Астрологтар этэллэринэн

Share

Маннык эмиэ этэллэр эбит. Биһиги дьылҕабыт зодиакпыт бэлиэтиттэн эрэ буолбакка, нэдиэлэ ханнык күнүгэр төрөөбүппүтүттэн эмиэ тутулуктаах диэн.

Нэдиэлэ бастакы күнэ — Ый күнэ. Бу күн төрөөбүт оҕолор ый курдук хаппырыыстар, уоскулаҥы билбэттэр. Ый күнүгэр төрөөбүт дьахтар — үчүгэй ийэ, алаһа дьиэ дьиҥнээх хаһаайката.

Нэдиэлэ иккис күнэ — Марс күнэ. Бу күн төрөөбүттэр эрчимнээхтэр, тулуурдаахтар, ол эрээри ыгым соҕустар.

Нэдиэлэ үһүс күнэ — Меркурий күнэ. Билиигэ-көрүүгэ дьулуурдаахтар, сайаҕастар, олоҕу таптыыллар. Сатабыллаахтар, табыллымтыалар, эрэллээх доҕоттор уонна болҕомтону сатаан тардаллар.

Нэдиэлэ төрдүс күнэ — Юпитер күнэ. Бу планета күүстээх өйү-санааны, иһирэх дууһаны, эппиэтинэстээх буолууну биэрэр. Бу күн төрөөбүт дьахтары дьиэҕэ олордубаккын, кини уопсастыбаҕа, дьиэ кэргэнигэр лиидэр.

Нэдиэлэ бэһис күнэ — Венера күнэ. Бу күн төрөөбүттэр ил-эйэ, кэрэ аргыстаахтар. Венера бэйэтин оҕолоругар муҥура суох айар кыаҕы биэрэр, аҥаардастыы таптааһын эрэйиттэн харыстыыр.

Нэдиэлэ алтыс күнэ — Сатурн күнэ. Бу күн философтар, соҕотохсуйууну сөбүлүүр дьон төрүүллэр. Дьахтарга бу соччо табыгаһа суох күн.  Сатурн кыргыттара таптыыр киһилэригэр  олус үрдүк ирдэбиллээхтэр.

Нэдиэлэ сэттис күнэ — Күн күнэ. Бу күн төрөөбүттэр — дьоллоох дьон. Кинилэр тапталга дьоллоохтор, айар үлэлэрэ ситиһиилээх, эрчимнээхтэр, олоххо олус дьулуурдаахтар.

Ол гынан баран, дьылҕабыт бэйэбит илиибитигэр буоларын умнумуоҕуҥ. Олоҕу таптааҥ, дьоҥҥутун харыстааҥ. Барыта этэҥҥэ буолуо.

«Саха ыалын халандаара,

«Бичик» кинигэ кыһата, 2007 с.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago