Астрахантан Черскэйгэ – 45 эрэ хонук
Хоту таһаҕаһы тиэйии тыын суолталаах. Билигин хоту таһаҕаһы тиэйии туһунан федеральнай сокуон барыла оҥоһуллар.
Ол да иһин, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) “Хотугу таһаҕаһы тиэйии инфраструктуратын саҥардыы” тиэмэҕэ “төгүрүк остуол” тэрилиннэ. Кэпсэтиини Ил Түмэн экэниэмикэҕэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров салайда.
СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Семен Коркин иһитиннэрбитинэн, киэҥ сирдээх-уоттаах Саха сиригэр 36 муниципальнай тэриллииттэн 13 оройуон Арктикаҕа сытар уонна уустук суоллаах-иистээх. Онон бу оройуоннары олоххо-дьаһахха наадалаах табаардарынан, аһынан-үөлүнэн, оттук ресурсаларынан хааччыйыы соруга инники күөҥҥэ турар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уу суолунан 3 мөл. туонна таһаҕас тиэйиллэр, ол иһигэр Арктика оройуоннарыгар – 300 тыһ. т. Таһаҕаһы уу суолун тэҥэ, тимир суолунан, массыынанан эмиэ илдьэллэр. Миниистири солбуйааччы тырааныспарынан тиэйиигэ баар кыһалҕаларга тохтоото. Онуоха өрүһү дириҥэтэр үлэ ыытыллара, флоту саҥардыы, Арктикаҕа баар аэропортары реконструкциялааһын уо.д.а. ирдэниллэр. Ааспыт 25 сыл устата дириҥэтэр үлэни ыытыы 7-8 төгүл аччаабыта бэлиэтэннэ. Хотугу таһаҕаһы тиэйиигэ туһаныллар 800 суудуна ортотунан 45 сылтан ордук туһаныллыбыт. Ону тэҥэ сааҥсыйалартан сылтаан омук сиригэр оҥоһуллубут сөмөлүөттэри ылыы харгыстаммыт. “2024 сылга “Байкал” чэпчэки кылаастаах сөмөлүөттэри кэтэһэбит”, – диэтэ миниистири солбуйааччы.
Эһиил Аллараа Бэстээххэ таһаҕас терминалын тутуу түмүктэниэҕэ.
Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ наука эмиэ оруоллааҕынан, ХИФУ ректорын солбуйааччы Александр Кугаевскай бу тиэйиини тэрээһин, технологическай, сокуон-норматив уонна үбүлээһин өттүнэн ырытта. Баларга сигэнэн сайдыахтааҕа этилиннэ.
Хоту дойду эрэгийиэннээҕи экэниэмикэтин НЧИ дириэктэрэ Петр Гуляев таһаҕаһы тиэйэр оператордарга ньымса ирдэбиллэри туруоруохха, логистика ночооттоох буолуутун (тиэрдии, сүөкээһин, харайыы, салайыы) таһаарымыахха диир.
СӨ Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Владимир Черноградскай тиэрдиллибит таһаҕаһы харайар сир суоҕун ыйда (ыскылааттар, камералар, овощехранилищелар эҥин). Ол да буоллар, быйыл эргиэн-логистика 5 киинин тутууну саҕалаабыттар, 2023 с. үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Оттон 2025 с. диэри Арктика 13 оройуонугар барытыгар маннык киин баар буолуоҕа.
Арктикаҕа ыскылаат суоҕа атахтыыр
Хотугу таһаҕаһы тиэрдии тутула уонна толоруллуута олох дьэҥкэ буолуохтааҕын “Якутоптторг” АУо генеральнай дириэктэрэ Николай Алексеев саамай сөпкө бэлиэтээтэ. “Ити кыаллара буоллар, “күөх рейстэри” тиэрдии кыраапыгын бачча чыыһылаҕа, манна тиэрдэбит диэн таһаарыа этибит буоллаҕа”, – диир. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ балыгы тиэйэр икки хараабыл холодильниктарын саҥардан оҥоруохха наадатын бэлиэтээтэ. Суудуналар таһаҕаһы тиэйэр кыамталара кыра. Онон 3000 туоннаттан 5000 диэри таһаҕаһы тиэйэр суудуналары атыылаһыы бириэмэ ирдэбилэ уонна хоту тиэрдиини быһаарар биир суолунан буолуоҕа.
“Якутоптторг” салайааччыта өссө биир интэриэһинэй сонуннаах. Ол курдук, быйыл социальнай суолталаах таһаҕаһы Арктикаҕа аан бастаан Хотугу муора суолунан илдьибиттэр. Астрахантан Черскэйгэ диэри хортуоппуйу, фруктаны суудунанан аҕалтарбыттара аадырыһыгар диэри сытыйбакка-ымыйбакка, бэрт түргэнник 45 хонугунан тиийбит. Ону тэҥэ тимир суолунан Аллараа Бэстээххэ диэри тиэйэллэринээҕэр чэпчэки (депонациятын эҥин төлөөһүнэ, атын төлөбүрдэрэ) буолан тахсыбыт. Бу олох үөрэтиллэр боппуруос буолсу быһыылаах.
Дьокутаат Владимир Богданов эмиэ Арктикаҕа ыскылаат суоҕа харгыстыырын, бэл, 1963 с. тутуллубут сарайдары туһаналларын бэлиэтээтэ. Уонна биир кыһалҕалаах боппуруоһу таарыйда. Халымаҕа анаан-минээн килиэбинэн хааччыллыыны үөрэппиттэр, онно килиэби астыыр тэриллэр 90 быр. эргэрбиттэрэ бэлиэтэммит. Онон килиэбэ суох олорон хаалыахтарын сөп. Итинэн сибээстээн, килиэбинэн хайа министиэристибэ дьарыктанарын туоһуласта. Кини этэринэн, Нижнеянскайга суудуна тиийэригэр 50 быр. эрэ тиэнэн киириэхтээх, тоҕо диэтэххэ, Дьааҥы өрүскэ ирдэниллэр дириҥэтии хааччыллыбатах. Уус Куйгаҕа бэрт эрэйинэн тиийэн, депонацияҕа хараллар. Туһанааччыга 9 ыйынан тиийэр буоллаҕына, “Якутоптторг” тэрилтэҕэ кирэдьиит биир сылга эрэ бэриллэр. Тутуллубут эргиэн-логистика кииннэрин ыскылааттарын аһынан-үөлүнэн толоруохха, кураанах туруо суохтаах буоллаҕа. Онуоха үп-харчы кэмигэр быһаарыллыахтаах. Бэл, “Полярные авиалинии” хампаанньаны кытта, холобура, “күөх рейстэри” тиэйиини эрдэттэн былаанныырга үбэ суох кыаллыбат боппуруос эбит.
“Арктика суоллара” 2014 с. тэриллэн үлэлиир. Тиэхиньикэнэн хааччыллыбыттар эрээри, хоту дойдуга үлэлииргэ каадырдар тиийбэттэр. Инникитин үөрэххэ ылар хампаанньа кэмигэр бу каадыр тиийбэтинэн үлэлэһиэхтэрин сөп быһыылаах. Муус хойутаан туруута кыһыҥҥы суолу арыйыыны тардар, онон кыһыҥҥы суолу туһаныы кэмэ аччыыра бэлиэтэннэ.
Биир эрэ кырааннаах Индигир…
Тустаах тиэмэни сырдатарга өссө тугу этиэххэ сөбүй? Индигиргэ биир эрэ кыраан (уста сылдьар) Абыйга баар. Ол кыраан алдьанар түгэнигэр ыаллыы Аллайыаха аһа, табаара суох хаалар туруктанар. Таарыйа эттэххэ, улуус киинигэр Чокуурдаахха биричээл тутуллуон наада.
Эбээн Бытантай баһылыга Гаврил Горохов эрэдээксийэҕэ элбэх үрүйэлэрдээх сири хоту кыайбаккын, онон систэр үрдүлэрин тутуһан суол оҥоруохха сөп диир. Онуоха Тиксиигэ сылдьан маннык оҥоһуллубут суоллар баалларын көрбүтүгэр олоҕурар. “Тополинайтан Суордаахха (Дьааҥы) диэри суол кэлиэхтээх диэн былаанныыллар. Суордаахтан – Дулҕалаахха, Дулҕалаахтан Эбээн-Бытантай Дьарҕаалааҕар тиийиэххэ сөп. Саккырыыртан Кустуурга диэри былыргы табаһыттар суоллара баар, 60-с сылларга тыраахтарынан манан сылдьаллара. Салгыы Кустуур – Сайдыы – Оһохтоох. Оччоҕо Уус Куйганы кытта паромунан сылдьыахха сөп. Оптовай бааза Уус Куйгаҕа сүөкэнэр түгэнигэр 5 улууска (Эбээн Бытантай, Булуҥ, Усуйаана, Дьааҥы, Аллайыаха) кыһыҥҥы өттүгэр бу суол олус туһалаах буолуоҕа. Оччоҕо тоҕо Баатаҕайга эргийэн барыахтарай? Быһа бардахха, 5 улуус абыранар кыахтаахтар. Аны иккис барыл – Сайдыыга көннөрү бааза тэрийдэххэ, Эбээн-Бытантай, Булуҥ, Дьааҥы туһаныа этилэр. Аллайыаха уонна Нижнеянскай кыһыҥҥы суол баар кэмигэр итинтэн таһыахтарын сөп”, – диир Гаврил Гаврильевич.
Саха сирин айылҕата, суолун-ииһин уустуга таһаҕаһы уонна уматыгы-оттугу тиэрдиини 1-1,5 сыл урутаан илдьиини ирдиирин “төгүрүк остуол” кыттыылаахтара бэлиэтээтилэр. Дьүүллэһиигэ Сахамин Афанасьев, Елена Голомарева, Игорь Григорьев, Андрей Находкин, Иван Данилов, Татьяна Егорова көхтөөхтүк кытыннылар.
Түмүккэ судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарын кытта өрөспүүбүлүкэҕэ хоту таһаҕаһы тиэйии инфраструктуратын саҥардан оҥорууга судаарыстыба өйөбүлүнэн туһаныыны тэрийэргэ салгыы үлэлииргэ, “Яна” массыына суолун Тополинай сэлиэнньэтиттэн Нижнеянскай бөһүөлэгэр диэри федеральнай инвестбырагырааманан тутууга РФ Бырабыыталыстыбата кыттыгас үбүлүүрүгэр этилиннэ. Өлүөнэ бассейныгар дириҥэтэр үлэни ыытарга, 2030 сылга диэри 11 аэропуорду саҥардан оҥорууга Магистральнай инфарструктураны саҥардыыга уонна кэҥэтиигэ кэлимсэ былааҥҥа киллэрэргэ сүбэлэннэ.
Хаартыскаҕа Василий КОНОНОВ түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: