаналаах эмтэр ыарыһах туругун улаханнык чэпчэтэллэр.

Бырааска көрдөрөр төрүөтүнэн, бастатан туран,  тииһик  курдук киирэр сөтөл буолуон сөп, ол иһигэр тымныы салгынтан, быылтан, олоххо-дьаһахха туттуллар химияттан сылтаан. Сөтөл тыын хаайтарыытыгар, аҕылааһыҥҥа тириэрдиэн  сөп. Ону сэргэ,  тириигэр ымынах (крапивница) тахсыан сөп. Астма саҕаланыытыгар аллергическай ринит биллиэн сөп, онуоха ытырдарыҥ уонна муннуҥ бүөлэнэрэ элбиир. Ону кэмигэр эмтэннэххэ, туругуҥ тута чэпчиир.

Өскөтүн үүнээйиттэн тыыныҥ хаайтарар курдук буоллаҕына, сиэмэлээх фрукталартан, мүөттэн, эриэхэттэн  туттунуллар.

Астматтан хайдах босхолонуохха  сөбүй?

-Сүрүнэ – ыарыы төрүөтүн  булуу уонна суох оҥоруу.  Өскөтүн педиатр уонна ийэ киһи ыарыыны көбүтэр  төрүөттэри булан суох оҥордохторуна уонна аһылыгы кэтээн көрдөхтөрүнэ, тутустахтарына астма сүтүөн сөп. Астма эмтэниигэ түргэнник бэринэр, ингалятор – препараты киллэрэргэ саамай куттала суох ньыма. Ыарыы сытыырхайдаҕына эрэ иһиллэр уонна ыарыыны сэрэтэр препараттар бааллар.

Чөл олоҕу, доруобай аһылыгы тутуһарга, тыынар гимнастиканан дьарыктанарга (ордук холкутук хаамыы барсар) сүбэлиибин. Төһө кыалларынан, вирустаах инфекциянан ыалдьымыахха уонна гирииптэн быһыыны кэмигэр ылыахха наада.

(СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин  матырыйаалларынан)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: