“Атах тэпсэн олорон кэпсэтии курдук көдьүүстээх”

Муус устар 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев “Быһа лииньийэҕэ” кытынна. Ол туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтыгар СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) сиргэ сыһыаннаһыыга, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Михайлович Находкин санаатын маннык үллэһиннэ:
— Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев сыл аайы Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) Анал этиитин оҥорор. Оттон бу “Быһа лииньийэтин” ону салҕааһын курдук көрөбүн. Ол курдук, “Быһа лииньийэҕэ” туох оҥоһуллубутун чопчулаата, ыытыллыбыт үлэни тэҥнээн көрөргө кыаҕы биэрдэ. Бу биэрии көрүҥэ үчүгэй, нэһилиэнньэни кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтии курдук. Дьон күннээҕи кыһалҕаларын, быһаарыллыахтаах боппуруостарын туруорустулар. Айсен Сергеевич буолаары турар Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаан, түмэн этиитин бары сэргээтилэр. Саха сирэ бу уустук кэмҥэ үлэни-хамнаһы сөпкө тэрийэрэ үчүгэй. Элбэх эрэгийиэн ортотугар Саха сирэ Уһук Илин ФУо демографияҕа инники сылдьар, дьиэни тутууга элбэх дьиэни үлэҕэ киллэрдэ, таас чох, кыһыл көмүс хостооһунугар дойдуга инникибит… Эрэгийиэн аайы тутуллубат Онкология киинэ, Сүрэх-тымыр ыарыытын эмтиир киин үлэҕэ киирбиттэрэ да элбэҕи кэрэһилиир. Дьокуускай куорат 400 сылын көрсө үбүлүөй буолуо 7 сыл иннинэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйаахха илии баттаата. Ил Түмэҥҥэ үлэлии сылдьар кэмитиэппэр сыһыаннаан эттэхпинэ, сөбүлэһиилэргэ илии баттаһан, “Таас Юрях нефтегазодобыча”, “Полюс Алдан”, “Газпром, “Норд Голд” курдук 40 тахса сир баайын туһанааччылар социальнай эбэһээтэлистибэлэрин быһыытынан Саха сиригэр көмөлөһөллөр. Ону Ил Дархан этиититтэн иһиттибит.
Айсен Николаев икки улахан хайысхаҕа хоруй биэрдэ. Ол курдук, Өлүөнэ күргэтэ тохтообокко үбүлэнэ турарын эттэ. Үбүлээһин баарын бэлиэтээтэ. Иккиһинэн, олохтоох бэйэни салайыныы сокуонугар бэйэтин тус көрүүтүн үллэһиннэ. Икки таһымнаах олохтоох бэйэни салайыныыны хаалларарга диэтэ. Ону тэҥэ үгүс тутууга үп-харчы тиийбэт үһү диэҥҥэ туочука туруорда. Онон кини этиититтэн үп баар буоларын, ылыммыт былаан туоларыгар кыах баарын биллибит. Дьон бары интэриэһиргиир Эпос уонна искусство киинэ 20-40 сылга инники кэскиллээх киин буолуохтааҕын ыйда. Бу “Быһа лииньийэ” кэмигэр киирбит үгүс ыйытыыларга тустаахтарга хоруйдар тиийиэхтэрэ дии саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: